Арыгылааһыны аччатар сыалтан араас дьаһаллар, сокуоннар ылыллаллар даҕаны, күттүөннээх көдьүүһэ көстүбэт. Уонунан сыллар тухары арыгы атыытын кытары охсуһабыт, «сухой сокуон» да, «наливайкалары» тохтотуу да сокуоннара ылыллаллар, ол эрээри уларыйыы суох.
Санаа хоту буолбат
Нэһилиэнньэ, уопсастыбаннас туруорсуутунан норуот дьокутааттара (Ил Түмэн) арыгы атыытын, сымыйа кафелар, «наливайкалар» үлэлэрин хааччахтыыр сокуону ылыммыттара. Сокуон ирдэбилинэн, арыгы атыылыыр маҕаһыыннар, баардар уонна кафелар, санаабыт хоту олорор дьиэлэртэн, оҕо тэрилтэлэриттэн тэйдилэр, ол эрээри сабыллыбатылар, арай атын сирдэргэ көстүлэр.
Ил Түмэн дьокутааттара бу сокуон киирэн уопсастыбаннай аһыыр сирдэргэ итирдэр утахтары атыылааһын хонтуруолланыа, итинник сирдэргэ «арыгыһыттар мусталлара уонна буруйу оҥоруу аччыа» диэбиттэрэ, ол эрээри санаа хоту буолбата. Уопсастыбаннас биир кэмҥэ күүскэ хамсанан, Дьокуускай куорат дьаһалтата өйөөн, норуот дьокутааттара 1995 сыл ахсынньы 22 күнүнээҕи 171-ФЗ №-дээх «Этиловай испиири, итирдэр уонна испиирдээх бородууксуйаны оҥорон таһаарыыны уонна эргиниини уонна арыгы бородууксуйатын судаарыстыбаннай бэрээдэктээһин туһунан» Федеральнай сокуоҥҥа эбии хааччахтыыр сокуону ылыммыттара. Онон итирдэр утаҕы атыылааһын бириэмэтэ уонна быраабылата 2013 с. ахсынньы 5 күнүнээҕи 1248-З 51-V №-дээх «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр арыгыны оҥорон таһаарар бородууксуйаны эбии хааччахтааһыны, итирдэр утах биирдиилээн атыытын усулуобуйатын уонна миэстэтин олохтооһун туһунан» сокуонугар олоҕуран хааччахтааһын саҥа дьаһаллара киирэн тураллар. Арыгыны атыылааһыны хааччахтыыр сокуон олоххо киирдэ эрээри, төһө уларыйыы барда?
Көрдөрүү тупсубат
Ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускай куорат дьаһалтатын нэдиэлэтээҕи мунньаҕар арыгы атыытын олоххо киллэрии быраабылатын кэһии иһин
5 административнай боротокуол толоруллубутун иһитиннэрбиттэрэ. 105 лиитирэ итирдэр утах былдьаммыт. Уопсастыбаннай миэстэҕэ бэрээдэги кэһии иһин полицияҕа 306 киһи аҕалыллыбыт.
Бу сайын «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы оонньуулар буолалларынан сибээстээн, куорат баһылыга Евгений Григорьев бэс ыйын 25-тэн от ыйын 8 күнүгэр диэри арыгыны атыылааһыны бобон турар. Куораппыт кылгас кэмҥэ уулуссаҕа харчы, арыгы көрдөөн дьону сүгүн хаамтарбат аргыһыттартан, хаамаайылартан босхолоно сырытта.
Ол эрээри бобуу-хаайыы да, сорох маҕаһыыннары арыгы атыытыттан тохтоппото. Бу быстах кэмнээх хааччахтааһыннар кафеларга, баардарга уонна эрэстэрээннэргэ дьайбатылар, «наливайкалар» да сааҥсыйаҕа түбэспэтэхтэрэ. Ааһа баран итирдэр утахтары киэһэ 20:00 чаас кэннэ кытары атыылаан, сокуону кэспиттэрэ. ИДьМ Саха сиринээҕи салалтата иһитиннэрбитинэн, Дьокуускай куоракка бу икки нэдиэлэ хааччахтааһын кэмигэр биирдиилээн арыгыны атыылааһын сокуонун кэһэн 115 лиитирэ итирдэр утах былдьаммыт.
