Салгыы
Тэллэйдэр сахалыы ааттарын билэҕит дуо?

Тэллэйдэр сахалыы ааттарын билэҕит дуо?

10.06.2023, 12:30
Хаартыска: Мария Васильева, СИА.
Бөлөххө киир:

Тэллэйдиир кэмэ чугаһаата. Саха сирин үгүс олохтоохторо сөбүлээн хомуйар “масленок”, “шампиньон”, “грузди” тэллэйдэрбит хас даҕаны араастара баар эбит. Бу тэллэйдэр сахалыы ааттарын, көрүҥнэрин төһө билэҕит?

Белый гриб – үрүҥ тэллэй,

Березовик болотный – маар хатыҥаайыта,

Березовик обыкновенный – дойду хатыҥаайыта,

Березовик розовеющий – ойуулаах хатыҥаайы,

Болетинус азиатский – хатан тэмиэрийэ,

Болетинус полоножковый – саарба сүүтүгэ,

Валуй – оҕус мунна,

Валуй ложный – сүлүһүннээх оҕус мунна,

Вешенка обыкновенная – мас сыата,

Волнушка белая – туртаайы,

Волнушка розовая – долгунча,

Говорушка беловатая – үрүҥ говорушка,

Говорушка ворончатая – сылгы уоһа,

Говорушка свинцово-белая – сүлүһүннээх говорушка,

Головач круглый (дождевик) – эһэ табаҕа,

Горькушка – аһыыкай,

Груздь настоящий – хаар төбө,

Груздь сухой (скрипица) – үүттээх тэллэй,

Грузь черный – эрдэҕэс кутуруга,

Дождевик шиповатый — эһэ хамсата,

ежевик желтый – куобах эминньэҕэ,

ежевик пестрый – эриэнчикэй,

желчный гриб – үөстээх тэллэй,

козляк – күрдьүгэс сиидэтэ,

лаковица аметистовая – көҕөрөөн,

лисичка – саһылчай,

лисичка ложная – албын саһылчай,

ложнодождевик обыкновенный – сиэммэт хонуу тэллэйэ,

ложноопенок кирпичнокрасный – кыһыл саһыл тыла,

ложноопенок серно-желтый – саһыл тыла,

ложноопенок серно-пластинчатый – араҕас чөҥөчөк тыла,

масленок зернистый – бараах саһархайа,

масленок кедровый – сыалаах мас саһархайа,

масленок лиственничный – тиит саһархайа,

масленок настоящий – бэс саһархайа,

масленок серый – күрэҥ саһархайа,

маховик желто-бурый – чаачахаан,

маховик зеленый – муох күөх тэллэйэ,

маховик красный – муох кыһыл тэллэйэ,

мухомор красный – кыһыл мухомор,

мухомор пантерный – эриэн мухомор,

навозник настоящий – балбаах тэллэйэ,

опенок летний – сайыҥҥы чөҥөчөк тыла,

опенок осенний – күһүҥҥү чөҥөчөк тыла,

осиновик желтый – араҕас тэтиҥээйи,

осиновик красный – кыһыл тэтиҥээйи,

подгрузок белый – хаарчаана,

подгрузок черный – харачаас,

рыжик еловый – харыйа кубачыына,

рыжик сосновый – бэс кубачыына,

рядовка скученная – бөлөх тэллэй,

сморчок конический – бүүччэх,

строчок осенний – сымарытта,

сыроежка жгучеедкая – аһыы сиик тэллэйэ,

сыроежка буреющая – балык сыттаах сиик тэллэйэ,

сыроежка ломкая – үлтүркэй сиик тэллэйэ,

сыроежка сине-желтая – күөх сиик тэллэйэ,

сыроежка цельная – минньигэс сиик тэллэйэ,

трутовики – сылгы туйаҕа,

чага – чээрэ, хатыҥ чээрэтэ,

чесночник – куобах чочунааҕа,

шампиньон желтокожий – араҕас өтөх тэллэйэ,

шампиньон лесной – ойуур өтөҕүн тэллэйэ,

шампиньон обыкновенный – өтөх тэллэйэ,

шампиньон полевой – хонуу өтөҕүн тэллэйэ.

Туһаныллыбыт литэрэтиирэ: Г.С. Угаров эрэдээксийэтинэн тахсыбыт “Биология терминнэрин нууччалыы-сахалыы тылдьыта”, 1993 с.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -41°C
  • Ощущается: -41°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: