Тэпилииссэҕэ үүннэриллэр оҕурсу суортара
Оҕурсу итии дойдуттан төрүттээх үүнээйи буоларын быһыытынан, Саха сиригэр тэпилииссэҕэ ордук үчүгэйдик үүнэр, астанар. Хас да суорду бииргэ олордуоххутун сөп. Оччоҕуна тыһы сибэккилээх суорт атын суорт атыыр сибэккититтэн куоппаһыран ас тардар.
Зозуля F1 (ТСХА-77) – эрдэ ситэр гибриднэй (43-51 хонук), бэйэтэ куоппаһырар суорт. Ол гынан баран, бастакы куннэригэр куоппаһырдар ирдэнэр. Орто уһун уктаах. Бу суорт температура уларыйарын уонна күлүгү тулуйумтуо, онон табыгастаах. Аһа уһун синньигэс, уһуна 23 см тиийэр, ыйааһына 200-260 г.
Кукарача (ТСХА-76) — эрдэ ситэр (45—55 хонук) суорт. Уга уһун, бөдөҥ тэллэҕэр хойуу сэбирдэхтээх. Көрөн-харайан үүннэрбэтэххэ мээнэ уһуон сөп, кэмигэр сарбыйар ирдэнэр. Аһа уһун синньигэс, уһуна 26 см, ыйааһына 270 г кэриҥэ.
Манул (ТСХА-211) — син эрдэ ситэр (54 хонук) суорт. Уга уһун, сэбирдэҕэ бөдөҥ уонна хойуу. Тыһы сибэккитэ баһыйар. Онон куоппаһырарын наадатыгар атын суорду кытта булкуйа олордуллар. Ууну элбэхтик куттахха, силиһэ тэллэй түүнүгэ (корневая гниль) ыарыынан сутуллар. Сырдыга тиийбэт буоллаҕына, некроз диэн ыарыынан ыалдьыан сөп. Аһа модьу, уһуна 22 см, ыйааһына 240 г диэри.
Сюрприз F1 (ТСХА-66) — эрдэ ситэр суорт. Уга уһун. Силиһэ тэллэй түүнүгүн тулуйумтуо. Аһа уһун синньигэс, уһуна 18 см, ыйааһына 260 г кэриҥэ.
ВНИОХ — эрдэ ситэр суорт. Уга уһун уонна хойуу лабаалаах, хоннох лабаалары кэмин аһарбакка тонуохха наада. Силиһэ тэллэй түүнүгүн тулуйумтуо. Аһа уһун синньигэс, уһуна 28-30 см.
Апрельскай F1 — эрдэ ситэр (45—50 хонук) уонна өлгөмнүк үүнэр суорт. Орто уктаах. Сииктээх уонна сылаас буору сөбүлүүр. Аһаҕас да сиргэ үүнүөн сөп. Мозаика ыарыытыгар ылларбат. Аһа уһун синньигэс, уһуна 25 см, ыйааһына 200-250 г буолар.
Брунo F — эрдэ ситэр, өлгөм үүнүүлээх суорт. Аһа уһун синньигэс, минньигэс амтаннаах, уһуна 20 см диэри.
Фронтера F — син эрдэ ситэр суорт. Уга сөбүгэр уһун. Аһа уһун синньигэс, минньигэс амтаннаах, уһуна 18 см ордубат. Уһуннук сибиэһэй сытар. Тууһуурга уонна салаакка ордук барсар.
Чемпион Седек F — эрдэ ситэр (43—48 хонук), бэйэтэ куоппаһырар, өлгөм астаах суорт. Ыарыыны, араас ыарахан усулуобуйаны тулуйумтуо. Уһун кэм устата аһын биэрэ турар. Аһа бытархай, кытаанах, уһуна 10 см эрэ курдук, ыйааһына 78-82 г. Бу кэнсиэрбэлииргэ саамай табыгастаах суорт.
Стелла F — эрдэ ситэр суорт. Сибэккитэ үксэ тыһы. Аһа уһун синньигэс, олус минньигэс, уһуна 22-25 см.
Мазай F — эрдэ ситэр (45—47 хонук) суорт. Аһа модьу соҕус, уһуна 14-16 см. Аһа сибиэһэйдии да, кэнсиэрбэлээн даҕаны сииргэ олус минньигэс.
Маны таһынан “Изумрудный поток”, “Клавдия”, “Четыре лета”, “Герман”, “Каролина” суортар барсаллар.
Мария ЛУКИНА, Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет ойуур комплексыгар уонна сири оҥорууга факультетын агрономия уонна химия кафедратын старшай преподавателэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: