Антонина Эверстова хаартыскаҕа түһэриитэ
«Цифровой алмаас” федеральнай пуорум чэрчитинэн өссө биир үөрүүлээх тэрээһин буолла.
Өлүөхүмэ улууһугар Тээнэҕэ уонна Бэс Күөлүгэр оптоволокно лиинийэтэ холбонно.
Былырыын «Цифровой алмаас» иккис пуорумугар Саха Өрөспүүбүлүкэтэ уонна Нордголд көмүс хостуур хампаанньа
Өлүөхүмэ улууһун икки кытыы сэлиэнньэтигэр Тээнэҕэ уонна Бэс Күөлүгэр сибээс оптоволоконнай лиинийэтин киллэрэр туһунан дуогабар түһэрсибиттэр.
«Бэрт кылгас болдьох иһигэр хампаанньа эппит тылыгар туран, бу ыраах нэһилиэктэргэ интэриниэт киирдэ»,- диэн туран, Ил Дархан Айсен Николаев, олохтоохтору күүтүүлээх-кэтэһиилээх күннэринэн эҕэрдэлээтэ.
Мантан антах Тээнэ, Бэс Күөл олохтоохторо куйаар ситиминэн чугас дьоннорун кытта билсэр, олоҕу кытта тэҥҥэ хаамар кыахтаннылар.
Ааптар хаартыскаларга түһэриитэ
Бүгүн социальнай ситимҥэ Үөһээ Бүлүү улууһугар оҕуруоттарыттан арбуз бөҕөтүн хомуйбут ыал хаартыскалара тарҕанна. Ол курдук…
Уруйдаана бүгүн үлэтиттэн арыый эрдэ бүтэн, аргыый аҕай дьиэтин диэки хааман истэ. Үлэ чааһа бүтэн,…
“Күһүн оҕуруот аһын кэнсиэрбэлээбиппит да иһин уурар сирбит суох” диэн элбэх киһи этэр. Умуһаҕа суох…
Күннэр кылгаан, түүннэр тымныйан, күһүн бастакы тыына билиннэ. «Булуҥ» МУП табаһыттарыгар эппиэтинэстээх кэм. МУП табалара…
Бу күннэргэ Өймөкөөн улууһугар айылҕа иэдээнин – халаан содулун туоратыы салгыы ыытыллар. "Өймөкөөҥҥө ардах уутуттан…
Сааһыары муус устарга хараҥаҕа тыраахтарынан мас состорон иһэр кыыс видеота социальнай ситимнэргэ тарҕаммытын көрөн, үгүс…