Төҥүлү пиэрмэрэ дьиэ кэргэнин пиэрмэтин тутууга туһуламмыт граҥҥа тиксибэтэ
Соторутааҕыта Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Төҥүлү нэһилиэгэр “Нөмүгү“ сайылыгар уонтан тахса сыл олохсуйан олорор Николай Баишев-Бойцов хаһаайыстыбатын анаан көрөн, билсэн кэлбитим.
Пиэрмэр сыл аайы сүөһүтүн ахсаана элбээн, аны хотон туттуута биир сытыы боппуруоһунан буолбут этэ. Биллэн турар, билигин сүөһү ахсаана аҕыйыы турар кэмигэр тыа сирин пиэрмэрэ сүөһүтүн элбэтэн, хотон тутар санааҕа киирбитэ үчүгэй бөҕө буоллаҕа. Ол эрээри…
1942 сыллаахха Аҕа дойду Улуу сэриитигэр кырдьан, сааһынан хапсыбатах уонна инбэлиит оҕонньоттор 100-чэкэ сүөһү турар холхуос хотонун иккиэ буолан туппуттара, биллэн турар, билигин өтөхсүйэн, алдьанан-кээһэнэн турар.
Мин сылдьар кэммэр Николай Баишев-Бойцов аймахтарын кытта ол эргэ хотону 80-тан тахса сыл буолан баран сөргүтэн, быйылгы кыстыкка атын хотоннорго баппатах сүөһүлэрин киллэрээри, үлэ-хамнас буолан түбүгүрэ сылдьаллара. Бу хотонун туттаары «Дьиэ кэргэн пиэрмэтин сайыннарыы” граныгар тустаах министиэристибэ куонкуруһугар киирсэ сатаабыт да, хапсаахтаабатах.
«Барыта бааллынан ааҕыллар эбит. Ол онно тыа сирин дьоно, чуолаан боростуой пиэрмэр балл хомуйара уустук эбит. Ол иһин ыксаан бэйэбит күүспүтүнэн бу эргэ хотону аҥаардаан баран, саҥардан эрэбит. Сүүсчэкэ сыл аһаҕас халлаан анныгар турбут хотон диэтэххэ, баҕаналара билигин да «эттээх» буолан соһутта. Өссө өр сылларга аа-дьуо барыыһы. Былыргы дьон тутууга мындыр да буолар эбиттэр», — диир Николай Баишев.
Дьэ, кырдьык, уустук балаһыанньа эбит. Кыстыкка киирии чугаһаата. “Кимнээх ханнык ирдэбиллэргэ эппиэттэһэн дьиэ кэргэн пиэрмэтин сайыннарыыга туһуламмыт грант үбүн ылаллара буолла?” диэн санаанан салайтаран, Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин сүөһү иитиитигэр дэпэртээмэн сүрүннүүр исписэлииһэ Гаврил Борохины кытта кэпсэттим. Бу матырыйаалбын бэлэмниирбэр билигин сүөһүтүн ахсаанын элбэтэ сылдьар пиэрмэр Николай Баишев уолунаан хотон туттаары хаһыс да сылларын граҥҥа киирсэ сатыылларыгар олоҕурдум.
Сүөһү ахсаанын элбэтиэн олус баҕалаах дьон граҥҥа хапсыбакка хаалаллара хомолтолоох. Дьиэ кэргэн пиэрмэтин туттарга грант ылыыга туох ирдэбиллэр баалларын «Саха сирэ» хаһыат» сарсыҥҥы — бээтинсэтээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: