Бу күннэргэ Чурапчы улууһун Төлөй нэһилиэгэр саҥа бэкээринэ аһыллан үлэтин саҕалаата.
Тэрилтэ хаһаайката Александра Максимова социальнай хантараагынан тэриллибит үлэ туһунан бу курдук билиһиннэрдэ:
— Килиэп буһарыытынан дьарыктаммыппыт үс сыл буолла. Ол кэмтэн кыралаан тэриллэрбитин атыылаһан барбыппыт. Быйыл 500 тыһыынча солкуобайы социальнай хантараакка ылан, сэтинньигэ эбии килиэп буһарар тэрил атыыластыбыт. Бу иннинэ тыа хаһаайыстыбатын производственнай кэпэрэтиибэ үүт тутар дьиэтин атыыласпыппыт. Эргэ 5х5 иэннээх дьиэни саҥардан, 3х5 иэннээх хоһу эбии тутан, дьоҕус бэкээринэбитин үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыйдыбыт.
Күҥҥэ 60-ча килиэби буһарабыт, былдьаһыгынан бүтэр.
Эбии минньигэс бурдук астары астыыр былааннаахпыт.
Биэс оҕолоохпут — түөрт кыыс, биир уол. Улахан кыыспыт пуобар-кондитер үөрэҕэр үөрэнэр. Бүтэрдэҕинэ бэкээринэбитигэр кэлэн үлэлиир былааннаах.
Ити курдук, Төлөй Максимовтара социальнай хантараагы таба туһанан, нэһилиэккэ олус наадалаах бэкээринэни үлэлэтэн, дьон махталын ылаллар.
Бу күннэргэ дойду бары сиригэр-уотугар өтөрүнэн бэлиэтэммэтэх сылыйыы буола турарын туһунан Арассыыйа Гидромет киинин научнай дириэктэрэ…
Былыр аныгы курдук аптека да, балыыһа даҕаны диэн суох. Онон хас эмэ үйэ тухары көлүөнэттэн…
Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр психологтар көмөлөрө, өйөбүллэрэ салҕанар. Ааспыт нэдиэлэҕэ, ону сэргэ…
Сорохтор уонунан, сүүһүнэн миэтэрэ үөһэ ытталлар, атыттар саастыылаахтарын кырбыылларын видеоҕа усталлар. Бу барыта биир эрэ…
Ким этэҥҥэ сылдьыан, уһун үйэлэниэн баҕарбат буолуой? Бары да уһуннук, дьоллоохтук олорору сэргиир, сэҥээрэр буоллахпыт.…
Дьааҥы улууhугар Табалаахха оҕо уhуйааныгар "Аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар үгэстэригэр уhуйуу - төрөөбүт дойдуга бэриниилээх…