Татарстан — 1001 дуоһуйууну бэлэхтиир дойду

Татарстан — 1001 дуоһуйууну бэлэхтиир дойду

08.06.2024, 14:00
Хаартыска: Ааптар түһэриилэрэ
Бөлөххө киир:

Авиахампаанньа араас хайысхаҕа ыытар дириҥ ис хоһоонноох үлэтин кэҥэтэр соруктаах «Северный Ветер» ХЭУо Саха сирин уонна Татарстан Өрөспүүбүлүкэтин икки ардыларыгар быһа көтүүнү олохтоото.

Быһа көтүү муус устар 28 күнүттэн үлэтин саҕалаабыта. 189 миэстэлээх тупсаҕай «ВС Боинг 737–800» сөмөлүөт нэдиэлэҕэ иккитэ көтөр. Биллэн турар, Казань уонна Дьокуускай куораттар ыкса сибээстэрэ дойдуга туризм сайдыытыгар төһүү өйөбүлүнэн буолара саарбаҕа суох. Саха сирин олохтоохторо Казань куоракка күүлэйдии кэлэ сылдьан, салгыы Шереметьево, Пулково, Сочи, Минеральные Воды уонна Махачкала аэропортарыгар көтөр сөмөлүөттэр өҥөлөрүнэн туһаныахтарын сөп. Онон Татарстаҥҥа туристары тардыыга бу авиахампаанньа сүҥкэн өҥөлөөҕүн Саха сириттэн пресс-туурга кыттыбыт айар куттаах дьон бэйэбит илэ көрөн-истэн итэҕэйдибит.

«Северный Ветер» аан дойдуну ситимниир

«Северный Ветер» ХЭУо салалтата Саха сирин олохтоохторугар «Дьокуускай — Казань — Дьокуускай» быһа көтүү туһунан сырдатар соруктаах Татарстан Өрөспүүбүлүкэтин Туризмҥа судаарыстыбаннай кэмитиэтин кытта холбоһон, ыам ыйын 30 күнүттэн бэс ыйын 2 күнүгэр диэри Саха сирин суруналыыстара, блогердара уонна туроператордара састааптаах пресс-туур тэрийдилэр. СӨ Урбаан, эргиэн уонна туризм сайдыытын министиэристибэтин иһинэн үлэлиир Территориальнай маркетиҥҥа туризм сайдыытын ааҕыныстыбата өрөспүүбүлүкэ иһитиннэрэр-биллэрэр ситимнэриттэн бу тиэмэҕэ анаан ылсан үлэлиир суруналыыстартан уонна блогердартан айар үлэһиттэр бөлөхтөрүн тэрийбитэ. Пресс-туур кыттыылаахтарын айаннарын, олорор сирдэрин, экскурсияларын бырагырааматын төлөбүрүн Татарстан Өрөспүүбүлүкэтин Туризмҥа судаарыстыбаннай кэмитиэтэ уйунна.

«Северный ветер» авиахампаанньа гражданскай пассажирдары тиэйиигэ дойду үрдүнэн 6‑с миэстэҕэ сылдьар Арассыыйаҕа биир бөдөҥ авиахампаанньа буолар. Арассыыйа 20‑тэн тахса киин куоратыгар көтүүлэри оҥорор. Онон туристар хас да куораты холбоон, биир сырыы оҥорон айанныылларын туроператордар иһитиннэрдилэр. Ол курдук, Казань куораттан саҕалаан, Сочига, Дагестааҥҥа тиийэ туристыы барыахха сөп. Онон «Северный Ветер» ХЭУо дойду куораттарын ситимниир авиахампаанньанан буолар.

10 киһилээх бөлөх — туристары тардыы ньымата

Татарстан Өрөспүү-бүлүкэтин Туризмҥа судаарыстыбаннай кэмитиэтэ INSTID хампаанньаны кытта ыалдьытымсах буолуу сонун көрүҥүн толкуйдаабыттар. Ол түмүгэр «Татарстан: 1001 удовольствие» диэн туристическай бренд-айан үөскээбит. Бу атын туристскай туһаайыылартан олох атын, ураты көрүҥ эбит. Туристары тардыы ньымата олус боростуой — 10 киһилээх бөлөҕү туризм кэмитиэтиттэн сыһыарыллыбыт уопуттаах анал үлэһит өрөспүүбүлүкэни дорҕоонноохтук ааттатар туристическэй эбийиэктэрдээх куораттарынан арыаллыыр уонна аара айан устата Татарстан туһунан билиһиннэрэр, кэпсиир. Сороҕор туристарын түмэл үлэһиттэригэр, анал экскурсоводтарга “туттарар”. Биллэн турар, бу 10 киһилээх бөлөх ураты болҕомтоҕо сылдьар. Бу бренд-айаны толкуйдааһыҥҥа Татарстан Өрөспүүбүлүкэтигэр туризмы сайыннарыыга үлэлиир бөдөҥ хампаанньалар үлэлээбиттэр. Айан 4 күҥҥэ суоттаммыт. Онно Татарстантан Аан дойдутааҕы ЮНЕСКО нэһилиэстибэтигэр киирбит 4 эбийиэги билиһиннэрии — сүрүн сорук. Аны Казанскай Кириэмил — Татарстан сүрүн “визиткэтэ”. Бу дойдуга үктэммит киһи бу туристическай комплексы көрбөтөҕүнэ, Татарстаҥҥа сылдьыбатаҕын да курдук буолар. Бу турист суруллубатах сокуона.

Былыргы Болгар куоракка баар 5 сулустаах Kol Gali спа-отель — Татарстан биир бастыҥ киэн туттуута. Свияжск арыыга киһи аҕыйах чаас иһигэр киинэҕэ уһулла сылдьар курдук сананан, бу арыы былыргы олоҕор сылдьар дьикти турукка киирэр. Татарстаҥҥа сылдьан кэлбит түөрт күммүн турист быһыытынан, кылгастык быһаардахха, итинник сыаналаатым. Биллэн турар, хаһыат биир балаһатыгар бу сырыыны барытын сиһилии кэпсээбэккин.

Хаартыска: Ааптар түһэриилэрэ

Сырдатыы — дьоһун күүс уонна өйөбүл

Суруналыыс быһыытынан биир олус суолталаах түгэҥҥэ тохтуом этэ. Татарстан Өрөспүүбүлүкэтин Туризмҥа судаарыстыбаннай кэмитиэтэ туристары угуйар сыалтан суруналыыстар уонна блогердар бөлөхтөрүн хото үбүлээн, пресс-туурдары тэрийэр эбит. Онон, ханна суруналыыс аймаҕы кытта доҕордоһоллор да, биллэн турар, сырдатыы күүһэ бэйэтин дьыалатын бэртээхэйдик оҥорор эбит — былырыын Татарстаҥҥа 3 мөлүйүөн 900 тыһыынча  турист кэлэн барбыт.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -25°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: