Төлөпүөн түөкүттэриттэн сэрэниҥ!

Share

Ааспыт нэдиэлэҕэ өрөспүүбүлүкэ сэттэ олохтооҕо түөкүттэртэн эмсэҕэлээбит. Түөкүттэр уопсайа 5,2 мөл. солк. тахса сууманы сойбоппуттар.

Түөкүттэргэ үлэтэ суох киһи, биэнсийэлээх, харабыл, сиэстэрэ, педагог, бааһынай хаһаайыстыба баһылыга, бибилиограф киирэн биэрбиттэр.

Саамай элбэх сууманы “ФСБ, РФ киин бааныттан” эрийэбит диэн албастанан, педагогтан 1,5 мөл солк. ыһыгыннаран ылбыттар. Тустаах ньыманан барыта 2,5 мөл. солк. суумаҕа үс киһи албыннаппыт.

“Инвестициялааһын” ньыматынан икки киһиттэн 1,9 мөл. солк. тахса сууманы уорбуттар.

Биир киһи “Энергосбыт” сымыйа үлэһитин кытта кэпсэтиитин түмүгэр 450 тыһ. солк. сүтэрбит, 224 тыһ. солк. кирэдьиит оҥорторон биир киһи эмсэҕэлээбит.

Сэрэхтээх буолуҥ, түөкүттэргэ киирэн биэримэҥ!

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
5
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Бу — интэриэһинэй. Бит-билгэ

Бит-билгэ туһунан төһө билэҕин? Киэһэ хойут дьиэҕит муостатын сууйар буоллаххытына, этэҥҥэ сылдьыыгытын, үтүө туруккутун сууйаҕыт.…

5 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Норуот маастардара сахалыы иискэ үөрэтиэхтэрэ

Бу күннэргэ Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр “Симэх” национальнай кииҥҥэ “Аттаран тигии абылаҥа алыптаах…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Мииринэй оройуонун 60 сыла

Ил Дархан Айсен Николаев мииринэйдэри оройуон 60 сылынан эҕэрдэлээтэ. Тохсунньу 27 күнүгэр Мииринэйгэ үөрүүлээх тэрээһин…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

“Эдэр ыччат — биир сомоҕо” култуурунай-спортивнай бэстибээл

Үгүлээт нэһилиэгэр “Эдэр ыччат-биир сомоҕо” култуурунай-спортивнай бэстибээл ыытылынна. Бу уопсастыбаннай диэйэтэл, бэлиитик Савва Михайлов кэриэһигэр…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Сүбэһит: сылайыыны хайдах аһарыахха?

Эти-хааны эрчийиэххэ. Дьиэ хомуйа, ас астыы сылдьан, дьыбааҥҥа сынньана сытан, кинигэ ааҕа олорон хаан эргииригэр,…

6 часов ago
  • Кыайыы 80 сыла
  • Сонуннар

Саха сирин волонтердара “Блокада килиэбэ” аахсыйаны тэрийдилэр

Үс эдэр киһи кэлбит дьоҥҥо остуолга кэчигирэппит, оччотооҕу Ленинград блокадатыгар курдук 125 кыраамнаах килиэби кытта…

6 часов ago