Быстах хомуурга ыҥырыллыбыт, баҕа өттүлэринэн кыттар дьону уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин өйүүр миэрэлэри кэпсэттилэр

Share

Бэҕэһээ Ил Түмэҥҥэ “Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр быстах хомуурга ыҥырыллыбыт, баҕа өттүлэринэн кыттар дьону уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин өйүүр миэрэлэр тустарынан” «төгүрүк остуол» тэрилиннэ. Билиҥҥи кэм тыын боппуруоһугар сүрүн иһитиннэриини  СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы, анал байыаннай эпэрээссийэ ыытылла турар сирдэригэр Саха Өрөспүүбүлүкэтиттэн кыттар дьону таҥаһынан-сабынан, тэрилинэн эбии хааччыйыыга суһал ыстаап бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Садовников оҥордо. 

“Төгүрүк остуол” кыттыылаахтара анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьааччылары хааччыйыы, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр хайдах көмөлөһөр, өйүүр туһунан санааларын атастастылар, баар кыһалҕаларга тохтоотулар. Быһа сибээскэ норуот дьокутаата, быстах хомуурга сылдьар Мичил Николаев бастакынан таҕыста. Билигин Хабаровскага баалларын, көтөөрү бэлэмнэнэллэрин кэпсээтэ. Кини этэринэн, ыаллыы Хабаровскай эҥин курдук эрэгийиэннэртэн сылдьааччылар Саха сириттэн тиийбиттэргэ дойдуларыттан көмөлөһөллөрүн иһин   ымсыыраллар эбит. Уонна биир дойдулаахтарын ыйытыыларын —  200 тыһ. солкуобай көмөнү хайдах биэрэллэрин туоһуласта. Маныаха Ольга Балабкина дьиэ кэргэҥҥэ бэриллэр көмө харчы быстах хомуурга сылдьар киһи дьиэ кэргэнин чилиэнин сайабылыанньатыгар олоҕуран бэриллэрин эттэ. Елена Голомарева Мичил Николаевка туһаайан: “Эн дьиҥнээх норуот дьокутаатаҕын, эйигинэн киэн туттабыт!”, — диэтэ уонна дойду бэрэсидьиэнин быстах хомууру биллэрэр туһунан ыйааҕа тахсыбыт балаҕан ыйын 21 күнүттэн Павел Ксенофонтов эҥин буолан, байаҥкамааттан арахсыбатахтарын кэпсээтэ. Кини госпиталларга сыһыаннаан “биир түннүгү” оҥорор кыах баарын туоһуласта. Дьокутааттарга  госпиталы кытта сибээстээх 5 ыйытыы киирбит.

“Төгүрүк остуолга” биир  ситиһии быһыытынан Елена Голомарева туруорсуутунан табаһыттар хомуурга ылыллыбат буолбуттарын ааттыахха сөп. Ол да буоллар, үс табаһыт бэйэтин баҕа өттүнэн барбыт.

Араас ыйытыылар киирдилэр. Холобура, Жатайтан Нина Щеголева чугас киһилэрэ ханна ыҥырыллан тиийбитин билэр кыахтара суоҕун эппитигэр СӨ Ил Дарханын уонна СӨ Бырабыыталыстыбатын Дьаһалтатын управлениетын салайааччыта А.В.Никифоров испииһэги “байыаннай учуот остуолун” нөҥүө билиэххэ сөп диэн сүбэлээтэ.

Тааттаттан Петр Захаров  быстах хомуурга барбыт дьон дьиэ кэргэттэригэр хомунаалынай өҥөлөргө 50 быр. чэпчэтиини өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр көрөргө, ону тэҥэ дьиэ кэргэҥҥэ көрүллэр биир кэмнээх көмөнү атын социальнай өйөбүллэртэн маппаттарын туһугар дохуот быһыытынан аахпаттарыгар этии киллэрдэ..

“Төгүрүк остуолу“ түмүктүүрүгэр СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев быстах хомуур куоталаһыы буолбатаҕын санатан туран, баартыйаларынан, улуустарынан эҥин хайдыспакка, бары бииргэ үлэлииргэ ыҥырда.

(“Төгүрүк остуол” туһунан сиһилии  хаһыат аныгыскы нүөмэригэр суруйуохпут)

Хаартыска: “Төгүрүк остуолга”   (Ил Түмэн саайтыттан)

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Буруйу оҥоруу 10 түбэлтэтэ бэлиэтэннэ

Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ буруйу оҥоруу 10 түбэлтэтэ бэлиэтэнэн, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар ылылынна. Ол курдук Нерюнгри…

11 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Маймаҕаҕа түөрт кыбартыыралаах дьиэ үлэҕэ киирдэ

Нам улууһун Маймаҕа нэһилиэгэр «Хаарбах уонна саахалланар туруктаах дьиэттэн дьону көһөрүү» бырагырааманан 4 кыбартыыралаах дьиэ…

30 минут ago
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

«Саҥа дьыл кэлэн иһэрин һунтаардар абытайдык биллэрдибит быһыылаах…»

Сунтаарга быйылгы хаар оҥоһуктарбыт уран ууһа бэрт ураты буочардаах, дьээбэ урамньылаах буолла... Бу умсугутуулаах урамньыны…

1 час ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Халымаҕа 69 саастаах киһи ахсынньы ортотуттан сибээскэ тахса илик

СӨ Быыһыыр сулууспата иһитиннэрбитинэн, Орто Халымаҕа 69 саастаах киһи сүппүт. Улуустааҕы биир кэлим диспетчерскэй сулууспаҕа…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн сорох сиринэн -18-23°С кыраадыс буолуоҕа

Бүгүн, ахсынньы 27 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ соҕуруу, соҕуруулуу-арҕаа өттүгэр сорох сиринэн хаар түһүөҕэ. Соҕуруу, соҕуруулуу-арҕаа уонна…

2 часа ago
  • Сонуннар

Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьатыгар оскуола-саад үлэҕэ киирдэ

Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьа сэлиэнньэтигэр оскуола-саад үлэҕэ киирдэ. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай эбийиэк аһылынна.…

14 часов ago