Буруйу оҥоруу – арыгыттан
Бу саас СӨ ис дьыалаҕа миниистирин солбуйааччы Владимир Климов Ил Түмэн мунньаҕар норуот дьокутааттарын иннигэр «2023 сылга Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ис дьыала уорганнарын үлэтин-хамнаһын туһунан» отчуоттууругар «наливайкалары» хааччахтыыр туһунан сокуон олоххо киирбитэ кэрэхсэбиллээҕин эппитэ. Ол гынан баран, арыгылааһынтан тахсар буруйу оҥоруу элбээн иһэрин бэлиэтээбитэ.
Мэлдьи буоларын курдук, буруйу оҥоруу биир сүрүн төрүөтүнэн арыгылааһын буолар. Ол курдук, киһини өлөрүү уонна ыарахан эт-хаан эчэйиитигэр тиэрдии барыта кэриэтэ итирик сылдьан оҥоһуллар. Төһө даҕаны арыгылааһыны хааччахтааһын баарын үрдүнэн, Саха сиригэр буруйу оҥорууга дойду үрдүнэн уон саамай мөлтөх көрдөрүүлээх эрэгийиэннэр истэригэр сылдьарын ис дьыалаҕа миниистири солбуйааччы бэлиэтээн турар. Онон быйыл олоххо киирбит сокуон көдьүүһэ билиҥҥитэ көстө илик диэххэ сөп.
Ааспыт 2023 сылга ИДьМ чахчытынан, Саха сиригэр итирик туруктаах сылдьан 947 буруйу оҥоруу тахсыбыта, уопсастыбаннай сиргэ арыгыны иһии иһин 2000-тэн тахса боротокуол толоруллубута бэлиэтэммитэ.
Биисинэс дуу, уопсастыбаннас дуу?
Бу сайын Ил Түмэн дьокутааттара пиибэ атыытын бэрээдэктиир сокуон барылын бастакы ааҕыыга ылыммыттара. Пиибэ атыылааһынын туһунан сокуон кэлэр сыл кулун турар ыйыгар олоххо киириэхтээх. Эспиэрдэр пиибэ итирдэр утахтар ахсааннарыгар киирэн хааччахтааһыны олохтооһун биир өттүнэн атыылааһыны бэрээдэктиэ, ол эрээри, биисинэскэ охсуо диэн сыаналыыллар. Биисинэс – ол аата нолуок.
Аны туран сокуон барылыгар «ирдэбиллэри барытын толорор буоллаҕына», арыгыны атыылааһыҥҥа көҥүлү биэрии диэн баар. Бу эмиэ арыый өйдөммөт курдук, ким ирдэбили кэһэн тураммын арыгы атыылыыр сири аһыаҕым диэҕэй, биллэн турар, бастакы көрүүгэ барытын толоруо. Итиннэ норуот дьокутаата Виктор Федоров уопсастыбаннас ирдэбилинэн салайтарыахтаахпыт диэн этиитэ сөптөөх, онон сокуон барыла өссө даҕаны ырытыллан оҥоһуллуон наада курдук. Дьокутаат этэринэн, ханнык баҕарар сымыйа кафе ресторан ааттанан үлэлиэн уонна арыгы атыытын хааччахтыыр 22:00 чаас кэннэ атыылыан сөп, ону ким даҕаны хонтуруоллуур кыаҕа суох. Онон, кини этэринэн, ити боппуруоска урбаанньыттары кытары үлэлэһиэххэ наада.
Этэр эттэҕинэ, кырдьык, оннук курдук, төһө даҕаны хааччахтыыр дьаһаллары ылыммыппыт иһин, ситэтэ суох буоллаҕына, туһата кыра буолуо. Иккис өттүнэн урбаанньыттары, биисинэһи хааччахтааһын диэн этэллэр. Бу икки нэдиэлэлээх бобуу кэмигэр үлэлэрэ тохтообут урбаанньыттар «бырааптара» кэһиллибитин суукка үҥүстүлэр.
