Төхтүр баһаарынайа ууга түспүт дьахтары быыһаабыт
Мэҥэ Хаҥалас улууһун Төхтүр нэһилиэгин Баһаарынай чааһын начаалынньыга Николай Васильев Боторууска диэн күөлгэ түспүт дьахтары быыһаата диэн СӨ баһаары утары судаарыстыбаннай сулууспатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Балаҕан ыйын 10 күнүгэр Николай Васильев суотабай төлөпүөнүгэр эрийэн, аҕам саастаах дьахтар ууга түспүтүн, сатаан тахсыбатаҕын иһитиннэрбиттэр. Бу сири чопчу билэр буолан, Николай бэйэтин массыынатынан онно айаннаабыт.
Күөлгэ кэлээт, кини ууга ыстаммыт. Номнуо өйүн сүтэрбит дьахтары ууттан таһааран, бастакы көмөнү оҥорбут. Дьахтар өйүгэр кэлэн, быраастар балыыһаҕа илдьэ барбыттар. Кэлин дьахтары Майаҕа «суһал көмө» массыынатынан илдьибиттэр.
«Бу түбэлтэ баһаарынай сулууспа үлэһиттэрэ баһаары умуруоралларын эрэ буолбакка, ханнык баҕарар ыксаллаах быһыыга-майгыга көмөҕө кэлэргэ бэлэмнэрин өссө төгүл көрдөрөр», — диэн иһитиннэриигэ бэлиэтээн суруллар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: