Төрдү-ууһу үөрэтииттэн дойдуга таптал саҕаланар

Share

Төрүччүнү үөрэтии Наахара орто оскуолатыгар 2006 сыллаахтан саҕаламмыта. Онно төрүөтүнэн буолбута дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы Февралина Луковцева «Мин төрдүм-ууһум» диэн бырайыага.

Бу бырайыак чэрчитинэн алын кылаас үөрэнээччилэрэ кыраларыттан саҕалаан дьиэ кэргэҥҥэ төрду-ууһу үөрэтиини саҕалаабыттара. Оҕолор эһэлэрин-эбэлэрин туһунан матырыйааллары хомуйан, аан бастаан кыракый дакылааттары суруйбуттара. Кэлин улахан кылааска тахсан истэхтэрин аайы, тиэмэлэрин кэҥэтэн, баай ис хоһоонноон, кустовой, улуустааҕы ааҕыыларга, научнай-практическай кэмпириэнсийэлэргэ кыттар буолбуттара. Ол биир чаҕылхай холобурунан буолар — Григорьевтар дьиэ кэргэҥҥэ төрдү-ууһу үөрэтии. Маныаха  дьиэ кэргэн эбэтэ, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, өр сылларга Наахаратааҕы «Радуга», «Күнчээн» оҕо уһуйааныгар үлэлээбит Мария Григорьеваны ааттыахха сөп. Мария Николаевна күөх Ньурба Сүлэтиттэн төрүттээх Наахара нэһилиэгин биир кырдьаҕас кийиитэ, бастыҥ уопсастыбанньык, «Хоһоон хонуута» литэрэтииринэй түмсүү кыттыылааҕа. Сылын ахсын ыытыллар култуура уонна успуорт эстэпиэтэтигэр быыстапкаҕа кыттан, хас да төгүллээх дипломант, лауреат.

Хаартыска: Ааптар тиксэриитэ

М.Н. Григорьева хайа күн төрүччүнү үөрэтии саҕаланыаҕыттан биир бастакынан ылсан, сиэнэ Григорьев Ганя наука эйгэтигэр бастакы хардыыны оҥороругар тирэх буолбута. Ол курдук, кыракый Ганя начаалынай кылааска үөрэнэр сылларыгар «Мин эһэм», «Мин эбэм» диэн дакылааттары оҥорбута.

Үөһээ кылааска тахсан баран, эһэтин Григорьев Афанасий Давыдович сырдык кэриэһигэр анаан суруйбут «Кони в Великой Отечественной войне» дакылаатынан улуустааҕы НПК-ҕа кыттан, иккис истиэпэннээх лауреат аатын ылбыта. Бу дакылаакка кини  эһэтэ, 20-с кондепо байыаһа А.Д. Григорьев бэйэтин бойобуой табаарыстарын кытта Бурят-Монголия истиэптэригэр дьиикэй аҥаардаах аттары айааһаан, мииниллэр миҥэ оҥорон, фроҥҥа атааралларын туһунан сиһилии кэпсээбитэ. Бу сүрдээх эрэйдээх-буруйдаах, улахан эппиэттээх үлэни син биир уоттаах сэриигэ курдук хорсун сүрэхтээх, кыайыгас-хотугас, үлэһит дьон эрэ тулуйаллара. Хомойуох иһин, өр кэмнэргэ үлэ фронугар сылдьыбыт дьону намтата санааһын баара, ол иһин кинилэргэ сэрии бэтэрээнин аатын олох хойут иҥэрбиттэрэ.

Хаартыска: Ааптар тиксэриитэ

Ганя Григорьев Улуу Кыайыы 70 сылын көрсө «Сэрии хонуутугар охтубут 4 бырааттыы Григорьевтар» диэн дакылаата эмиэ киэҥ сэҥээриини ылбыта. Мария Николаевна сиэнигэр Ганяҕа ити дакылааттары суруйарыгар матырыйаалынан, сүбэнэн-аманан көмөтө  баһаам буоллаҕа. Дьэ, бу мантан төрдү-ууһу үөрэтииттэн саҕаланар эбээт кэнчээри ыччаппыт чугас дьонугар дириҥ ытыктабыла,  норуотугар, төрөөбүт дойдутугар таптала.

Елена Прокопьева

What’s your Reaction?
+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Кытайга уонна Хотугу Кореяҕа барарга тимир суол сырыыта сөргүтүлүннэ

Арассыыйа тимир суоллара (АТС) Кытайы уонна КНДР-ы кытта пассажирдары тиэйиини сөргүтэллэр. Бу туһунан АТС пресс-сулууспата…

14 минут ago
  • Сонуннар

«Конституция — Арассыыйа быраапка тирэҕэ: Саха сирин аныгы быыбардыыр тиһигин 30 сыла» тэрээһин ыытылынна

Бүгүн СӨ Бырабыыталыстыбатын 2 дьиэтигэр "Конституция -- Арассыыйа быраапка тирэҕэ: Саха сирин аныгы быыбардыыр тиһигин…

27 минут ago
  • Сонуннар

Историческай паарка алмаастаах быыстапканы билиһиннэрдэ

«Арассыыйа – мин устуоруйам» историческай пааркаҕа «Кино в службе Отечества» бэстибээл чэрчитинэн «Дьиэбэр барабын» киинэни…

30 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Сэрии толоонугар дьоруойдуу охтубут эһээ уонна хос-хос сиэн сырдык кэриэстэригэр

Балбахов Виссарион Дмитриевич,  үйэ чиэппэрэ кэм  устата Хоту сиргэ таһаҕаһы таһыыга эҥкилэ суох үлэлээбит Арассыыйа Федерациятын…

34 минуты ago
  • Бэрээдэк

Дьокуускайга эр киһи комиссионнай маҕаһыынтан перфоратор уорбут

Дьокуускай полициятыгар Лермонтов уулуссатыгар баар комиссионнай маҕаһыын бэрэстэбиитэлиттэн сайабылыанньа киирбит. Кини маҕаһыынтан 6 тыһ.солк. суумалаах…

44 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр чоҕу хостооһуҥҥа саҥа рекорду олохтоотулар

2024 сыл 11 ыйын түмүгүнэн Саха сиригэр 45 мөлүйүөн туонна чох хостоммут. Бу былырыыҥҥы көрдөрүүттэн…

1 час ago