Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр алта буруйу оҥоруу бэлиэтэннэ диэн СӨ дьуһуурунай борокуруора иһитиннэрэр.
Горнай уонна Өлүөхүмэ улуустарыгар киһи доруобуйатын улаханнык эчэттилэр. Быһылааннар тула бэрэбиэркэ ыытыллар.
Дьокуускай икки олохтооҕо түөкүттэр угаайыларыгар киирэн биэрдэ. Хоромньу уопсай суумата — 500 тыһ. солк. Итиэннэ киин куоракка наркотигынан эргиммиттэрэ билиннэ. Суукка иһигэр тоҕус итирик туруктаах суоппары туттулар.
Таатта улууһугар матасыыкылынан оҕону түҥнэри көттүлэр. Оҕону оройоуннааҕы балыыһаҕа киллэрдилэр. Эрдэ иһитиннэрбиттэриэнэн, Харбалаахха үс саастаах оҕону түҥнэри көппүттэрэ. Оҕо куомаҕа киирбит. Буруйдаах быһылаан миэстэтиттэн куоппут.
Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьа сэлиэнньэтигэр оскуола-саад үлэҕэ киирдэ. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай эбийиэк аһылынна.…
Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ Биир кэлим эксээмэни туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын дьокутааттар бөлөхтөрө…
Амма улууһун Михайловка сэлиэнньэтигэр Норуот айымньытын дьиэтэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай…
Ленскэй оройуонунааҕы ИДьМ дьуһуурунай чааһыгар маркетплейс бэрэстэбиитэлиттэн сайабылыанньа киирбит. Инвентаризация кэмигэр табаары биэрэр пуунтан 300…
Оҕуруоту, сибэккини олордууга сүбэлэр Сүрүннээн тохсунньуттан үүнээйини олордуу саҕаланар. Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет ойуур комплексыгар…
Дьокуускайдааҕы ИДьМ салаатыгар дьахтар балыыһаҕа сылдьан тас таҥаһын уордарбытын туһунан иһитиннэрбит. Бу туһунан СӨ ИДьМ…