Төгүрүк остуол: Олохтоох эт сыаната тоҕо үрдүгүй? Сыана хонтуруолланар дуо? (онлайн)
Кэлии бородуукта олохтоох эттээҕэр, үүттээҕэр быдан чэпчэки. Онон куорат үгүс ыала Алтайтан, Бурятияттан кэлбит эти хото атыылаһар буолла. “Сайсары” бааһынай ырыынагар убаһа этин киилэтэ балтараа тыһыынчаҕа атыыланар. Уопсайынан эт сыаната хонтуруолланар дуо? Бу туһунан “Саха сирэ” хаһыат эрэдээксийэтэ сэтинньи 24 күнүгэр төгүрүк остуол ыытар.
Тэрээһиҥҥэ кыттыыны ылыахтара: СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ, Сыана бэлиитикэтин судаарыстыбаннай кэмитиэтэ, “Сайсары” ырыынак бэрэстэбиитэллэрэ, оҥорон таһаарааччылар уонна да атыттар.
Төгүрүк остуолу иилээн-саҕалаан ыытар “Саха сирэ” хаһыат кылаабынай эрэдээктэрэ Чокуур Николаевич Гаврильев.
“Төгүрүк остуол” сэтинньи 24 күнүгэр күнүс 15-00 чаастан sakha-sire.ru саайтка киирэн көрүөххүтүн, ыйытыыларгытын биэриэххитин сөп.
Ыйытыыларгытын бу нүөмэргэ ыытыҥ: 79644281145
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: