«Теплоэнергосервис» АУо үлэһиттэрэ мэтээлинэн наҕараадаланнылар
«Теплоэнергосервис» АУо мобилизацияламмыт үлэһиттэрэ «Бойобуой үтүөлэрин иһин» мэтээлинэн наҕараадаланнылар.
Бүлүү филиалын ТВК магистральнай ситимнэрин өрөмүөннүүр учаастагын АВР 4-с разрядын силиэсэрэ «Бойобуой үтүөлэрин иһин» мэтээл ылла, оттон Алдан филиалын 3- с разрядтаах машиниһа «Хорсунун иһин» мэтээлинэн наҕараадаланна.
Икки байыастар былырыын анал байыаннай дьайыыга сулууспаҕа хантараак түһэрсибиттэрэ. Дойду көмүскэлигэр байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан хампаанньаттан барыта 58 үлэһит туруммута биллэр. Кэлэктиип мобилизацияламмыт анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар гуманитарнай көмөнү уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр ыарахан кэмнэргэ өйөбүл оҥорон, олох-дьаһах боппуруостарын быһаарыыга көмөлөһөр диэн «Теплоэнергосервис» АУо пресс-сулууспата суруйар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: