Татарстаантан биэс чахчы
Татарстааны уонна Саха сирин туох ситимниирий? Бастакытынан, биллэн турар, түүр төрүттээх буоламмыт, тылбыт-өспүт, сурукпут-бичикпит, иккиһинэн, култуурабыт, үгэстэрбит майгынныыллара саарбахтаммат. Оттон үйэ анараа өттүгэр төрүттэммит саастыы өрөспүүбүлүкэлэр билиҥҥи олохторо-дьаһахтара хайдаҕый? Ханна уонна туохха ситиһии, хаалыы баарый?
Бу санааҕа олоҕуран, бырааттыы норуоппут өрөспүүбүлүкэтигэр аҕыйах күҥҥэ сылдьыбыт айаммыттан саха дьонугар интэриэһинэй буолуох айылаах аҕыйах чахчыны бэлиэтээбиппин үллэстиим.
ТАТААР АТЫНАН – БАРНАУЛГА
Татарстаан Өрөспүүбүлүкэтин бэрэсидьиэнэ Рустам Минниханов сорудаҕын толорор сыалтан Тыа хаһаайыстыбатыгар уонна оҥорон таһаарыыга министиэристибэ татаар боруодалаах атынан айаны былааннаабыт. Маныаха биһиги сылгыһыт Дугуйдан Винокуровпыт тэлбит суола холобурга турбутун сылгы иитиитинэн отуттан тахса сыл дьарыктаммыт Татарстаан Тюлячи оройуонун олохтооҕо, 300 төбө сылгыны тутар, татаар атын боруодатын, сүүрүүк аттары анаан иитэр, көрөр-истэр Сагит Гиниятуллин иһитиннэрдэ. Кини бу бырайыакка кыттаары толкуйдана сылдьар эбит.
Ол гынан, татаар боруодатын киэҥ сиргэ иһитиннэрэр, тарҕатар, ат успуордун өрө тутар, төрүт үгэстэри харыстыыр сыаллаах айанньыттар Татарстаан Өрөспүүбүлүкэтиттэн Башкортостаанынан, Челябинскай, Курганскай, Тюменскай, Омскай уонна Новосибирскай уобаластарынан эргийэн Алтайскай кыраай Барнаул куоратыгар тиийиэхтээхтэр диэн сорук турар. Бэлиэтээн суруйдахха, манна биир эрэ сылгыһыт айаннаабат, оройуоннартан сылгыһыттар мустан барыахтаахтар.
Татаар атынан айан кэлэр 2023 сыл бэс ыйын 16 күнүттэн атырдьах ыйын 30 күнүгэр буолара диэн былааннанар. Айанньыттар хамнаһынан, хонор сиринэн, аһынан-үөлүнэн уонна туох баар ирдэнэр малынан-салынан хааччыллыахтара диэн тустаах министиэристибэ эрэннэрэр эбит.
БАННЕРА СУОХ КИИН КУОРАТ
Казаньҥа биир даҕаны дьиэ эркинигэр реклама, бырааһынньык суруктаах, ойуулаах баннер тардыллан турбатын бэлиэтии көрдүбүт. Бэл, аҕыйах хонуктааҕыта манна фигурнай хаҥкылааһыҥҥа Арассыыйаҕа Гран-при түһүмэҕэ буолан ааспытын туоһулуур биир даҕаны сурук-бичик, ойуу-дьарҕаа суох. Биһиги киин куораппытыгар туох эбит тэрээһин буоллаҕына, маннык баннердар сылы сыллаан туралларын ааһан, хас даҕаны сылы быһа туруохтарын сөп. Норуоттар икки ардыларынааҕы интеллектуальнай оонньуулар, «Азия оҕолоро» спортивнай оонньуулар баннердара билигин даҕаны Дьокуускайбыт араас муннугар ыйанан илдьирийэн, салыбыраан турарын куорат олохтоохторо соһуйа көрбөт буолбуттара ыраатта.
Оттон Татарстааҥҥа баннер оннугар электроннай щиттэри хото тутталлар эбит. Араас тэрээһин, кэнсиэр, быыстапка, күрэхтэһии буоларын туһунан, атыы-тутуу рекламата барыта онно көстөр. Бу куорат тупсаҕай көстүүтүн өссө тупсарар, сырдатар. Саха сирин тыйыс тымныытыгар оннук барсыбата буолуо дии саныыргыт буолуо да, аҕыйах да буоллар, биһиги куораппытыгар бу долгун эмиэ кэлэн эрэр.
Казаньҥа син эргэрбит көстүүлээх дьиэлэр эркиннэригэр мураллар уруһуйдаммыттарын бэйэбит киин куораппыт уратытыгар майгынната санаатым.
БАЙБАРА, ТҮБҮТҮӨЙКЭ УОННА ИЧИГИ
Бырааттыы норуоппутугар национальнай таҥас-сап култуурата биһигиттэн арыый намыһах дуу дии санаатым. Тоҕо диэтэххэ, татаардар национальнай таҥастарын, киэргэллэрин сатаан харыстаан хаалларбатахтар. Хаалларбатахтар диэн буолуо дуо, үйэ аайы саҥаны киллэрэн, олоҕурбут төрүт көстүүм быһыыта-таһаата кэм-кэрдии аастаҕын аайы уларыйан испит. Холобура, сүүс сыллааҕыта дьахтар ырбаахыта байбаралаах эбит буоллаҕына, билиҥҥи аныгы таҥастарыгар бу суох. Оттон биһиэхэ байбарата суох халадаай тигиллибэт.
Татарстаан биллэр дизайнера, иистэнньэҥ Лэйсан Хазиева кэпсээбитинэн, былыр төбөҕө кэтэр халпаактарын уһуна 60 сантимиэтиргэ тиийэ уһун үһү, оттон билигин бу мантан аҕыйах сантимиэтир эрэ хаалан, төбөҕө анал туттарыыта суох сатаан иҥнибэт, сутурук саҕа эрэ бэргэһэ буолан хаалбыт.
Оттон билигин күннээҕи олоххо эр дьон түбүтүөйкэни, дьахталлар тирииттэн оҥоһуллубут “ичиги” диэн соппуосканы, түүппүлэни кэтэ сылдьаллара көрүөхтэн кэрэ.
ТАТААРДАР БУЛТААБАТТАР
Татарстаан Өрөспүүбүлүкэтин үгүс олохтооҕо (татаардар уонна башкирдар) ислам итэҕэллээх. Бу итэҕэлгэ бэриниилээхтэрэ төрүт астарыгар-үөллэригэр эмиэ ырылыччы көстөр. Кинилэр бэйэлэрэ ииппит кыылларын эрэ аска тутталлар эбит, онон баай астаах сандалыларыгар тыа кыылыттан, өрүс балыгыттан биир даҕаны ас суох.
Остуол уйарынан ынах, сылгы, бараан, кус-хаас этиттэн ас дэлэччи. Биһиги курдук эти мииннииллэрин таһынан, бурдук астарыгар эмиэ хото тутталлар эбит. Эчпочмак, бэлиш, перемяч, элеш уо.д.а. астарыгар эти араастаан туустаан-тумалаан тиэстэҕэ суулууллар. Итиэннэ оҕуруот аһын, фруктаны, эриэхэни хас аһылык аайы сииллэрин умнубаттар.
Биллэн турар, аатырбыт чак-чактарын арааһа, хобуорастара туохха да тэҥнэммэт минньигэс. Бэл, чак-чак мусуойа баарыгар туристар даҕаны, олохтоохтор даҕаны сөбүлээн сылдьаллара ону туоһулуур. Төрүт аска сүгүрүйүүлэрин бэлиэтинэн куорат ортотугар эчпочмакка (эт уонна хортуоппуй начыыннаах үс муннук быһыылаах бурдук ас) өйдөбүнньүк туруорбуттара көрүөххэ астык!
Өссө биири бэлиэтээн суруйуохпун баҕарабын. Татарстааҥҥа оҥоһуллубут ас-үөл сыаната кэлии астан удамыр эбит. Холобура, 400 г бэлимиэн сыаната 69,99 солкуобайга, суорат 67 солкуобайга, 10 устуука сымыыт 62 солкуобайга тэҥнэһэр! Оттон биһиэхэ бу ас сыаната төһөнүй?
ОҔОЛОР ФАСТФУД СИЭБЭТТЭР
Казань дойдубут үһүс киин куоратынан ааттанар, онон биллэн турар, маҕаһыын, франшиза арааһа дэлэй. Аатырбыт «КFC», «Burger King» уо.д.а. оҕо аймаҕы умсугутар фастфуд атыылыыр сир хардыы аайы баарын кэриэтэ. Ол эрээри, татаар оҕолоро бэйэлэрин куукуналарын аһын быдан ордороллор эбит. Ол төрүөтүнэн кинилэр күннээҕи аһылыктарыгар татаар куукунатын аһын-үөлүн куруук сии сылдьаллара буолар. Лапсалаах эт миинин, эчпочмагы, кыстыбыйы нэдиэлэҕэ хаста даҕаны астыыр хаһаайкалар бааллар диэн олохтоохтор киэн тутталлар.
Кистэл буолбатах, Саха сиригэр төрүт аспытын улахан бырааһынньыктарга эрэ астанабыт. Биитэр, күннээҕи аһылыкка алаадьы оҥоһулуннаҕына, хаан, харта бустаҕына, бырааһынньык буолбутун кэриэтэ саныыбыт.
Оттон Татарстааҥҥа «ТатМак» диэн төрүт аһы атыылыыр туочука оҕо, ыччат сөбүлээн сылдьар сиригэр кубулуйбута быданнаабыт. Бу тэрилтэ татаар үгэскэ кубулуйбут аһын-үөлүн саҥардан, аныгытытан атыылыыр. Онон оҕо төрөөбүт күнэ буоллун, улахан дьон бырааһынньыга буоллун, мантан удамыр сыанаҕа дьиэлэригэр сакаастыыллар эбит. Оттон Саха сиригэр удамыр сыанаҕа уонна оҕо сөбүлээн сиир астара диэн пицца, гамбургер, фри-хортуоппуй атыылаһан, оҕо төрөөбүт күнүн бэлиэтиир муода буолбута ыраатта.
Хата, ол оннугар Саха сиригэр төрүт аһы сөбүгэр сыанаҕа дьиэҕэ тиэрдэн биэрэр өҥөнү тэрийдэххэ, кафе арыйдахха, төрүт аһы киэҥник тарҕатарга улахан хардыы буолуон сөп эбит дии санаатым.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: