Салгыы
Төрдүс, бэһис… оҕоҕо Ийэ хапытаала бэриллэр буолла

Төрдүс, бэһис… оҕоҕо Ийэ хапытаала бэриллэр буолла

26.02.2025, 16:45
Хаартыска: Мария Васильева, СИА.
Бөлөххө киир:

Төрдүс уонна онтон кэлэр оҕо төрөөтөҕүнэ дьиэ кэргэттэр өрөспүүбүлүкэтээҕи Ийэ хапытаалын ылар кыахтаннылар. Олунньу 26 күнүгэр буолбут Ил Түмэн пленарнай мунньаҕар норуот дьокутааттара Ил Дархан көҕүлээһинин өйөөтүлэр.

«Элбэх көрсүһүүлэргэ элбэх оҕолоох төрөппүттэр төрдүс уонна онтон кэлэр оҕо төрөөтөҕүнэ, сударыстыбаттан чопчу көмө суох диэн боппуруоһу көтөҕөөччүлэр. Онон бу кыһалҕаны туоратарга быһаарыныы ылынныбыт. Төрдүс уонна онтон кэлэр оҕо төрөөтөҕүнэ, дьиэ кэргэттэр өрөспүүбүлүкэтээҕи Ийэ хапытаалын хат ылар кыахтаннылар, бүгүн Ил Түмэн бу боппуруоһу өйөөтө», — диэн Айсен Николаев эттэ.

Санатар буоллахха, өрөспүүбүлүкэтээҕи Ийэ хапытаалын суумата быйылгыттан икки төгүл үрдээн, 300 тыһыынча солкуобайга тэҥнэспитэ. Үһүс оҕо төрөөтөҕүнэ, эмиэ бэриллэр этэ. Билигин төрдүс, бэһис, алтыс, сэттис… оҕо төрөөтөҕүнэ, «Үйэ оҕолоро» өрөспүүбүлүкэтээҕи хапытаалы сэргэ, уопсай суумата 433 тыһыынча солкуобай бэриллэр буолла. Ол аата, хаһыс оҕо төрөөбүтүттэн тутулуга суох, саҥа төрөөбүт оҕо барыта ийэ хапытаалын ылар кыахтанна.

Өрөспүүбүлүкэтээҕи Ийэ хапытаалын дьайыытын кэҥэтэр туһунан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһаайбыт Анал этиитигэр, кылгас кэм иһигэр боппуруоһу быһааралларыгар эппитэ. 

+1
14
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
4 марта
  • -27°C
  • Ощущается: -27°Влажность: 69% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: