Төлөпүөн түөкүттэрэ 90% Украинаттан «үлэлииллэр»

Share

Бэҕэһээ, муус устар 3 күнүгэр, СӨ ИДьМ “Информационнай технологиялары туһанан оҥоһуллар сокуону кэһэр дьайыылары сэрэтии, арыйыы уонна силиэстийэлээһин” диэн ааттаммыт тэрээһиҥҥэ суруналыыстары ыҥыран бу хайысхаҕа бүгүҥҥү күн туругунан туох баарын ырыттылар.

Бу хайысхаҕа буруйу оҥоруу кэнники сылларга олус күүскэ бара турарын дьон бары өйдүүр. Хас биирдиибитигэр кэриэтэ төлөпүөн түөкүттэрэ эрийэн араастаан албыннаан харчыбытын суйдуу сатыыллар. Күннэтэ түөкүннүүр ньымалара элбии, уустугура турар.

Кэлбит суруналыыстарга бу дьайыыны утары туох үлэ ыытылла турарын туһунан сокуону кэһиини утары күннэтэ үлэлиир полиция үлэһиттэрэ кэпсээтилэр.

СӨ ИДьМ Информационнай-коммуникационнай технологиялары туһанан оҥоһуллар сокуону кэһиилэри утары үлэлиир салаатын салайааччыта Матвей Васильевич Алексеев соччо үөрдүбэт чахчылартан саҕалаата. Ол курдук, бу сыл үс ыйдааҕы түмүгүнэн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 775 Саха сирин олохтооҕун утары бу эйгэҕэ сыһыаннаах дьайыы оҥоһуллубут. Уопсайа 190 780 000 солкуобай үп түөкүттэр сиэптэригэр көспүт.

Бу дьыалалары арыйыыга биир саамай уустуга – 90% кэриҥэ төлөпүөн нөҥүө түөкүннээһин Украинаттан оҥоһуллара буолар. Биллэн турар, атааннаһыы туругун кэмигэр ити дойдуттан буруйу оҥорооччуну эппиэккэ тардыы сатамматын кэриэтэ. Ол да буоллар, бу да түгэҥҥэ маннык буруйу оҥорууга кыттыбыттары тутуохха сөп эбит. Билигин Украинаҕа көнөтүк харчы көһөрүү сатаммат, ол иһин Арассыыйа иһигэр куомуннаспыт тиксиһиннэрээччилэр баар буолаллар эбит. Ол курдук, Арассыыйа бааннарыгар баан каартатын арыйааччылар, сим-каарта тутааччылар, харчыны ыла кэлэр курьердар, уоруллубут үбү криптовалютаҕа көһөрөөччүлэр эппиэтинэскэ тардыллаллар.

Информационнай-коммуникационнай технологиялары туһанан оҥоһуллар сокуону кэһиилэри утары үлэлиир салаа салайааччытын солбуйааччы Гавриил Гавриилович Васильев этэринэн, Арассыыйа сорох эрэгийиэннэригэр баан каартатын бэйэ аатыгар оҥотторон баран туора дьоҥҥо атыылааһын туспа “биисинэскэ” кубулуйбут. Биир каартаны 3 тыһыынча кэриҥэ солкуобайга атыылаан кыра харчыны “өлөрөр” олус тарҕаммыт. “Дьиҥэр, бу курдук дьайыы бэрт хомолтолоох түмүгү аҕалыан сөп. Маннык “урбаанньыт” холуобунай дьыалаҕа тардылларын таһынан, мөлүйүөнүнэн суумалаах кэрэдьиити төлөөччү буолан хаалар кутталлаах”, — диир Гавриил Васильев. Оттон түөкүннээһин сиэртибэтиттэн харчыны ылан тиксэрээччилэр Холуобунай кодекс ыар ыстатыйаларын кэһэллэрин өйдүөх тустаахтар.

Саха сиригэр интэриниэт, төлөпүөн нөҥүө түөкүннээһин түгэннэрэ бааллар эрээри,“колл-центр” тэриллиилээх бөлөҕүнэн түөкүннээһин суох. Ол оннугар, анаан-минээн Саха сиригэр “үлэлиир” бөлөхтөр Арассыыйа атын эрэгийиэннэригэр түбэспиттэрэ быһаарыллыбыт. “Саха сиригэр дьон баайдык олорор диэн өйдөбүл баар”, — дииллэр полиция бэрэстэбиитэллэрэ.

Ыраахтан түөкүннээһиҥҥэ түбэспит дьон үксэ бэйэлэрин мунньууларын эрэ буолбакка, сүрүннээн бөдөҥ суумалаах кирэдьииттэри ылан түөкүттэргэ ыыталлар. Бу дьайыыны утарар туһугар сокуон өттүттэн уларытыы киллэрэргэ үлэ бара турар үһү. Сотору кирэдьиит ылыллыбыт үбү “сойутар” болдьох баар буолуох курдук. Оччоҕуна харчыны тута көһөрбөккө, сиэртибэ уоскуйан өй ыларыгар бириэмэлэниэ, улахан хоромньуттан куотар кыахтаныа. Билигин сорох түгэннэргэ силиэстийэлиир уорганнар түөкүннээһин сиэртибэтин судебнай-психиатрическай эспэртиисэни ааһалларыгар этэллэр, оччотугар “харчы ылар кэмигэр бэйэтин дьайыытын сөпкө сыаналаабат турукка сылдьыбыт” диэн түмүгү ылахтарын сөп үһү. Оччоҕуна эмсэҕэлээччи быһыытынан баан ааҕыллар, ороскуоту кини уйунар. Бааннар, биллэн турар, маннык түмүгү утараллар. Ол да буоллар, баан үлэһитэ сыыһа туттубута көстөн турар буоллаҕына (холобур, олус кырдьаҕас эмээхсиҥҥэ мөлүйүөнүнэн суумалаах кирэдьиити бигэргэппит буоллаҕына), суут эспэртиисэ түмүгүн ылара оруннаах.

Тоҕо дьон маннык түөкүннээһин баарын билэр эрээрилэр киирэн биэрэллэрий? Баҕар, маннык дьайыыга ордук уйан, туспа  психотиптаах дьон бааллара буолаарай?” диэн ыйтыыбар, хас даҕаны эспиэр хоруйдаата.

Гавриил Васильев этэринэн, төлөпүннээччи түөкүттэр дьону албынныырга олус улахан дьоҕурдаахтар, уопуттаахтар, хас биирдии киһиэхэ туспа ньыманы туһаналлар. “Холобур, сэбиэскэй иитиилээх аҕа саастаах дьоҥҥо “былаас бэрэстэбиитэлигэр көмөлөһүөх тустааххын!” диэн киириэхтэрин сөп. Маннык соруйууну сорох дьон утары барбаттар”. Уопсайынан, төһөнөн өр сиэртибэни кытта алтыһаллар да, оччонон “сөптөөх күлүүс” булан, угаайыларыгар киллэрэллэрэ табыллар эбит. Онон кыра уорбалааһын үөскээтэ да, тута кэпсэтиини тохтотор ордук сөптөөх быһаарыныы.

Матвей Алекссев этэринэн, маннык дьайыыга ким баҕарар түбэһиэн сөп. Ханнык да бэйэлээх өйдөөх, үөрэхтээх дьон сиэртибэ буолаллар. “Үгүс эрийии ньыматынан уйулҕата кэбирээбит, санаата ыһылла сылдьар киһиэхэ түбэһэллэр уонна соһутар сонунунан уолуталлар. Психологтар этэллэринэн, манныкка түбэспит киһиэхэ куттаныы кэмигэр быраҕыллар гормон эмискэ улаатар. Оччоҕуна киһи өйө-санаата нуорматтан атыннык үлэлээн барар, бэрт элбэх сыыһа быһаарыныылары оҥорон барар. Онон бу курдук иэдээнтэн олоччу харыстаммыт киһи суоҕун кэриэтэ”, — диир Матвей Васильевич.

Сэрэтии үлэтэ лаппа үрдүөхтээх” диэн этэллэр полиция үлэһиттэрэ. Төһө даҕаны сэрэтиллибит дьон түөкүттэр угаайыларыгар киирэллэрэ элбэҕин үрүнэн, хос-хос хатылааһын үгүс дьон өйүгэр хатаннаҕына, киирэн биэрээччи аҕыйыахтаах. “Бу хайысхаҕа үлэ күүһүрэн иһиэ”,  — диэн эрэннэрэр СӨ ИДьМ Информационнай-коммуникационнай технологиялары туһанан оҥоһуллар сокуону кэһиилэри утары үлэлиир салааны салайар Матвей Алексеев.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
1
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Сүбэһит: Чэй күнүгэр кучу чэйи иһиҥ

Ахсынньы 15 күнүгэр Чэй күнэ бэлиэтэнэр. Онон, маннык тымныы, туманнаах күҥҥэ итии чэйдэ иһиэҕиҥ! Былыр,…

41 минута ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн үгүс улуустарга хаар түһэрэ күүтүллэр

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Саха сирин үгүс улуустарыгар хаар түһэрэ күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр. Хоту,…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Биисинэс-Экспоттан» саҕалаабыт Вера Лиханова дойду таһымыгар үлэлиирдии үүннэ

"Биисинэс-Экспо" урбаанньыттар быыстапкалара 2010 сылтан ыла ыытыллар буоллаҕына, Вера Лиханова бу тэрээһиҥҥэ 2019 сылтан ыла…

11 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

204 саастаах алтан чуораан

Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин Е.К. Федоров аатынан орто оскуолатыгар 204 саастаах алтан чуораан баар. "2020…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дмитрий Садовников Горнай улууһугар тутулла турар эбийиэктэри көрдө

Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…

12 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Итэҕэй-итэҕэйимэ: Дьылҕаҕа сыыппара суолтата

Сир үрдүгэр эҥин араас дьикти, дьиибэ элбэх. Икки атахтаах ону сэргиир, сэҥээрэр, сорох онтон дьиксинэр,…

13 часов ago