Төҥүлүгэ тимир уустара күрэхтэстилэр
Мэҥэ Ханалас улууһун Хотун Төҥүлүтүгэр олорор урбаанньыт, нэһилиэк бочуоттаах олохтооҕо, «Мэҥэ аат” хаһаайына, мэссэнээт, бэпэчиитэл Иван Иванович Борисов балаҕан ыйыгар үс күннээх “Тимир болгуо — кэрэ көстүү” диэн тимир уустарыгар күрэһи өрөспүүбүлүкэҕэ бастакынан ыытта.
Бу күрэс аһыллыытыгар Арассыыйа суруналыыстарын чилиэнэ, Төҥүлү түмэлин сэбиэдиссэйэ Иван Тарабукин кытынна. Кини кыттааччыларга Хотун Төҥүлү устуоруйатын туһунан сиһилии кэпсээтэ. Оттон Доллу нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, «РФ үөрэҕириитин туйгуна» Елена Куличкина Борисовтар удьуордарыгар тимир уустар баалларын киэҥ далааһыннаахтык билиһиннэрдэ.
Бу күрэскэ кыттыыны ыллылар: Егор Петров (Сунтаар), Алексей Апросимов (Мэҥэ Хаҥалас, Моорук Суола), Иван Гоголев (Мэҥэ Хаҥалас, Табаҕа), Семен Данилов (Хаҥалас), Алквиад Атастыров (Таатта), Анатолий Константинов (Сунтаар), Валентин Константинов (Сунтаар), Семен Дорогунов (Чурапчы), Роман Баишев (Мэҥэ Хаҥалас, Төҥүлү), Аркадий Сивцев (Мэҥэ Хаҥалас, Матта), Архив Скрябин (Мэҥэ Хаҥалас, Майа), Юрий Максимов (Мэҥэ Хаҥалас, Төхтүр).
Бастакы киэһэ тимир уустарыгар уопут атастаһыы, сынньалаҥ биэчэрэ буолла. Маны “Туймаада” судаарыстыбаннай ансаамбыл ырыаһыта Эдуард Баланов иилээн-саҕалаан ыытта.
Дьэ, ити кэннэ тимир уустара сорудах быһыытынан ыскамыайка оҥорорго “Художественная ковка” диэн түһүмэххэ күөн көрүстүлэр. Бииртэн биир ураты, бэйэ-бэйэлэригэр майгыннаспат, кэрэ, киһи көрөн сөҕөр гына ыскамыайкалар икки күн устата чочуллан оҥоһуллан таҕыстылар. Айылҕаттан айдарыылаах талааннаах саха сэмэй эр дьоно оҥоһуктарын үйэ саас тухары Хотун Төҥүлүгэ бэлэх ууннулар.
Уустар оҥорбут ыскамыайкаларын дьүүллүүр сүбэ биир санаанан көрөн-истэн кыайыылаахтары быһаарда. Ол курдук, тиэхиньиичэскэй наукалар хандьыдаата, Намнааҕы педогогическай кэллиэс уһуйааччыта Надежда Слепцова, Үөһээ Бүлүү Дьүллүкүтүттэн төрүттээх өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр скульптор, тимир ууһа Николай Михайлов уонна Арассыыйа Худуоһунньуктарын чилиэнэ Наум Киренскэй сыаналаатылар.
Ол курдук, үс күннээх тыҥааһыннаах күрэс түмүгэр Алексей Апросимов (Мэҥэ Хаҥалас, Морук Суола) 1 миэстэни ылан, 150 тыыһынча солкуобайынан, саамай эдэр кыттааччы Егор Петров (Сунтаар) 2 миэстэ буолан, 130 тыыһынча солкуобайынан уонна Аркадий Сивцев (Мэҥэ Хаҥалас, Матта) 3 миэстэ буолан, 100 тыыһынча солкуобайынан наҕараадаланнылар.
Тимир уустара сүрдээҕин астынан, дуоһуйан, инникитин да маннык күрэхтэһиилэр буола туралларыгар баҕардылар. Иван Борисовка тимир уустарыгар маннык бэртээхэй тэрээһини ыыппытыгар уустар махтаннылар, бэйэ-бэйэлэриттэн уопут атастаспыттарыттан сүрдээҕин диэн астынан тарҕастылар.
Вера Владимирова, Төҥүлү.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: