Тэллэйи хаһаанабыт

Share

Быйыл тэллэй балачча үүнэн, хаһаайкалар араастаан астаан хаһаанан эрдэхтэрэ. Тэллэй балачча үлэлээх эрээри, кыһын сииргэ бэрт минньигэс, эти солбуйар аһылык. Бүгүн кыһыҥҥыга хаһааныы хас да ньыматын билиһиннэрэбит.

Тэллэй туһата

Тэллэйи үөрэтэр исписэлиистэр – микологтар суруйалларынан, сир үрдүгэр 100 тыһыынчаттан тахса тэллэй көрүҥэ баар. Тэллэй сиргэ, ууга, маска-окко, үөҥҥэ-көйүүргэ, киһиэ­хэ-сүөһүгэ, тимиргэ… тиийэ тарҕанар.

Тэллэй айылҕаҕа улахан суолталаах, бактыарыйалары кытта тулалыыр эйгэни ыраастыыллар. Бу туһунан учуонай Г.С. Угаров: “Өрүстэр, күөллэр ууларыгар түспүт кири, ойуурга охтубут маһы, көтөҕөнү үрэйэн суох оҥороллор. Кунус тэллэйдэрэ үүнээйилэр силистэрин уонна тобохторун сиэн минеральнай туустарга кубулутарга көмөлөһөллөр, онон почва өҥсүйэригэр, бы­­йаҥырарыгар биллэр-көстөр өҥөлөөхтөр”, – диэн бэлиэтиир. Оттон эмп-томп быһыытынан туттулларын элбэхтик истэбит.

Тэллэйи дьон былыр-былыргыттан сииллэрэ биллэр. Саха сирин олохтоохторо сүрүннээн уонтан тахса көрүҥүн хомуйаллар. Дьиҥэр, сиэниллэр итинтэн элбэх дииллэр эрээри, сүһүрбэт инниттэн билэрбитин эрэ  хому­йабыт.

Тэллэй оҕуруот аһынааҕар элбэх белоктаах, ол иһин эти солбуйар кыахтаах диэн этэллэр. Ону таһынан, битэмиинэ элбэх.

Бэрт түргэнник хараарар, үөннүрэр буолан, хомуллубут күнүгэр ыраас­тыыр, буһарар ирдэнэр. Араас ньыманы туһанан хаһааныахха сөп.

Хатарыллыбыт

Тэллэйи хатарыы – саамай судургу ньыма. Оннук хаачыстыбатын сүтэрбэт. Сүрүннээн чараас, түргэнник хатарын быһыытынан туруупкалаах, таҥалайдаах тэллэйдэри хатарыллар.

Сууйбакка, кураанахтыы ойууртан аҕалаат да сэрэнэн ыраастаныллар, кураанах таҥаһынан сотуллар, сэлээппэтэ хахтанары хахтаныллар. Атахтаах буоллаҕына, атаҕын туспа ылыллар, улахан тэллэй сэлээппэтин түөрт гына быһыллар. Дьэ уонна биир-биир сапка тиһэн кураанах, үөнэ-көйүүрэ суох сиргэ быаҕа ыйыыллар. Төһөнөн кыра, соччонон түргэнник хатар. Сорохтор сойбут билиитэ оһох үрдүгэр лиис ууран онно тэлгэтэллэр. Атыттар чоҕун ылан баран оһох иһигэр, кыра уокка гааска, духуопкаҕа куурдан ылаллар. Оһох олус сылаас буоллаҕына, куурбакка хатан хаалыан сөп. Ол иһин 50-ча кыраадыска хатарар ордук. Оттон бэлэм буолбутун бэрт судургутук бэрэбиэркэлиэххэ сөп – хаппыт тэллэй, өҕүлүннэрдэххэ, кыратык бүк барыахтаах, ол эрээри, тостубат. Сойбутун кэннэ таҥас мөһөөччүктэргэ кутан кураанах сиргэ харайыллар.

Кыһын таһааран сиэри гыннахха, оргуйа турар итии ууга быраҕан үлүннэриллэр, оргута түһэн ылыллар. Эбэтэр мээккэлээн баран аска тума, эбилик быһыытынан сиэниллэр.

https://pxhere.com/
https://pxhere.com/
Тоҥоруллубут

Хаһааныы иккис судургу ньыматынан тоҥоруу буолар. Тоҥоруу икки араастаах: сиикэйдии уонна буһаран.

Тыаттан аҕалаат да тута ыраастаныллар, сиикэйдии тоҥоруллары сууйбат ордук. Улахан тэллэйдэр сэлээппэлэрин икки, түөрт гына бысталыыллар, атаҕын араараллар. Биирдии буһарыыга сөптөөх гына өлүүлэргэ араараран тус-туспа салапаан бакыаттарга тоҥоро ууруллар. Буһарарга морозильник­тан таһаараат тута оргуйа турар ууга угуллар.

Аныгы кэмҥэ ыраастаммыт, буһарыллыбыт тэллэйи тоҥорор ордук. Бириэмэ кырыымчыгын быһыытынан, морозильниктан таһааран ириэрэ түһээт, кыра ууга, арыыга сырдьыгынатан ылар түргэн.

Эбэтэр өр турарын туһугар маринуйдаммыт, тууһаммыт тэллэйи салапаан бакыаттарга кутан эмиэ тоҥоруох­ха сөп. Маннык бэлэмнэнэн тоҥоруллубуту сөрүүн сиргэ ууран сыыйа ириэрэр ордук. оччотугар ньалбаччы барбакка ирэр, чөлүгэр түһэр.

Маринуйдааһын, тууһааһын

Тэллэйи хаһааныы өссө биир киэҥник тарҕаммыт көрүҥүнэн маринуйдааһын, тууһааһын буолар. Маринуйдаммыт тэллэйи уонча хонугунан сөп буолла да, кыһыннары ууран туран умуһахтан таһаардыбыт да, астыы, буһара барбакка, тута сиэбитинэн барабыт. Итиэннэ туус­тааҕын-тумалааҕын быһыытынан, амтана бэрт минньи­гэс, Саҥа дьыллааҕы сандалы биир мааны бүлүүдэтэ буола түһэр.

Маринуйдуох, тууһуох иннинэ тэллэйи тыаттан аҕалаат даҕаны ыраас­таан баран үс чаас кэриҥэ туус­таах, тымныы ууга сытыара түһүллэр. Оччоҕо туох баар үөнэ-көйүүрэ таһыгар тахсар, өлөр. Салгыы суу­йан баран отучча мүнүүтэ оргутуллар. Сорохтор уонча мүнүүтэ тэптэрэ түһэн баран, хараарбыт уутун сүөкээн, салгыы ыраас ууга оргуталлар. Маннык буһарыллыбыт соччо-бачча хараарбат. Итиилии таһааран хас да сөрүүн ууга сууйуллар. Тууһуурга үчүгэйдик сиппит укуруоп, сибиэһэй чеснок, моонньоҕон сэбирдэҕэ ордук барсар. Маринуйдуурга маныаха эбии саахар, уксус эбиллэр.

What’s your Reaction?
+1
5
+1
0
+1
0
+1
2
+1
1
+1
2
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

33 минуты ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Кэлэр сыллааҕы эксээмэннэр ыытыллар күннэрин бигэргэттилэр

РФ Үөрэҕириитин уонна Үөрэҕи, билими кэтээн көрөр федеральнай сулууспа кэлэр сыллааҕы биир кэлим эксээмэн, сүрүн…

48 минут ago
  • Сонуннар

Кытайга уонна Хотугу Кореяҕа барарга тимир суол сырыыта сөргүтүлүннэ

Арассыыйа тимир суоллара (АТС) Кытайы уонна КНДР-ы кытта пассажирдары тиэйиини сөргүтэллэр. Бу туһунан АТС пресс-сулууспата…

1 час ago
  • Сонуннар

«Конституция — Арассыыйа быраапка тирэҕэ: Саха сирин аныгы быыбардыыр тиһигин 30 сыла» тэрээһин ыытылынна

Бүгүн СӨ Бырабыыталыстыбатын 2 дьиэтигэр "Конституция -- Арассыыйа быраапка тирэҕэ: Саха сирин аныгы быыбардыыр тиһигин…

1 час ago
  • Сонуннар

Историческай паарка алмаастаах быыстапканы билиһиннэрдэ

«Арассыыйа – мин устуоруйам» историческай пааркаҕа «Кино в службе Отечества» бэстибээл чэрчитинэн «Дьиэбэр барабын» киинэни…

1 час ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Сэрии толоонугар дьоруойдуу охтубут эһээ уонна хос-хос сиэн сырдык кэриэстэригэр

Балбахов Виссарион Дмитриевич,  үйэ чиэппэрэ кэм  устата Хоту сиргэ таһаҕаһы таһыыга эҥкилэ суох үлэлээбит Арассыыйа Федерациятын…

1 час ago