Тэлгэһэни арчылааһын сиэрэ-туома
Дьиэни, хотону арчылаан баран, таһырдьа тахсан, тэлгэһэни ыраастыахха сөп.
Илин диэки хайыһан туран үрүҥ сылгы сиэлин эбэтэр этиҥ түспүт маһын уматан, кириэс охсон баран, күрүө түөрт баҕанатыгар кистии кыбытыллар. Ол кэннэ сир хаһан, этиҥ түспүт маһын туруору анньыллар. «Тэлгэһэҕэ абааһы киирбэтин» диэн күрүө ааныгар түөрт маһы кыбытан кэбиһэллэр.
Сарсыҥҥы күнүгэр били уматыллыбыт сиэли, «этэҥҥэ буоллун» диэн санаан баран, хомуйуллар уонна оһоххо уматыллар. Умаппатахха, алгыс тыла ыһыллар, туһааннаах сиригэр кыайан тиийбэт.
Ол кэнниттэн түөрт сүүмэх сиэли ылан, киирэр аан боруогар ис өттүнэн көмүллэр эбэтэр дьиэ муостатын маһыгар (плинтус анныгар) угуллар. «Айыы киһитэ, үтүө киһи атыллаатын! Хах!» — диэт, силлиигин.
Афанасий Федоров «Саха ыалын сиэрэ-туома» кинигэттэн
«Айар» («Бичик») кинигэ кыһата, 2024 с.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: