Салгыы
Татьяна Баишева мас-рестлиҥҥэ аан дойду абсолютнай чөмпүйэнээтигэр кыттыаҕа

Татьяна Баишева мас-рестлиҥҥэ аан дойду абсолютнай чөмпүйэнээтигэр кыттыаҕа

13.04.2023, 14:54
Хаартысканы: Л.Плотникова ыытта.
Бөлөххө киир:

Бүгүн Саха сирин олохтоохторо үөрүүлээх сонуну иһиттибит. Ол курдук, Татьяна Баишева ыраах Бразилияҕа мас-рестлиҥҥэ аан дойду абсолютнай чөмпүйэнээтигэр кытта көттө.

Татьяна Баишева туһунан Физическэй култуура уонна успуорт институтун 5 кууруһугар үөрэнэр, СӨ успуордун  маастара Лия Плотникова маннык кэпсээтэ:

— Мин Татьянаны 2021 сылтан билэбин. Кинилиин атырдьах ыйыгар Южно-Сахалинскайга Арассыыйа абсолютнай чөмпүйэнээтигэр күрэхтэһэ барбыппыт. Онно сылдьан чугастык билсибиппит. Киһи быһыытынан үтүө, сымнаҕас майгылаах  кыыс, чугас дьонун, доҕотторун өрүү өйүүр, өйдүүр.  Айылҕаттан күүстээх диир эмиэ, баҕар, сыыһа буолуо. Ол эрээри Таня  кыра эрдэҕиттэн дьарыктанан, этин-сиинин сыралаах үлэтинэн, дьарыгынан успуорка бэлэм оҥорбута.  Утарсааччыларыгар ытыктабыллаахтык сыһыаннаһар, кимиэхэ да куһаҕаны баҕарбат. Күрэххэ сылдьан мин ыйааһыным кыра буолан, сүбэ-ама бөҕө биэрбитэ. Хас күрэхтэһэ барбыт сирбитигэр сирин-уотун, айылҕаны аhата сылдьыбыта. Бастаан соһуйбутум, эдэр оҕо диэтэххэ сирин-уотун саныы сылдьарыттан. Ити барыта дьиэ кэргэҥҥэ иитиититтэн буоллаҕа. Ийэлээх аҕата үчүгэйдик ииппиттэр эбит дии санаабытым. Түгэнинэн туһанан Татьянаҕа ситиһиини баҕарабын.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
22 ноября
  • -32°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 75% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: