Төлөбүр харчыны дьиэ кэргэнэ ылыан сөп дуо?
«Российская газета» хаһыакка РФ Оборуонаҕа министиэристибэтин үгүс ыйытыыларга хоруйа таҕыста. Олортон биир ыйытыыга хоруйу ааҕыҥ.
РФ Оборуонаҕа министиэристибэтэ быстах хомуурга ыҥырыллыбыт гражданнарга ханнык төлөбүрдэр көрүллэллэрин уонна нолуокка уо.д.а. сыһыаннаах боппуруостары сырдатта. Арассыыйа Оборуонаҕа министиэристибэтин үп-харчы блогун бэрэстэбиитэлэ Сергей Микищенко хоруйдаата.
Ыйытыы: — Байыаннай сулууспалаах дьиэ кэргэнэ кини көрдөһүүтүнэн байыаннай сулууспалаах иһин харчынан төлөбүрү ылыан сөп дуо? Онуоха тугу гыныахтааҕый?
Сергей Микищенко: Ылар кыахтаах. Харчынан төлөбүр (денежное довольствие) байыаннай сулууспалаах биэрбит расчетнай счетугар киирэр. Ону кини бэйэтин баҕатынан чугас дьонугар түһүөн сөп. Байыаннай сулууспалаах итиниэхэ дэбиэринэс толоруохтаах. Ону сэргэ, байыаннай сулууспалаах эрдэ биэрбит расчетнай счетугар сыһыарыллыбыт баан каартатын эбии оҥотторуохха сөп. Маны кини бэйэтэ эрэ быһаарар. Уонна бэйэтэ баан каартатын эбии оҥотторор.
Юрий Гаврилов, “Российская гахета” хаһыат 2022 с., сэтинньи 8 күнүнээҕи нүөмэрэ
Хаартыска: интэриниэт
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: