Татарстааҥҥа төрүт тылы харыстыырга ураты үлэ ыытыллар
Татарстааны уонна Саха сирин туох ситимниирий? Бастакытанан, биллэн турар, түүр төрүттээх буоламмыт тылбыт-өспүт, сурукпут-бичикпит, иккиһинэн, култуурабыт, үгэстэрбит майгынныыллара саарбахтаммат. Оттон үйэ аннараа өттүгэр төрүттэммит саастыы өрөспүүбүлүкэлэр билиҥҥи олохторо-дьаһахтара хайдаҕый? Ханна уонна туохха ситиһии, хаалыы баарый?
Бу санааҕа олоҕуран, бырааттыы норуоппут өрөспүүбүлүкэтигэр оробуочай сырыы кэмигэр төрүт тылы үөрэтиигэ уонна харыстыырга туох үлэ ыытылларын ыйыталастым, биллим-көрдүм.
Төрүт тылларынан бары саҥараллар
Соһуйуоххут, ол эрээри бу өрөспүүбүлүкэҕэ сылдьыбыт сэттэ күнүм устата биирдэ даҕаны «татаардыы өйдөөбөппүн» диир киһини көрсүбэтим. Манна оҕо эрдэхтэриттэн төрүт тылларын билэ улааталларыгар бэлиитикэҕэ үлэ күүскэ ыытыллыбыт. Уһуйааннарга, оскуолаларга хайа омук оҕото сылдьарыттан, үөрэнэриттэн тутулуга суох аҕыйах да чаас буоллун, татаар тылын үөрэтэллэр эбит. Онон манна олохсуйбут атын омук оҕолоро татаар тылынан көҥүллүк саҥарбаталлар даҕаны, үчүгэйдик өйдүүллэр, наадаларын быһаарсаллар, тылы ытыктыыллар.
Бу суруйбут тылларбын туоһулаан, Казань куоракка баар тыллары дириҥэтэн үөрэтэр «Адымнар» («Хардыылар» диэн тылбаастанар эбит) диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи оскуолаҕа сырыттым. Манна татаар, нуучча тылларын таһынан английскай тылы үөрэтэллэр. Ахсыс кылаастарга биология уруога буола турарыгар түбэстим, маныаха бу биридимиэт учуутала тиэмэни оҕолорго туох даҕаны уустуга суох английскайдыы үөрэтэ, быһаара турарын көрөн олус соһуйдум. Оскуола дириэктэрэ Айдар Шамсутдинов көрүдүөргэ сынньалаҥҥа сылдьар оҕолортон үс тылынан тугу гына сылдьалларын, хайдах үөрэнэллэрин, эбии тугу дьарыктаналларын ыйытта. Иккис кылааска үөрэнэр кыргыттар утары лоп бааччы дириэктэр ыйытыытыгар хоруйдаатылар.
Сылын аайы «Адымнар» оскуолаҕа оҕолоругар төрүт тылы, омук тылларын дириҥэтэн үөрэттэр баҕалаах төрөппүт элбээн иһэрин дириэктэр эттэ.
«Кинигэ» араадьыйа үлэлиир
Татарстаҥҥа «Татмедиа» судаарыстыбаннай таһаарыылар медиа-холдиннарын иһинэн хас даҕаны араадьыйа ханаала үлэлиир. Кыра саастаах оҕоҕо анаан ханаалтан саҕалаан улахан дьон интэриэстэринэн араас хабааннаах долгуннары татаардар сөбүлээн истэллэр эбит.
Манна биир ураты долгуну бэлиэтээн ааһыахпын баҕарабын — «Китап» араадьыйаны. “Китап” диэн татаардыы кинигэ диэн тылбаастанар. Онон бу ханаалга сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри төрүт тылларынан уус-уран айымньылары ааҕан иһитиннэрэллэр. Айаҥҥа, дьиэ иһигэр-таһыгар үлэлии сылдьан истэргэ оһуобай буолбат дуо? Остуоруйалартан саҕалаан бу соторутааҕыта суруллубут арамааннарга тиийэ ааҕаллар эбит. «Дьон интэриэһиргиир, төлөпүөҥҥэ сыһыарыынан истэллэр», — диэн «Китап» араадьыйа үлэһиттэрэ кэпсээтилэр.
Татарстаан өрөспүүбүлүкэтин туһунан өссө интэриэһинэй чахчылары «Саха сирэ» хаһыат чэппиэрдээҕи нүөмэригэр ааҕаарыҥ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: