Төһө даҕаны күн аайы суруйдарбыт, сэрэттэрбит, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо ыраахтан олорон төлөпүөнүнэн эрийэн албынныыр түөкүттэргэ син биир киирэн биэрэллэр.
Ол туһунан СӨ ИДьМ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Муус устар 26 күнүгэр полиция дьуһуурунай чааһыгар Удачнай куоракка бырамыысыланнай тэрилтэҕэ үлэлиир, 40 саастаах Иркутскай уобаластан төрүттээх дьахтар үҥсүү киллэрбит. Киниэхэ бассаап нөҥүө биллибэт, ВТБ баан логотиптаах уруһуйдаах нүөмэртэн төлөпүөннээбиттэрин ылан кэпсэппит. Сымыйа баан үлэһитэ уонна сымыйа полиция үлэһитэ дьахтары кини аатыгар кирэдьиит ылаары докумуон толоро сатыылларын туһунан эппиттэр. Бу дьон докумуону толоро иликтэринэ төһө кыалларынан улахан суумаҕа «утары кирэдьииттэ» ыл диэн итэҕэппиттэр. Дьахтар 2,7 мөлүйүөн солкуобайдаах кирэдьиит оҥотторон баран, онтун бүтүннүү баантан баран устубут. Кини 13 төгүл 200-түү тыһыынчанан уонна биирдэ 100 тыһыынчанан төхтүрүйэн устубут. Бу харчытын олоччу түөкүттэр эппит счеттарыгар түргэн үлүгэрдик ыытан кэбиспит. Дьэ, кыһалҕа диэтэҕиҥ, итиччэ улахан сууманы хаста да төхтүрүйэн устуохха, онтон ыытыахха наада дии.
Бу күн 36 саастаах судаарыстыбаннай сулууспалаах киһи аны 1 мөлүйүөн 138 тыһыынча солкуобайын эмиэ түөкүттэргэ албыннаппытын туһунан сайабылыанньа суруйбут.
Ааспыт икки күн иһигэр төлөпүөн нөҥүө түөкүннээһиҥҥэ өрөспүүбүлкэ 14 олохтооҕо түбэһэн, уопсайа 7 мөлүйүөн солкуобайдарыттан уордардылар. Түөкүттэргэ албыннаппыттар ортолоругар мэдиссиинэ үлэһиттэрэ, устудьуоннар, пенсионердар, оробуочайдар, учууталлар уонна научнай үлэһит бааллар. Кинилэр саастара 22-н 84-гэр диэри.
Манан ылан көрдөххө, Саха сирин олохтоохторо күн аайы төлөпүөнүнэн түөкүннээһиҥҥэ түбэһэллэр. Онон өйдүөххүтүн наада, 5 мүнүүтэлээх кирэдьииккэ киириигит, олоххут устатын тухары эрэйгитин эрэйдиэҕин.
2025 сылга болдьоҕо бүтэр суоппар дастабырыанньата үс сылга диэри уһатыллан биэрэр. Бу туһунан Госавтоинспекция пресс-сулууспата…
Хатас олохтооҕо Полина Ефремова быйылгы харыйатын бэйэтэ оҥорбут куукулаларынан симээбит. “Тэлэбииһэринэн “Саха сатаабата суох” биэриигэ,…
Саха сиригэр кэнники сэттэ сылга араас бырагыраама чэрчитинэн 171 саҥа үөрэх эбийиэгэ тутулунна. Бу туһунан…
Прикладнай физика үнүстүүтүн дааннайынан Сиргэ магнитнай буурҕа кыамтатын таһыма «олус күүстээх» категорияҕа диэри таҕыста диэн…
Саха сиригэр быйыл кырдьаҕастарга аналлаах саҥа интэринээт-дьиэ тутуллан үлэҕэ киириэҕэ. Эбийиэк Мэҥэ Хаҥалас Матта сэлиэнньэтигэр…
Былырыын Саха сиригэр «Земскэй быраас» уонна «Земскэй биэлсэр» бырагыраамаларынан 16 исписэлиис үлэҕэ ыытыллыбыт: 90 быраас…