Телеграм түөкүттэриттэн хайдах көмүскэнэбит?
03.08.2024, 17:15
Хаартыска PxHere саайтан ылылынна.
Бөлөххө киир:
Телеграмҥа түөкүннээһин саҥа көрүҥэ тарҕанан эрэр. Саҥа схема маннык үлэлиир:
Бастаан төлөпүөҥҥүтүгэр телеграмынан бигэргэтиллибит кодтардаах уонунан SMS тоҕо анньан кэлиэ.
Ол кэнниттэн «Telegram Security Messenger» диэн эбэтэр манныкка майгынныыр ааттаах ким эрэ телеграмҥар суруйуо: “Ким эрэ эн аккауҥҥун алдьата сатыыр, ол иһин суһаллык көмүскэнэр туһугар бу сигэнэн киирэ оҕус”, — диэн баран сигэ ыытыахтара.
Бу албын! Ханнык да сигэнэн ханна да кииримэҥ.
Түөкүттэр элбэх куоды эмискэ ыытан соруйан уолуталлар, үгүһү-элбэҕи толкуйдаабакка кинилэр эппиттэрин оҥорторо сатыыллар. Сигэнэн киирдиҥ да, фишинговай саайтка түбэһиэххин уонна түөкүттэргэ аккауҥҥун аһан биэриэххин сөп.
+1
1
+1
+1
1
+1
+1
1
+1
+1
2
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: