Төлөйдөр Мааныкай куонкуруһун быйыл дойду таһымыгар ыыталлар

Share

Бассаабынан Чурапчы улууһун Төлөй нэһилиэгин араастаан симэммит ынахтарын хаартыскаларын куонкуруһун үгүс киһи өйдүүр буолуохтаах.

«Симэммит Мааныкай» диэн ынах сүөһү хаартысканан куонкуруһу төлөйдөр аан бастаан 2019 сыллаахха бэйэлэрин нэһилиэктэрин иһинэн тэрийбиттэрэ. Куонкурус сыл аайы ыытыллан, номнуо быйыл 5-с сылларын ыытаары тэринэн эрэллэр. Ол аата быйыл үбүлүөйдээх сыллара. Бу сыллар тухары “Саха сирэ” хаһыат эрэдээксийэтэ тэрээһин хаамыытын уонна түмүгүн анаан иһитиннэрдэ.

Быйылгы тэрээһин туһунан сиһилии А.С. Бродников аатынан Төлөйдөөҕү «Аартык» норуот айымньытын дьиэтин  уус-уран салайааччыта,  «Симэммит Мааныкай» куонкурус ааптара Евдокия Аржакова маннык кэпсиир:

Быйыл норуокка биһирэммит куонкуруһу бэһис төгүлүн  ыытабыт. Бастакыбыт нэһилиэк, онтон улуус иһинэн буолбута. Онтон дьон биһирээн, тэрээһини өрөспүүбүлүкэтээҕи таһымнаан ыыппыппыт. Куонкуруспутун кэрэхсээн, былырыын Арассыыйа араас эрэгийиэннэриттэн тахсан иһитиннэрбиттэриттэн, быйыл аны Арассыыйатааҕы таһымнаах оҥордубут. Онон дойду сэлиэнньэлэрин симэммит ынахтара эмиэ кыттар буоллулар. Былырыын герефорд оҕус уонна саха ынаҕа боруода биэс ыйдаах  Мичийэ торбосторо кыайыылааҕынан тахсыбыта. Хаһаайына Мэҥэ Хаҥалас Чыамайыкытын олохтооҕо Степанида Иванова 40 л. бөдүөнүнэн бэлиэтэммитэ.

Хаартыска — Евдокия Аржакова тиксэриитэ.

 Нэһилиэкпитигэр сыл аайы Тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин күнүн бэлиэтиибит. Ол онно бу күөн-күрэһи анаан тэрийэн, үгэскэ кубулуттубут.  Хаартысканан куонкуруһу бу иннинэ сэтинньи саҥатыгар ыытар эбит буоллахпытына, быйыл алтынньы 28 күнүттэн сэтинньи 17 күнүгэр диэри ыытабыт. «Симэммит Мааныкай» хаартысканан куонкурус куйаар ситимин нөҥүө ыытыллар. Бу тыа хаһаайыстыбатын үлэһитин өрө тутар соруктаах аһаҕас өрөспүүбүлүкэтээҕи хаартысканан куонкуруска ханнык баҕарар нэһилиэктэн, улуустан, эрэгийиэнтэн ким баҕарар кыттыан сөп. Сүөһү сааһыгар да, тыһытыгар да, оҕуһугар да ирдэбил суох. Куонкурус сүрүн соруга — хас биирдии хотоҥҥо кыстыгы этэҥҥэ туораары бэлэмнэнэр Мааныкай сүөһүнү киэргэтэн, хаартыскаҕа түһэрэн ыытыы. Кыттааччы +79627311182 нүөмэргэ (Евдокия Ефимовна А.) Сбербанк эбэтэр АЭБ нөҥүө 200 солкуобай усунуос төлүүр уонна төлөөбүтүн туһунан квитанциятын  эмиэ бу нүөмэргэ ыытар. Сайаапканы бассаап бу ыйыллыбыт нүөмэригэр ылабыт. Онно кыттааччы аата (сүөһү хаһаайына), хаартыскаҕа түһэриллибит сүөһү аата, улууһа, нэһилиэгэ, бөһүөлэгэ ыйыллар. Бу сайаапкатынан кыттааччы хаһаайын кини ыыппыт хаартыската Вконтакте социальнай ситимҥэ тахсарыгар сөбүлэҥин биэрэр. Дьүүллүүр сүбэ биир эрэ киэргэммит сүөһү хаартыскатын ылар. Кыайыылааҕы Төлөйдөөҕү норуот айымньытын дьиэтин үлэһиттэрэ, Төлөй нэһилиэгин дьаһалтатын тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһэ кыттыылаах дьүүллүүр сүбэ талыаҕа. «Кылаан кыайыылаах» номинация бирииһэ — 10 тыһыынча солкуобай.  Бирииһи нэһилиэк дьаһалтата туруорда. Мин тус бэйэм куонкурус ааптарын быһыытынан “Көрөөччү биһирэбилэ” номинацияҕа бириис туруоруом.

Бүгүн “Симэммит Мааныкай” бастакы хаартыскатын туттубут. Куонкурус кыттааччыта Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майатыттан 8 саастаах Оряна Саввинова “Кыыстара” ньирэйин куонкуруска кытыннара ыытта.  

Хаартыскалары Евдокия Аржакова тиксэрдэ

Сарсыҥҥыттан “мааныкайдар” хаартыскалара хото киирэн барыаҕа.

Дьэ, онон, күндү «Саха сирэ» саайт ааҕааччылара, бу күнтэн ыла «Мааныкайдаргытын» симээн, куонкуруска кыттарга сананан барар буоллаххыт. Биһиги саайтпыт бу куонкурус хаамыытын үгэс быһыытынан хайаан да сырдатан, Төлөйдөөҕү «Аартык» норуот айымньытын дьиэтин тэрээһинин өйүөҕэ. Кытаатыҥ, бүгүҥҥүттэн хотоҥҥутугар киирэн, ханнык «Мааныкайы» куонкуруска кытыннараргытын быһаарыҥ.

 

 

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

11 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

12 часов ago