Төхтүр орто оскуолатыгар “Дзюдо оскуолата” бырайыак үлэлээтэ

Share

Бэҕэһээ, алтынньы 25 күнүгэр, И.М. Романов аатынан Төхтүр орто оскуолатыгар өрөспүүбүлүкэҕэ биир бастакынан Бүтүн Арассыыйатааҕы «Дзюдо оскуолата» бырайыак үлэтин саҕалыыр үөрүүлээх күнэ буолла.

Бырайыак сүрүн сыала — оскуола оҕолорун дзюдо көрүҥэр үөрэтиигэ уонна кэнчээри ыччаты дойдуга бэриниилээх буолууга туһуланар, эт-хаан, өй-санаа өттүнэн иитии буолар.

Тэрээһин үөрүүлээх чааһыгар Арассыыйаҕа дзюдо Федерациятын вице-бэрэсидьиэнэ Валентин Хабиров эҕэрдэ ыыппытын иһиттилэр, СӨ Тутууга миниистирэ, өрөспүүбүлүкэҕэ дзюдо Федерациятын салайааччыта Виктор Романов, улуус баһылыга Дмитрий Тихонов, Ил Түмэн дьокутаата Андрей Находкин, улуустааҕы үөрэҕирии салалтатын салайааччыта Гаврил Толстяков, нэһилиэк баһылыгын солбуйааччы Петр Куркутов, оскуола дириэктэрэ Николай Романов эҕэрдэ тылларын эттилэр, кэлэктиипкэ, оҕолорго үрдүк ситиһиилэри баҕаран туран бэлэхтэри туттардылар.

«Оҕолор кэлбит ыалдьыттарга маастар-кылаас көрдөрдүлэр. Күн бүгүн 36 оҕо СӨ үөрэҕириитин туйгуна Валерий  Герасимов салайыытынан дьарыктаналлар. Кинилэртэн 19 иитиллээччи оскуола интэринээтигэр олорор. Үөрэнээччилэр бүгүҥҥү күҥҥэ кэккэ ситиһиилэрин кэпсээтилэр, инники былааннарын кытта үллэһиннилэр.  Оҕолорго баҕарыахпыт этэ күүстээх дьарыгы, кыайыыны-хотууну, үрдүк ситиһиилэри!», — диэн Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата суруйар.
What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

27 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

37 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Сылгы эмиһин хайдах быһаарабытый?

Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…

52 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Усуйаана улууһугар икки киһи сүппүт

Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан  иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…

57 минут ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Доҕордуу көрсүһүүгэ икки хамаанда күөн көрүстэ

Уус Алдан улууһугар Тиит Арыыга 16 сылын доҕордуу көрсүһүү үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылынна. Манна Тиит Арыыттан…

1 час ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Тускул: «Кэлэр нэдиэлэттэн улахан сылыйыы буолуоҕа»

Бу күннэргэ дойду бары сиригэр-уотугар өтөрүнэн бэлиэтэммэтэх сылыйыы буола турарын туһунан Арассыыйа Гидромет киинин научнай дириэктэрэ…

2 часа ago