Алтынньы 5 күнүгэр Сунтаар улууһун Тэҥкэтэ туспа нэһилиэк аатын сүгэн, иккис тыынын ылбыт күнүгэр сөп түбэһиннэрэн, баһылык Светлана Николаевна Игнатьева нэһилиэгин инники сайдыытыгар өссө биир сонун хардыыны оҥордо.
Ол курдук, биэрэк үрдүнээҕи “Мин Тэҥкэни таптыыбын” искибиэр аһыллыыта уонна чөкө нэһилиэк да буоллар, түҥ былыргы дьыллартан силис тардар дириҥ устуоруйалаах нэһилиэк олохтоохторун уонна төрөөбүт-үөскээбит өбүгэлэрин сирин кытта сибээстэрин быспатах дьону-сэргэни түмэр, сомоҕолуур “Төрүт дойдубут Тэҥкэ” диэн үрдүк таһымнаах тэрээһин буолан ааста.
Бу иннинэ 2 сыллаах үлэ түмүгүнэн нэһилиэккэ иһэр ууну ыраастыыр ыстаансыйа таҥыллан үлэҕэ киирбитэ, оптоволокно тардыллан интэриниэт, сайыҥҥы уу ситимэ, тренажер былаһаакката оҥоһуллубуттара саҥа баһылык үлэтигэр киэҥ хоннохтоохтук ылсан саҕалаабытын туоһутунан буолаллар.
Устуоруйа быыһын сэгэтэн көрдөххө, бу нэһилиэк гражданскай сэрии сылларыгар былааһы утары турууга күтүрэнэн быстах дьылҕаланан, Саха сирин картатыттан нэһилиэнньэлээх пуун быһыытынан симэлийэ сыспыта. Ол эрэн, турар сирэ-уота өҥ буорунан, өлгөм бултаах-астаах сиринэн, кэрэ айылҕатынан абылаан уонна бэйэтин патриот дьонун-сэргэтин үтүөлэринэн, Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин 1992 сыл алтынньы 5 күнүнээҕи уурааҕынан, Тэҥкэ учаастага туспа нэһилиэк аатын сүгэн иккис тыынын ылбыта. Нэһилиэк урукку устуоруйатын кэрэһилиир дьоһуннаах кинигэ билигин үлэлии олорор баһылык Светлана Николаевна Игнатьева сүүрүүтүнэн-көтүүтүнэн итиэннэ элбэх тэрээһин үлэни, араас таһымнаах кэпсэтиилэри ыытан, күн сирин көрдө. Баһылык дьоһуннаах кинигэ ис-тас көрүҥэр тиийэ ырытыһан, үбүлээһинин быһаарбытын түмүгэр дириҥ ис хоһоонноох, үгүс элбэх былыргы да, аныгы да хаартыскалардаах, билиҥҥи олох хардыытынан куар кодтаах, 335 лиистээх, 60х90/8 форматынан, 250 ахсаанынан бэчээттэнэн күн сирин көрдө.
Бу кинигэ I Нөөрүктээйи Сунтаар улууһугар холбоммута — 200, Тэҥкэ нэһилиэгэ иккис тыынын ылан туспа нэһилиэк буолбута 30 сылларыгар сөп түбэһиннэриллэн бэчээттэнэн тахсыбытын санатыһар сөптөөх буолуо.
Манна даҕатан, баһылык Светлана Николаевна туһунан билиһиннэрэ түстэххэ, кини Бүлүү улууһун II Күүлэтигэр күн сирин көрбүтэ. Оскуола кэнниттэн култуура уонна ускуустуба кэллиэһин төрүт култуура салаатын бүтэрэн, үлэтин Горнай улууһун Маҕараһыгар эдэр ыччат лиидэринэн, социальнай харысхал салаатын исписэлииһинэн саҕалаабыта. Үлэлии сылдьан Саха судаарыстыбаннай университетыгар үөрэнэн, культуролог идэтин баһылаабыта. 2005 сылтан тус хоту, сыыдам таба көлөлөөх, күөх унаар халлаан куйаарын кытта силбэһэр киэҥ нэлэмэн туундара дойдутугар Анаабыр улууһун култууратын мусукаалынай оскуолатыгар 5 сыл дириэктэринэн үлэлээн, дьону-сэргэни иилээн-саҕалаан биир сыалга-сорукка түмэн, салайыы оскуолатын ааспыта. Манна үлэлии сылдьан СӨ бэрэсидьиэнин иһинэн салайыы институтугар «Муниципальнай салайыы» кыһатыгар үөрэнэн, билиитин-көрүүтүн хаҥаппыта. 2010 сылтан икки сыл Сунтаар улууһун култууратын управлениетыгар ИМЦ исписэлииһинэн үлэлии сылдьан, төрөөбүт Бүлүү улууһун II Күүлэтигэр баһылык быыбара буолбутугар бырагырааматын билсэн баран, олохтоохтор киэҥ сирдэринэн үлэлээн уопут мунньунан буспут-хаппыт кыыстарыгар үгүс куолаһы биэрэн, икки илиилэринэн баһылык солотун туттаран, нэһилиэктэрин инники дьылҕатын итэҕэйбиттэрэ. Манна үлэлиир сылларыгар Светлана Николаевна чахчы аһыллан, Бүлүү улууһун биир суола-ииһэ суох, өрүс уҥуор 20-чэ көстөөх сиргэ ойуччу сытар, 400-чэ нэһилиэнньэлээх нэһилиэк олоҕо сэргэхсийэрин туһугар нэһилиэгинэн түмсэн, сомоҕолоһон бары турунан туран үлэлииллэрин тэрийэн, үгүс үлэтин тиһэҕэр тиэрдэргэ нэһилиэк олоҕо күөстүү оргуйбута.
Бу 8 эрэ сыл иһигэр нэһилиэгэр кулуубу, почта дьиэтин, биэлсэр-акушер пуунун, 50 миэстэлээх уһуйаан дьиэтин тутууну сэргэ, саханы саха дэппит ынах сүөһү пааматынньыктаах, 3 уордьаннаах үлэһиттэригэр бюст туруоран, Кыайыы, Үлэ дьонугар аналлаах искибиэрдэр тутуллубуттара. Кулуупка олохтоох өрөмүөн ыытыллыбыта. Дьон олоҕун тупсарарга аналлаах сайыҥҥы уу ситимэ, оҕо оонньуур былаһааккалара, хас биирдии ыалга кииннэммит ититии холбооһунун курдук үлэлэр ыытыллыбыттара.
Маны сэргэ, сотовай сибээс, спутник нөҥүө 20 ханаалы көрдөрөр ыстаансыйа олоххо киллэриллэн, дьон олоҕун тупсарыыга туһуламмыт үлэ-хамнас барбыта. Улуус салалтатын кытта үгүс кэпсэтии түмүгэр хайдахтаах да куһаҕан суолтан иҥнибэт вездеход ылыллан, наада буолла да дьону, таһаҕаһы таһыы сылы эргиччи оҥоһуллар буолбута. Маны таһынан сайыны быһа сылдьарга аналлаах суол өрөмүөнэ оннуттан хамсаан, үлэ тэтимирэн олоххо киириитэ улахан ситиһиинэн буолбута. Роскосмостары кытта ыкса үлэлэһэн, ракеталар сүһүөхтэрин көрдүүр кэмнэригэр нэһилиэгин дьонун улуустарын киинигэр босхо тастарарга кэпсэтии ыытан, сөбүлэҥ түһэрсибитэ да элбэҕи этэр.
Ракета тобохторун көрдүүр кэмнэрэ үлэлэрин түмүгүттэн көрөн, 7-10 хонук устата барааччы… Бу кыахтаах тэрилтэ нөҥүө оскуолатыгар компьютернай кылаас бүтэһик моделын ылан туруортарбыта.
Баһылык быһыытынан дойдутугар ракета сүһүөхтэрэ түһэрин олохтоох нэһилиэнньэ доруобуйатыгар охсуулааҕынан ааҕан, төһө да утарса санаабытын иһин, үөһээҥҥилэринэн быһаарыллыбыт дьыаланы хайыыр да кыаҕа суоҕуттан элбэхтик санаарҕаатар да, нэһилиэгэр муҥутуур туһаны эрэ оҥорбут киһи диэн элбэхтик сүүрбүтэ-көппүтэ. Роскосмос салалтатын кытта үгүс кэпсэтиини ыытан, өссө да үгүс бырайыактарын олоххо киллэрэргэ кэпсэтии ыыта сылдьыбыта…
Онтон 2020 сыллаахха кэргэнэ Павел Григорьевич Игнатьев дойдутугар Сунтаар улууһун Тэҥкэ нэһилиэгэр баһылык солотугар быыбар биллэриллибитигэр олохтоохтор ыҥырыыларынан кэлэн, быыбарга кыттан, үгүс бырыһыан итэҕэллэрин ылан үлэлээн-хамсаан барбыта.
Тэҥкэ нэһилиэгэ Бүлүү Эбэ хотун хаҥас биэрэгэр биир кэрэ айылҕалаах, сылгы-сүөһү торолуйа уойан ураты минньигэс эмис эттээх, үрүйэлии ыанар ап араҕас арыы тахсар үрүҥ илгэ үүт астаах, балыгынан-булдунан хадаҕалыыр ураты кэрэ сиргэ турарынан дьонун-сэргэтин абылыыр күүстээх.
Өрөбөлүүссүйэ иннинэ манна М.Артаханов (Дьөлүһүөн), П.Иванов (Чоруос) уонна саамай биллэр-көстөр гильдиялаах атыыһыт Л.Крюков курдук кинилэргэ борохуот тохтуур атыыһыттара олорбуттарынан, сэбиэскэй былаас олохтоноругар Сунтаар улууһугар өрө туруу көрдүгэнэ буолбут буруйугар нэһилиэги хас да төгүл төхтөрүйэн саба сатаабыттара. Ол гынан баран, патриот дьоно-сэргэтэ Индеевтэр, Игнатьевтар, Степановтар, Николаевтар, Кириллиннэр, Тихоновтар үтүөлэринэн, көһөн баран хаалбакка (төһө да 1974 сылтан 10-ча сыл оскуолата суох олордоллор), 1992 сылтан туспа нэһилиэк аатын ылан иккис тыынын ылан, сайдыы киэҥ аартыгар үктэнэргэ олук ууруллубута.
Тэҥкэ туhунан архыып докумуоннарын сэгэтэн көрдөххө, 1771 сылтан ахтыллар эбит. Сунтаар улууhа тэриллиэн иннинэ билиҥҥи Тэҥкэ, Тойбохой, Куокуну, Бүлүүчээн сирдэрин Өлүөхүмэ бас билэн олорбут. I Нөөрүктээйи диэн туhунан нэhилиэк буолан, 1917 сылга диэри баара. 1854-55 сылларга ыытыллыбыт Р.Маак эспэдииссийэтин түмүгүнэн отчуоттууругар Тэҥкэ нэһилиэгэ Бүлүү 4 улууһун нэһилиэнньэлээх пууннарын ортотугар нэһилиэнньэтин ахсаанынан 2-с миэстэлээх эбит. Ол курдук, Бүлүү куоратыгар 632 киһи олорор эбит буоллаҕына, Тэҥкэҕэ 438 киһи 1439 сүөһүнү, ол иһигэр 1043 төбө ынах сүөһүнү, 356 сылгыны, 40 төбө табаны тутан, 58,5 дэһээтинэ, ол эбэтэр гаатыгар таһаардахха 63,5 гектар бурдук ыстар сирдээхтэрэ бэлиэтэммит.
Светлана Николаевна нэһилиэгин олоҕун салайыы уруулун туппут киһи быһыытынан кэскиллээх былаан оҥостон үлэлээн эрдэҕинэ, пандемия өрө туран дьону кытары үлэҕэ үгүс күчүмэҕэйдэри үөскэппитэ. Ол да буоллар, туох үүт-хайаҕас баарынан үлэлээн-хамсаан барбыта. Тэҥкэҕэ бүгүҥҥү күҥҥэ саха төрүт дьарыгынан сүөһү, сылгы иитиитинэн дьарыктанар үс бааһынай хаһаайыстыба (Кириллин А.И., Игнатьев П.Г. уонна Ураанай Туланы Уйгу кыыһа), бэйэ дьарыгынан сүөһү иитиитинэн дьарыктанар Г.С.Алексеев бааллар.
Зинаида, Игорь Индеевтэр тэрийэн үлэлэтэр Тэҥкэ кэрэ айылҕатын кытта ситим олохтуурга аналлаах “Тэҥкэ” туристар базалара үлэлии турар.
Д.С.Федоров аатынан оскуола-саадка дириэктэр Лукина Светлана Ивановна салалтатынан оскуолаҕа 8 оҕо, уһуйаан саастаах 14 оҕо бааллар. Нэһилиэк киһитин ахсаана элбиир кыахтааҕын туоһутунан 2021 сылга 6 оҕо күн сирин көрбүтэ буолар.
Нэһилиэнньэ сынньалаҥын, култуурунай олоҕун тэрийэр «Кустук» Култуура киинин үлэтин дириэктэр эбээһинэһин толорооччу, уус-уран салайааччы Васильева Алена Васильевна сүрүннүүр. Манна куруһуок салайааччыларынан култуура бэтэрээннэрэ Кириллина Розалия Алексеевна, Яковлева Валентина Дмитрьевна үлэлииллэр.
Светлана Николаевна нэһилиэгэр саҥа сүүрээннэри киллэрэн нэһилиэк олоҕун сэргэхситэн, дьон интэриэһин уһугуннаран, төрөөбүт нэһилиэктэринэн киэн туттуу, патриотизм тыына уһуктуутугар олук ууран, нэһилиэгин сайдыы суолугар бигэтик үктэннэрдэ.
Ол курдук, Нөөрүктээйи нэһилиэгэ Сунтаар улууһугар холбоспута — 200, Тэҥкэ нэһилиэгэ иккис тыынын ылан туспа нэһилиэк буолбута 30 сылыгар аналлаах Тэҥкэттэн төрүттээх аҕа уустарын ыһыаҕа үрдүк таһымҥа ыытыллан, үөрүү-көтүү үктэллээх ааспыта. Манна аҕа уустарынан саҥа бэсиэдкэлэри тутан, киэргэтэн-симээн сонун идеяны олоххо киллэрдэ. Пааркаларын сэргэхтик өрөмүөннээн, култуура тэрээһиннэриттэн саҕалаан, аһыгар-үөлүгэр тиийэ кыайа-хото тутан, ураты тыыннаах сонун ыһыах ыһыллан дьон-сэргэ астыммыта, дуоһуйбута харахха быраҕыллар этэ. Ханнык баҕарар тэрээһин төһө ыалдьыттааҕынан сыаналанар. Тэҥкэлэр бу тэрээһиннэригэр элбэх ыалдьыт үөрэ-көтө сылдьан, махтал-баһыыба тылларын этэн тарҕаспыта инники таһаарыылаах үлэҕэ көҕүлүүрэ саарбахтаммат.
Светлана Николаевна кэскиллээх үлэтигэр нэһилиэгин олохтоохторун көхтөөх үлэлэригэр тирэҕирэр. Ол курдук, сопхуос саҕаттан үлэни өрө туппут дьон Тэҥкэҕэ аҕыйаҕа суохтар. Сопхуос саҕана сылгыһыттар Индеев Борис Николаевич, Тихонов Виталий Васильевич, ыанньыксыттар Игнатьева Валентина Арьяновна, Николаева Валентина Ивановна, бороон көрөөччүлэр Кириллина Розалия Алексеевна, Тихонова Мария Михайловна, мэхэньисээтэрдэр Николаев Валентин Прокопьевич, Игнатьев Григорий Иванович, онтон да атыттар Тэҥкэ Тэҥкэ буоларын туһугар элбэх көлөһүннэрин тохпуттара.
Светлана Николаевна — 5 оҕо тапталлаах ийэтэ. Кэргэнэ Павел Григорьевич Тэҥкэ нэһилиэгэр сылгы иитиитинэн дьарыктанар бастакы бааһынай хаһаайыстыбаны тэринэн таһаарыылаахтык үлэлии-хамсыы сылдьар. Павел Григорьевич тыаҕа таҕыстаҕына, байанайдаах булчут, күөлгэ, өрүскэ киирдэҕинэ, бааттаах балыксыт быһыытынан биллэр. Тутууга сыһыаннаах буолан, дьиэтин сиэдэрэйдик туттан, үлэлиир базатын силигин ситэрэн, дьоһуннаах хаһаайын быһыытынан тэҥкэлэргэ сыаналанар.
Тэҥкэ сирэ-уота киэҥ уонна өҥ үүнүүлээх буолан, Павел Григорьевич тиэхиньикэтин аттаран туруоран, эбии дьон наймылаһан үлэлэтэн, өрүс уҥуор Оторуус диэн түөлбэҕэ хаһыс да сылын оттуур. Хаачыстыбалаах отун отторо тиийбэт нэһилиэктэргэ, Мииринэй Арыылааҕар тиийэ атыылаан эбии дохуот киллэринэр.
Бу ыстатыйаны Тэҥкэттэн төрүттээх Аҕа дойду сэриитин бэтэрээнэ, сэбиэскэй-бартыыйынай үлэһит, биэнсийэҕэ тахсан баран 90-с сылларга Тэҥкэ оскуолатыгар дириэктэринэн үлэлии сылдьан 6-9 кылаастары астаран үлэлэппит Яковлев Петр Константинович ырыа буолбут хоһоонун тылларынан түмүктүөххэ:
«Сайдан үүнэн чэчирээ
Ыччаккынан киэн тутта
Төрөөн-үөскээн улааппыт
Таптыыр ахтар Тэҥкэбит…».
Валерий ИЛЛАРИОНОВ, Сунтаар
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…