Салгыы
Төҥүлү алаас устуоруйатын уустар тимир скульптураларга үйэтиттилэр  

Төҥүлү алаас устуоруйатын уустар тимир скульптураларга үйэтиттилэр  

17.09.2024, 17:35
Хаартыска: Иван Борисов тиксэриитэ.
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһун Төҥүлү нэһилиэгэр “Тимир уус-2024” өрөспүүбүлүкэтээҕи аһаҕас куонкурус буолан ааста.

Бу тэрээһини көҕүлээччи,  өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник биллэр урбаанньыт Иван Борисов маннык сырдатта:

Дьокуускай Мархатыттан, Сунтаар, Ньурба улуустарыттан уонна улуус нэһилиэктэриттэн уопсайа 20 тимир ууһа кэлэн кыттыыны ыллылар. Суолталаах тэрээһин “ПИК” ХЭУо, Мэҥэ Хаҥалас улууһун, Төҥүлү нэһилиэгин дьаһалталарын, “Эйгэ” култуура киинин, норуот маастардара Устин Борисов, Елисей Баишев, Леонид Говоров өйөбүллэринэн, көмөлөрүнэн үрдүк таһымнаахтык буолан ааста. Түгэнинэн туһанан, кинилэргэ барыларыгар истиҥ махталбын тиэрдэбин.

Икки тимир уустарын куонкуруһун ыыппыт үлэлэртэн таҥыллан оҥоһуллубут “Дэгэт аартыга” искибиэр  «Халыма” федеральнай  суолу “өҥөйөн” турар. Манна “Уют”, “Нал” кафеларбыт турар буолан, дойду араас муннуктарыттан уонна улуустартан дьон тоҕуоруһа мустан ааһар сирэ.

  “Дэгэт аартыга” диэн искибиэр, аата да этэринии, дэгиттэр уус, барыны бары сатыыр айар-тутар дьон үлэлэрин түмэ тардан, дьон, ыалдьыт көрүүтүгэр таһаарыы буолар.  Бу өссө «Халыма» федеральнай суол аартыга биһиги Төҥүлүбүтүнэн ааһар бэлиэтэ. Тимир уустарын бастакы куонкуруһун от ыйын ортотугар ыыппыппыт. Онно мин өрөспүүбүлүкэ уустарыгар 12 скульптураны оҥороллоругар анаан куонкурус биллэрбитим. Төҥүлү алааһы үс нэһилиэк тулалыыр: Тарат, Тумул, Төҥүлү бэйэтэ. Искибиэр бу алаас дьоно тугунан “тыынан” олороллорун ааһан иһэр дьоҥҥо көрдөрөр соруктаах толкуйдаммыта.

Кыттааччылар биллибиттэрин кэннэ, ким туох скульптураны ыларыгар жеребьевка ыыппыппыт. Эрдэттэн Төҥүлү алаас устуоруйатын, дьонун-сэргэтин олоҕун кэпсиир тиэкиһи уонна скульптура барыллааһын эскииһин ыыппыппыт. Ол эбэтэр Төҥүлү алаас устуоруйата бу скульптураларынан тахсан кэлиэхтээҕэ. Онтон кыттааччылар усулуобуйаларын ыыппыттара. Скульптураларын туруоралларыгар туох-ханнык кээмэйдээх “фундамены” сакаастыылларын эппиттэрэ. Ити кинилэр манна кэлэн үлэлииллэригэр бириэмэлэрин сүтэрбэттэрин курдук. Үлэлиир кэмнэрин устата бириэмэлэрин туһалаахтык атааралларын курдук, сынньанар кэмнэрин кытта толкуйдаабыппыт. Ол курдук, уопуттаах уустар, саҥа тимир оҥоһукка ылсыбыт эдэр дьоҥҥо уонна үөрэниэн баҕалаах “орто баайыылаах” уустарга анаан маастар-кылаастары ыыппыттара, үлэлиир тэриллэрин кытта көрдөрөн, баай уопуттарын үллэстибиттэрэ. Онон бары өттүттэн туһалаах тэрээһин буолан ааспыта.

Күһүҥҥү тимир уустарын иккис куонкуруһа искибиэр ыскамыайкаларын уонна сибэкки «стойкаларын» оҥорууга туһуланна. Уустарбытыгар үлэлииллэригэр толору усулуобуйаны тэрийдибит. Ол курдук,  үрдүттэн хоно сытан баанньыктанан, бэлэм тардыллыбыт остуолларга олорон итии, минньигэс ас арааһын аһаан, санааларын ирэ-хоро атастаһан, биллиилээх ырыаһыттар кыттыылаах билсиһии киэһэтигэр оонньууга-көргө кыттан, бэркэ астынан тарҕастылар.

Тимир уус-2024” күһүҥҥү куонкурус кыайыылааҕынан буолбут Алексей Апросимов 200 000 солкуобайынан бэлиэтэннэ. Иккис миэстэни Николай Михайлов — 180 000 солк., үһүс миэстэҕэ тиксибит Устин Борисов — 150000 солкуобай харчынан итиэннэ сыаналаах бириистэринэн бириэмийэлэннилэр. “Сатабыллаахтар түмсүү анал бирииһи уонна 90 000 солкуобай уу харчыны Сунтаартан Егор Петровка туттарда. Миэстэлэспэтэхтэргэ хас биирдиилэригэр 50 000 солкуобай харчы туттардыбыт.

Сүрүн судьуйанан СӨ норуотун маастара, РФ Тимир уустарын сойууһун чилиэнэ, Саха сиригэр баар Арассыыйа тимир уустарын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Николай Бурцев, чилиэннэринэн олохтоох худуоһунньук Наум Киренскай, ХИФУ «Учебно-творческая лаборатория прогрессивных технологий дизайна и декоративно-прикладного искусства” салаатын маастара Анна Капустина курдук үлэлэспит дьүүллүүр сүбэҕэ махтал тылларын истиҥин этэбин”.

 Ити курдук, төрөөбүт дойдутугар бэриниилээх патриот киһи Иван Борисов дойдутун аатын суон сураҕырдар, дорҕоонноохтук ааттатар туһугар бэртээхэй холобуру көрдөрдө. “Үтүө дьыала батыһыннарыылаах” дииллэр. Онон өрөспүүбүлүкэ урбаанньыттара төрөөбүт дойдуларын туһугар итинник тэрээһиннэри эмиэ ыытыахтара диэн эрэнэбит.

+1
10
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 октября
  • -1°C
  • Ощущается: -7°Влажность: 69% Скорость ветра: 6 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: