Төлөпүөн түөкүттэрэ уоскуйбаттар
Кэнники сылларга түөкүттэр дьону албынныыр ньымалара кэҥээн, эмсэҕэлээччи элбээн иһэр диэн СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр.
Ааспыт нэдиэлэҕэ өрөспүүбүлүкэ 13 олохтооҕо түөкүттэртэн эмсэҕэлээтэ, уоруллубут үп уопсай суумата 16 мөлүйүөн солкуобай кэриҥэр тиийдэ.
Харчыларын элбэтэ сатаан «инвестиция» диэҥҥэ киирэн биэрэн, 7 киһи уопсайа 8 мөл. солк. албыннатта. Оттон «ФСБ, Киин баан, Росфинмониторинг үлэһиттэрэбит уонна силиэдэбэтэллэрбит» диэн төлөпүөнүнэн эрийэннэр, өрөспүүбүлүкэ 5 олохтооҕуттан 7,7 мөлүйүөн солкуобайы уорбуттар.
Социальнай ситими алдьатан, биир киһиттэн 96 тыһыынча солкуобайын устан ылбыттар.
Быраабы араҥаччылыыр уорганнар үлэһиттэрэ күн аайы сэрэтэр иһитиннэриини ыыталлар даҕаны, нэһилиэнньэ син биир түөкүттэр угаайыларыгар киирэн биэрэр. Онон, сэрэхтээх буоларга ыҥырабыт.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: