Татьяна Каппарова: «Баайыы — киһини сынньатар, угуйар дьарык»
Таатта Ытык Күөлүгэр талааннаах Татьяна Семеновна Каппарова олорор. Мин бу сахалыы куттаах саха мааны ыалыгар оскуола сааспыттан сылдьабын. Анаан ыалдьыттыы да киирбэтэрбин, дойдулаан иһэн, суолга хаайтардахпына хайаан да чээйдээн, сэлэһэн, ирэ-хоро кэпсэтэн ааһабын.
Эдьиий Таанньа итии үүттээх чэйэ уонна араас кэрэ оҥоһуктарын, мунньубут кэллиэксийэтин көрөн, мин эмиэ тугу эрэ айыах-тутуох, мунньуох санаам киирээччи. Үчүгэй тардылыктаах диэн итини этэр буоллахтара. Кини кэмпиэт суутун, уруучука арааһын мунньар. Маны сэргэ кини дьэрэкээн сабынан сабыылары, салпыаккалары баайар. Бу ааспыт сайын охсуллан ааһарбар: «Уля, сапкын илдьэ кэлээр, эйиэхэ эмиэ баайыам», — диэбитэ.
Оттон бүгүн кинини кытта төлөпүөн нөҥүө ирэ-хоро кэпсэттим:
— Биһиги ону-маны мунньар, кэллиэксийэлиир дьон Тааттаҕа элбэхпит. Мин уруккуттан кэмпиэт, сакалаат суутун, ону сэргэ уруучука арааһын мунньабын. Ону таһынан биир сүрүн дьарыкпынан баайыы буолар. Бу киһини наһаа сынньатар, угуйар, умсугутуулаах дьарык буолар. Уһуйааннарга сылдьан оҕолорго, араас быыстапкаларга кыттан оҥоһуктарбын уонна кэллиэксийэбин бар дьоҥҥо көрдөрөбүн. «Баайыы абылаҥа” диэн куонкуруска кыттан “Дьэрэкээн уус баайааччы” аакка тиксибитим. Киһи тугу эрэ мунньар, илиитинэн бэйэтэ айан-тутан оҥорор буоллаҕына, олоххо интэриэстээх буолар эбит.
Мин Татьяна Семеновналыын сөпсөһөбүн. Киһи олоххо интэриэстээх, көхтөөх буоларыгар кэллиэксийэ уонна сөбүлүүр дьарык баара ордук. Оттон эн тугу мунньаҕын?
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: