Төлөпүөн түөкүттэрэ аны саастарын ситэ илик оҕолор харчылаах каарталарын сойуолаһан эрэллэр

Share

Сотору саҥа үөрэх дьыла саҕаланаары турар. Үгүс төрөппүт оҕотугар харчытын укта сылдьарыгар анаан дебетовай каартаны ылан биэрэр санаалаах сылдьар. Дьэ, ол кэми мүччү туппакка, түөкүттэр оҕолор каарталарын эккирэтиһэн эрэллэр.

Аныгы оҕо күүлэйдиир сирэ — куйаар ситимэ. Манна чэпчэкитик харчыны хайдах оҥоруохха сөбүн туһунан ыҥырыылар кэмэ суох элбэхтэр. Хамнаһа чэпчэки, үрдүк, туох да анал билии, эрэй ирдэммэт. Схемата да судургу: бааныҥ каартатыгар харчы киирдэҕинэ, ону атын баан счеттарыгар ыытаҕын, онтуккар бырыһыан аахсаҕын.

Эбэтэр оҕоттон баанын каартатын балачча улахан суумаҕа атыылаһан ылыахтарын сөп. Маннык угаайыга киирбит, үлэлэһэр дьону «дроппердар» диэн ааттыыллар. Урут түөкүттэр устудьуоннары туһаналлара, аны билигин оскуола оҕолоругар таҕыстылар. Биллэн турар, оҕоҕо ким да сокуону кэһэр дьыаланан дьарыктанаҕын диэн этиэ суоҕа. Сорохтор бырыһыаннарын да,  бааннарын каартатын атыылаабыт харчыларын да ылымыахтарын сөп. Тоҕо диэтэххэ, түөкүн бэрт судургу тылынан оҕоҕо буруйу оҥорууга кыттыспытын, өссө полицияҕа үҥсэн биэриэм, оскуолаҥ, төрөппүттэриҥ билиэхтэрэ диэн куттаан туруон сөп.

От ыйын 25 күнүттэн “Национальнай төлөбүр тиһигин туһунан” сокуоҥҥа уларыйыы киирэн, бааннар килийиэннэрин түөкүттэртэн харыстыыр эбээһинэстэннилэр. Онон түөкүттэр ыктарбычча үптэрин кумааҕы харчынан солбуйтарарга саҥа «дроппердары» көрдүүллэр.

Оҕо каартатын нөҥүө барбыт сууманы төрөппүттэр төлүүллэригэр тиийэллэр. Ону тэҥэ бу каарта хаһаайына үгүс сылларга бааннар “хара испииһэктэригэр” киирэр, кирэдьиит, ипотека ылара уустугурар. Усулуобунай да көрүҥүнэн сууттана сылдьыбыта кэлин судаарыстыбаннай сулууспа үлэтигэр киирэригэр мэһэй буолуон сөп.

Онон оҕоҕо бу криминальнай схема хайдах үлэлиирин быһааран баран, билбэт дьоҥҥун кытта куйаар ситимигэр кэпсэтимэ диэн сүбэлиэххэ наада.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
1
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

39 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

2 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

3 часа ago
  • Сонуннар

«Орешник» ракета туһунан туох биллэрий?

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…

3 часа ago
  • Сонуннар

Биэс модельнай бибилэтиэкэ баар буолла

2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…

3 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха Бианкита, Бурхаат, Чуваш суруйааччыта уонна 90 сыллаах айар сойуус

Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…

3 часа ago