Түмүк оннугар
Аан дойду устуоруйата көрдөрөрүнэн, Арассыыйаҕа даҕаны, арҕаа дойдуларга даҕаны арыгыны атыылааһыны хааччахтааһын, «сухой сокуону» киллэрээһин үчүгэйгэ тиэрдибэтэҕэ. Төттөрүтүн бобуу-хаайыы арыгы атыытын ырыынагын күлүк өттө сайдарыгар тиэрдибитэ, хаачыстыбата суох бородууксуйаны элбэппитэ. Биһиэхэ даҕаны билигин оннук хартыына үөскээтэ. Арыгы атыытын хаһан даҕаны олох бобор кыаллыбат. Арыгыны биисинэс оҥостубут дьон син биир сокуону тумнар быыс-хайаҕас булуохтара.
Ол иһин дьон өйүнэн-санаатынан итирдэр утахтары испэт буоларын ситиһиллиэхтээх. Уулуссаҕа итирэн баран сылдьар хаамаайы дьону этэ да барыллыбат. Үгүс дьон бырааһынньыктарга эрэ иһэбит дииллэр, ол эрээри манна ылан көрдөххө, биһиги күн аайы бырааһынньыктаахпыт, сахалар оһуоба, сайыны быһа ыһыахтыырбытын аахпакка даҕаны туран. Ол аайы арыгы, итирдэр утахтар остуол күндү «астарынан» буолаллар. Аны билигин төрүт аспыт – быыппахпыт кытары уохтанан атыыланара хааччахтанар буолла.
Иккиһинэн, судаарыстыба уопсастыбаны дуу, биисинэһи дуу, хайаларын интэриэһин көмүскүөхтээҕин быһаарыахтаах. Сокуону кэһии уонна албын-көлдьүн суолунан итирдэр утахтары атыылааһын иһин кытаанах накаастабыл олохтонуохтаах.
Үсүһүнэн, эти-сиини чэбдигирдии, чөл олоҕу тутуһуу бэлиитикэтэ күүскэ барыахтаах. Онуоха эти-хааны сайыннарар саалалар элбиэхтээхтэр уонна баҕалааҕы барытын хабар буолуохтаахтар. Маассабай успуорт диэн элбэхтик этэбит эрээри, успуорт саалаларга төлөбүрүн уйунар эрэ дьон сылдьар. Итинник тэрээһиннэр кылгас кэмҥэ уонна сезонунан эрэ ыытыллаллар. Дьарыктаах, олоххо интэриэстээх киһи арыгыны сырса сылдьыбата чахчы. Онон биһиги инникитин чөл өйдөөх, доруобай, чэгиэн эттээх-сииннээх ыччаты иитэн таһаарыахпытын баҕарар буоллахпытына, арыгыны эрэ хааччахтаабакка, атын суолу эмиэ көрүөхпүтүн наада.
Амма улууһун Михайловка сэлиэнньэтигэр Норуот айымньытын дьиэтэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай…
Ленскэй оройуонунааҕы ИДьМ дьуһуурунай чааһыгар маркетплейс бэрэстэбиитэлиттэн сайабылыанньа киирбит. Инвентаризация кэмигэр табаары биэрэр пуунтан 300…
Оҕуруоту, сибэккини олордууга сүбэлэр Сүрүннээн тохсунньуттан үүнээйини олордуу саҕаланар. Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет ойуур комплексыгар…
Дьокуускайдааҕы ИДьМ салаатыгар дьахтар балыыһаҕа сылдьан тас таҥаһын уордарбытын туһунан иһитиннэрбит. Бу туһунан СӨ ИДьМ…
Суруналыыстар байыаннай дьайыыттан саҕалаан Ил Дархан Тымныы Оҕонньору хас сааһыгар диэри кэтэспитин ыйыттылар. Айсен Николаев…
Ил Дархан Айсен Николаев 12 саастаах Амелия Новикова суругун тутан, кыысчаан улахан баҕа санаатын толорбутун…