Татарстаҥҥа тылларыгар болҕомтону уураллара харахха быраҕыллар

Share

Татарстан Өрөспүүбүлүкэтин «Северный ветер» авиахампаанньата гражданскай пассажирдары тиэйиигэ дойду үрдүнэн 6‑с миэстэҕэ сылдьар Арассыыйаҕа биир бөдөҥ авиахампаанньа буолар.

Арассыыйа 20‑тэн тахса киин куоратыгар көтүүлэри оҥорор. Онон туристар хас да куораты холбоон, биир сырыы оҥорон айанныылларын туроператордар иһитиннэрдилэр. Ол курдук, Казань куораттан саҕалаан, Сочига, Дагестааҥҥа тиийэ туристыы барыахха сөп. Онон «Северный Ветер» ХЭУо дойду куораттарын ситимниир авиахампаанньанан буолар. Саха сирин олохтоохторо Казань куоракка күүлэйдии кэлэ сылдьан, салгыы Шереметьево, Пулково, Сочи, Минеральные Воды уонна Махачкала аэропортарыгар көтөр сөмөлүөттэр өҥөлөрүнэн туһаныахтарын сөп.

Бу күннэргэ Саха сирин суруналыыстарын,  блогердарын уонна туроператордарын 10 киһилээх бөлөҕө Татарстан Өрөспүүбүлүкэтигэр баран кэллибит. Сүрүн сорукпут — Саха сирин олохтоохторугар Татарстаҥҥа тугу көрбүппүтүн-истибиппитин тиэрдии, туристары бу үтүөкэннээх сиргэ угуйуу. Онон, бастатан туран,  туристары тардыыга «Северный ветер» авиахампаанньа сүҥкэн өҥөлөөҕүн Саха сириттэн пресс-туурга кыттыбыт айар куттаах дьон бэйэбит илэ көрөн-истэн итэҕэйдибит.

… Сөмөлүөккэ киирэн, олохпутун булан олорооппутун кытта, сөмөлүөт хамандыыра  татардыы, нууччалыы, английскайдыы тылынан эҕэрдэлии көрүстэ.

Татарстаҥҥа баран иһэр буолан, татардыы тылы истэр үчүгэйэ диэн. Хайдах эрэ бу дойдуга тута убаастабыл үөскээтэ. Ол эрээри, мин үөрэнэн хаалбыппынан, сөмөлүөккэ киирээт «бортовой» дэнэр сурунаалы көрдөөтүм. Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр улуустарга  көтөр сөмөлүөттэргэ  тиийэ оннук сурунаал, өссө сибиэһэй хаһыат толору буолаааччы. Мин бэйэм «Саха сирэ» хаһыаппын ол тахсыбыт күнүгэр кытта хаста да түбэһэн ааҕан турабын. Ол «бортовой» сурунааллар Саха сирин туһунан бэрт элбэх сонуннаах, иһитиннэриилээх, сырдатыылаах буолан, оннооҕор олохтоохтор сөмөлүөттэн элбэх билбэппитин билэн тахсааччыбыт. Оттон Саха сирин кытта саҥа билсэр дьоҥҥо туһата сүҥкэн буоллаҕа. Татарстан курдук туристар уйаламмыт дойдуларын туһунан итинник сурпунааллартан элбэҕи билиэхпит хааллаҕа. Быһа түһэн эрдэлээн эттэхпинэ, Татарстан Өрөспүүбүлүкэтин туризмҥа судаарыстыбыннай кэмитиэтин салайааччыта Сергей Иванову кытта көрсүһүүбүтүгэр бу боппуроһу анаан көтөҕөн, санаабын эппитим. Онуоха салайааччы бэркэ сэргээн истибитэ уонна хайаан да ити боппуруоска үлэлэһиэхпит диэн эрэннэрбитэ.

Татарстан аэропордугар биһигини «Кыстыбый» диэн татаардар национальнай астарын аатынан кыракый аһыыр аһаҕас хоско киллэрэн, чэйдэтэ түстүлэр.

Онно мин тус бэйэм истиэнэлэрин сэргии көрдүм. Манна чаастатык туттуллар татаардыы тыллар тылбаастарын суруйбуттар.  Чэйдии олорон, тылы кытта билсэ оҕустахпыт ити. Аэропорт вокзалыгар татаар тылын тылбааһа биир көстүүлээх сиргэ турара — бэрт холобур.

Аны чэй биэрбит кумааҕы чааскылара эмиэ олус иитэр-үөрэтэр суолталааҕын бэлиэтии көрдүм.

Татаардыы тылынан кырдьаҕас төрөппүттэргэр убаастабыллаахтык сыһыаннас диэн өйдөбүллээх.

Дьэ, ити курдук, олус боростуой эрээри, дириҥ ис хоһоонноох киһи туһанар өрүттэрин суруналыыс кыраҕы хараҕынан элбэҕи бэлиэтии көрдүм. Ол ону сиһилии билиһиннэрэн иһиэм.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Сылгы эмиһин хайдах быһаарабытый?

Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Усуйаана улууһугар икки киһи сүппүт

Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан  иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…

3 часа ago