Тас дойдулары кытары үлэ чопчуланна

Тас дойдулары кытары үлэ чопчуланна

07.12.2023, 11:00
РФ Бэрэсидьиэнин пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:

Дойдубут Аҕа баһылыга Владимир Путин бу нэдиэлэҕэ тас дойдулары кытары сыһыаҥҥа эмиэ биир баттаамалаах этиилэри оҥордо. Бу күннэргэ кини Арассыыйаҕа саҥа кэлбит тас дойдулар посолларын кытары көрсөн, кинилэртэн итэҕэйии грамоталарын (верительные грамоты) тутта.

КИИРИИ ТЫЛ ОРДУК СУОЛТАЛААХ

Итэҕэйии грамотата диэн тугуй уонна туох сыал­лаах оҥоһулларый диэтэххэ, бу докумуон тас дойду баһылыгын аатыттан туттарыллар. Посол буолбут киһиэхэ судаарыстыба баһылыга толору итэҕэйэрин уонна кини этиитин тас дойду баһылыгар тылыттан тылыгар тириэрдэригэр сорудахтыыр докумуона. Бу, дьиҥэр, сонун көстүү буолбатах. Арассыыйаҕа хас сылын аайы бу маннык тэрээһин ыытыллар. Үгэс курдук, манна бэрэсидьиэн Арассыыйа атын судаарыстыбалары кытары билиҥҥи сыһыанын уонна бииргэ үлэлэһиитин туһунан санаатын этэр. Быйыл Арассыыйаҕа 21 саҥа посол кэллэ. Ол курдук, Бурунди, Эфиопия, Казахстан, Мали, Соҕуруу Кэриэйэ, Гамбия, Германия, Сингапур, Швеция, Словения, Люксембург, Пакистан, Алжир, Кувейт, Мавритания, Турция, Великобритания, Хотугу Ирландия, Туркменистан, Греция, Доминикана саҥа посолланнылар.
Владимир Путин көрсүһүүгэ киирии тылыгар, бастатан туран, Арассыыйа аан дойду бэлиитикэтигэр ылар оруолун туһунан иһитиннэрдэ. Ол курдук, кэлэр сылга БРИКС саҥа састаабынан үлэлиэҕин, бу түмсүүгэ уонна Тутулуга суох судаарыстыбалар түмсүүлэригэр эһиил Арассыыйа бэ­­рэссэдээтэллиэҕин бэлиэтээтэ. Санатан этиим, быйыл БРИКС түмсүүтүгэр Аргентина, Египет, Иран, Холбоһуктаах Араб Эмираттара, Саудовскай Аравия уонна Эфиопия киирбиттэрэ. Эһиил тохсунньу
1 күнүттэн бу дойдулар түмсүү туох баар үлэтигэр толору кыттыһыахтаахтар. Ону таһынан, Владимир Путин Евразиятааҕы экэниэмикэ сойууһугар, Дойдуларга куттал суох буолуутун дуогабарын түмсүүтүгэр, Шанхайдааҕы бииргэ үлэлэһии түмсүүтүгэр ураты болҕомтотун уурарын эттэ.
– Төһө да сорохтор утаралларын иһин, аан дойду бэлиитикэтигэр Арассыыйа актыыбынай кыттыыны ылар. Эһиил БРИКС саҥа састаабынан үлэлиэҕэ. Арассыыйа бу саҥа састаабынан үлэлиир түмсүүгэ бастакынан бэрэссэдээтэллиир чиэскэ тигистэ. Ону таһынан Тутулуга суох судаарыстыбалар түмсүүлэригэр Арассыыйа эһиил эмиэ бэ­­рэссэдээтэллиэҕэ. Бу түмсүүлэри таһынан Евразиятааҕы экэниэмикэ со­­йууһугар, Дойдуларга куттал суох буолуутун дуогабарын түмсүүтүгэр, Шанхайдааҕы бииргэ үлэлэһии түмсүүтүгэр ураты болҕомтобутун ­ууруохпут. Манна даҕатан этиэх тус­таахпын, Шанхайдааҕы бииргэ үлэлэһии түмсүүтүгэр Индия, Пакистан, Иран холбоһуохтарыттан Евразия дойдуларыгар биир ситим олохтонно. Бу ситим аан дойду бэлиитикэтигэр эмиэ биир улахан оруолу ылар, – диэн иһитиннэрдэ кини.
Тас дойдулар бэчээттэрэ Владимир Путин бу этиитин иннэ-бүргэс үрдүгэр ылыммыттара чахчы. Ол кини бу күннэргэ Холбоһуктаах Араб Эмираттарыгар, Саудовскай Аравияҕа командировкатын туһунан сытыы ырытыылары таһаарбыттарыттан да көстөр. Ол эрээри сорохтор бу сырыыны Владимир Путин аан дойдуга сабыдыала улаатан эрэрин көрдөрөр диэн суруйаллар. Холобур, “Bloomberg” Америка сонунун ааҕыныстыбата “төһө да АХШ уонна Европа бопсо сатаабыттарын иһин, Путин бу командировката кини тас дойдуларга тахсар кыахтаммытын көрдөрөр”, “Путин Персия хомотун дойдуларын кытары сыһыанын бөҕөргөтөр кэмигэр, Америка Украинаны салгыы өйүүрэ өссө боппуруоска турар” диэн суруйар. Манна даҕатан этиим, сэтинньигэ Кытай премьер-миниистирэ Си Цзиньпин Арассыыйа БРИКС түмсүүтүгэр бэрэссэдээтэллиирин толору өйүүрүн уонна дойдубут ыытар үлэтигэр кыттыһыаҕын туһунан иһитиннэрбитэ. Онон сылыктаатахха, аҕыйах сылынан аан дойду бэлиитикэтигэр билигин баһылаан-көһүлээн олорор улахан түмсүүлэр кэнники кэккэҕэ хаалар чинчилээхтэр.

“ДОЙДУЛАРЫ КЫТАРЫ ҮЛЭЛЭҺИИБИТИН БӨҔӨРГӨТҮӨХПҮТ”

Владимир Путин Арас­сыыйаҕа саҥа посолламмыт 21 судаарыстыба туһунан санаатын эппититтэн аҕыйаҕы аҕалан холобурдуум. Бу сүүрбэ биир дойду иһигэр билигин биир ситимнээхтик үлэлэһэ олорор судаарыстыбаларбыт, ону сэргэ аҕыйах сылтан бэттэх иэдэс биэрэ сылдьар дойдуларбыт кытары бааллар.
Бурундига, Эфиопияҕа, Малига сыһыаран “Арассыыйа-Африка” бииргэ үлэлэһиилэрин туһунан аҕынна.
– Бурунди Өрөспүү­бүлүкэтин бэрэсидьиэнин кытары биһиги “Арассыыйа-Африка” саммитыгар бииргэ үлэлэһиигэ дуогабар баттаспыппыт. Бу дойдуну кытары доруобуйа харыстабылыгар бииргэ үлэлэһэ олоробут. Ол курдук, Бужумбур куоракка түргэнник тарҕанар ыарыылары үөрэтэр киин аһыллыбыта, ону сэргэ Арассыыйаттан экспресс-диагностиканы оҥорор көһө сылдьар лаборатория тиийбитэ. Оттон Эфиопия – бу биһиги Африка континеныгар уруккуттан бииргэ үлэлэһэ олорор судаарыстыбабыт буолар. Быйыл Арассыыйаҕа дойду премьер-миниистирэ кэлэн барбыта. Быйыл бу дойду БРИКС састаабыгар киирдэ. Онон үлэлэһиибитин өссө күүһүрдүөхпүт. Мали Өрөспүүбүлүкэтин туһунан эттэххэ, бу дойдуга Арассыыйа бэйэтин көмөтүн ыытарын тохтотуо суоҕа. Соторутааҕыта Малига бурдук баартыйата тиийбитэ. Манна даҕатан эттэххэ, билигин көмө быһыытынан Арассыыйа бурдуга өссө алта дойдуга тии­йиэхтээх. Сорох суудуналар номнуо тиийдилэр, сорохтор муораҕа сылдьаллар, – диэн иһитиннэрдэ.
Соҕуруу Кэриэйэ туһунан этэригэр Владимир Путин билигин бу дойдуну кытары сыһыан кытаатан турарын бэлиэтээтэ уонна салгыы бииргэ үлэлэһии Соҕуруу Кэриэйэттан бэйэтиттэн тутулуктааҕын эттэ.
– Арассыыйа уонна Кэриэйэ Өрөспүүбүлүкэтин сыһыаннара, хомойуох иһин, билигин соччо үчүгэй буолбатахтар. Аҕыйах сыллааҕыта биһиги дойдуларбыт икки өттүттэн биир ситимнээхтик үлэлэһэ олорбуттара, ордук экэниэмикэ өттүгэр. Бу сыһыаны төннөрүү Соҕуруу Кэриэйэ салалтатыттан быһаччы тутулуктаах. Биһиги үлэлэһэргэ бэлэммит, – диэн эттэ.
Оттон Германияны кытары сыһыаҥҥа: “Германияны кытары биһиги дойдубут дьыалабыай бииргэ үлэлэһиини олохтообута үйэ аҥаарыттан орто. Бу үлэлэһии хайа да өттүттэн икки судаарыстыбаҕа, өссө ону ааһан Европаҕа, үтүөнү эрэ аҕалбыта. Ордук энэргиэтикэ өттүгэр барыс­таах этэ. Уонтан тахса сыл устата Арассыыйа Германияны гааһынан, ньиэбинэн, о.д.а. сырьенан хааччыйа олорбута. Онтубутун сотон кэбистилэр. Ол иһигэр “Хотугу гаас ситимигэр” араллааны таһааран. Бу билиҥҥи сыһыан биһиэхэ да, Германияҕа да туох да үчүгэйи аҕалбат. Буолаары буолан, ордук Германияҕа ночооттоох. Арассыыйа билигин биир таһымҥа олоҕурбут бириинсибинэн үлэлэһэргэ бэлэм. Бу икки дойдуга эрэ буолбакка бүтүн Европаҕа улахан суолталаах”, – диэн иһитиннэрдэ.
Оттон Швеция туһунан этэригэр Владимир Путин: “Хомойуох иһин, билигин Швецияны кытары туох баар үлэбит барыта тохтообутун бэлиэтиибин. Биллэн турар, хас биирдии судаарыстыба дойдутун көмүскэнэр суолун бэйэтэ хайынар. Ол эрээри Стокгольм икки үйэ тухары үлэлэһэн кэлбит байыаннай дьыалаҕа кыттыспат буолуутун бэлиитикэтиттэн аккаастаммыта үгүс боппуруоһу таһаарар”, – диэн эттэ.
Ол оннугар Арассыыйа Турцияны кытары сыһыана хаһааҥҥытааҕар да тупсубутун бэлиэтээтэ.
– Билигин Арассыыйа уонна Турция Өрөспүүбүлүкэтин сыһыаннара хаһааҥҥытаа­ҕар да үрдүк таһымҥа та­ҕыс­та диэн көрөбүн. Манна ордук энэргиэтикэ өттүгэр бииргэ үлэлэһиибит күүһүрбүтүн бэ­­лиэтиир тоҕоостоох. “Росатом” Турцияҕа бастакы атомнай электростанцияны тутуутун тохтообокко ыыта турар. Гаас эйгэтигэр эмиэ үлэлэһиибит кэҥиир. Итини таһынан атын да эйгэлэргэ бырайыактары киллэрэр санаалаахпыт, ол иһигэр атыыга-тутууга, үрдүкү технологияҕа, – диэн иһитиннэрэр Владимир Владимирович.
Бэрэсидьиэн ити курдук хас биирдии дойду туһунан са­­наатын эттэ. Манна киһи биири бэлиэтиэн сөп: устуо­руйа көрдөрөрүнэн үйэлэр алтыһыыларыгар аан дойду үрдүнэн улахан уларыйыылар буолаллар, бу уларыйыыларга хайа дойду инники күөҥҥэ тахсара, хайа судаарыстыба кэнники кэккэҕэ хаалара улахан суолталаах.

#путин

+1
3
+1
1
+1
0
+1
2
+1
1
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
11 декабря
  • -41°C
  • Ощущается: -48°Влажность: 66% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: