Татьяна Кондратьевна Ядрихинская мемориальнай дуоската арылынна

Share

Бүгүн, алтынньы 15 күнүгэр, Т.К. Ядрихинская аатынан Намнааҕы социальнай-геронтологическай кииҥҥэ Татьяна Кондратьевна мемориальнай дуоскатын үөрүүлээх арыллыыта ыытылынна.

Тэрээһиҥҥэ социальнай-геронтологическай киин үлэһиттэрэ, иитиллээччилэрэ, Татьяна Кондратьевна аймахтара муһуннулар. Улуус дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Алексей Винокуров, улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Егор Протопопов, улуус бэтээрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Софья Кобякова, Намнааҕы социальнай-геронтологическай киин диириэктэрэ Инна Сивцева, Татьяна Ядрихинская аймаҕа, үлэ бэтэрээнэ Эльза Максимова тыл эттилэр.

Салгыы киин иһигэр киирэн Татьяна Кондратьевнаҕа анаммыт истиэндэни көрдүлэр, киин үлэтин-хамнаһын билсэн экскурсиялаатылар. Татьяна Кондратьевна олорбут олоҕо, кытаанах санаалаах, сынтарыйбат дьулуурдаах майгыта барыбытыгар холобур буолар. Бу кииҥҥэ кини уот сэриигэ сүтэрбит дьүөгэтэ Таня Монастырева аатынан уулусса кэлэр. Онон, дьүөгэлиилэр ааттара-суоллара тэҥник үйэтитиллэрэ хайҕабыллаах суол. Бу туһунан Нам улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата суруйар.

Нам улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата

Бэлиэтиир буоллахха, Намнааҕы социальнай-геронтологическай киин былырыын саҥа дьиэҕэ киирбитэ. СӨ Бырабыыталыстыбатын 1216-р №-дээх дьаһалынан бу кииҥҥэ Аҕа дойду Улуу сэриитин уонна Ленинград блокадатын кыттыылааҕа, Нам улууһун Бочуоттаах гражданина Ядрихинская Татьяна Кондратьевна аата иҥэриллибитэ. Устуоруйаны сэгэттэххэ, Аҕа дойду сэриитин кэмигэр блокада 1941 сыл балаҕан ыйын 8 күнүттэн саҕалаан барыта 872 түүннээх хонук устата буолбута. Нам улууһуттан Ленинградтааҕы Островскай аатынан театральнай институкка үөрэнэ сылдьар Татьяна Кондратьевна Ядрихинская уонна Татьяна Матвеевна Монастырева блокадаҕа түбэһэн, өстөөх атааннааһынын эттэринэн-хааннарынан билбиттэрэ. Хомойуох иһин, Татьяна Монастырева дойдутугар төннүбэтэҕэ. Татьяна Ядрихинская дойдутугар төннөн, алын сүһүөх оскуолаҕа сэбиэдиссэйинэн, бибилэтиэкэ сэбиэдиссэйинэн эҥкилэ суох үлэлээбитэ. Көхтөөх уопсастыбанньык быһыытынан биллэрэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бэйэбит дойдубут Ту-214 сөмөлүөтүн бэрэбиэркэлээн көтүттүлэр

Омук сиригэр кэмпилиэктэммит оҥоһуктарын барытын дойдубут киэнигэр уларытан баран, Ту-214 сөмөлүөтү бэрэбиэркэлээн көрүү саҕаланна, диэн…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Уулаах отон доруобуйаҕа туһата

Сэбирдэҕэр гликозид арбутин, виннай, яблочнай, лимоннай органическай кислоталар, С витамин, альдегид о.д.а. иҥэмтэлээх эттиктэр бааллар.…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга бастыҥ ювелирнай оҥоһуктар быыстапкалара аһылынна

 Бүгүн киин куоракка Казначейство саалатыгар “Саха сирин бастыҥ ювелирнай оҥоһуктара-2024” быыстапка аһылынна. Тэрээһин “Кыһын Саха…

3 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Таптал» испэктээги көрөн баран санааларым

Платон Алексеевич Ойуунускай аатынан Саха тыйаатыра 95 сыла туоларынан, алтынньы 17 күнүгэр Анемподист Иванович Софронов…

3 часа ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

9,8 мөл. солк. тахса суумалаах көмүһүнэн сокуоннайа суохтук эргиммиттэрэ биллибит

Мэҥэ Хаҥалас улууһун борокуратуурата Ростов уобалаһын уонна Хакасия Өрөспүүбүлүкэтин үс олохтооҕор холобунай дьыаланан буруйдааһын түмүгүн…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Москваҕа “Муравьёв-Амурскай 2030” бырагырааманы бүтэрээччилэр бастакы мунньахтара буолла

Тэрээһиҥҥэ Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарар министиэристибэ баһылыга Алексей Чекунков  кытынна. Көрсүһүү кэмигэр выпускниктар соруктарын,…

3 часа ago