Салгыы
Төрдүс миэстэ: кыһыылаах дуу, үөрүүлээх дуу?

Төрдүс миэстэ: кыһыылаах дуу, үөрүүлээх дуу?

21.07.2024, 17:15
Икки нэдиэлэ устата күүрээннээх күрэхтэһиилэринэн олордубут. Хаартыска СИА саайтыттан
Бөлөххө киир:

Икки нэдиэлэлээх дирбиэннээх-дарбааннаах VIII “Азия оҕолоро” Оонньуулар кэннилэриттэн туох санаа-оноо хаалла? Туох түмүктэри оҥоробут, кэлэр Оонньууларга хайдах бэлэмнэнэн тиийэбит? Успуорт эйгэтигэр, быһаччы Оонньуулар үллэр үөстэригэр сылдьыбыт тириэньэрдэр, салайааччылар хас биирдиилэрэ итиннэ түмүк оҥостунан эрэр буолуохтаахтар. 

Быйылгы Оонньууларга Саха сирин  хамаандата төрдүс миэстэни ылла. Үһүс миэстэ иһин тэҥ очукуо­лаах Беларусь уонна Москва хамаан­даларын кытта волейболга киирсиэхтээхтэрэ. Киһи хайдах да мыыммат хамаан­далара. Беларусь судаа­рыстыбатын бастакы нүөмэр­дээх спортсменнарын уонна Арассыыйа курдук судаарыс­тыба киин куората туруорбут хамаан­даларын кытта биһиги оҕолорбут киирсэр түгэннэрэ үөскээбитэ. Өй-санаа ыгыллар, эт-хаан күүрэр, үһүс миэс­тэни былдьаһар быһаарыылаах киирсии­лэр…

1 №-дээх хамаандаҕа 245 оҕо, 2 №-дээх хамаандаҕа 125 оҕо киирбитэ. Күрэхтэһиилэр 24 көрүҥҥэ ыытыллыбыттара, 239 кэмпилиэк мэтээл оонньоммута.
Быһа холуйан, 50 мэтээли ылыахпыт диэн сабаҕалыы сылдьыбыппыт. Хаартыска СИА саайтыттан

Оҕолорбут ылбыт төрдүс миэстэлэрэ кыһыылаах дуу, үөрүүлээх дуу? Оонньуулар түмүктэринэн быһаччы бу эйгэҕэ үлэ­лиир дьон уонна успуорду сырдатар суруналыыстар санаа­ларын истиэ­ҕиҥ.

Александр Андреев, Спортив­най резервэни бэлэмниир киин дириэктэрэ:

– Ааспыт Оонньууларга Владивостокка тиийэн, 37 мэтээллээх кэлбиппит. Төһө да аҕыйах соҕус буолан бардарбыт, син биир өрөспүүбүлүкэ сүүмэрдэммит хамаандата тиийдэҕэ дии. Онон бы­­йылгы Оонньуулар  биир улахан соруктара – элбэх мэтээли ылыы этэ.

Эрдэттэн ханнык тас дойдулар, Араcсыыйа эрэгийиэн­нэрэ төһө кыттааччылаах кэлэллэрин көрөн олорбуппут. Онон, быһа холуйан, 50 мэтээли ылыахпыт диэн сабаҕалыы сылдьыбыппыт. Ону баара Узбекистан, Сибиирдээҕи уокурук, Беларусь хамаан­даларын кэнниттэн Саха сирин  1 №-дээх хамаандата 25 кыһыл көмүс, 26 үрүҥ көмүс, 30 боруонса мэтээллэнэн (барыта 81) төрдүс миэстэни ылла.
2 №-дээх хамаанда 25 мэтээллээх: 3 кыһыл көмүс, 7 үрүҥ көмүс уонна 15 боруонса. Бу официальнай мэтээллэр. Итиннэ алыш тустуу курдук көрдөрүү быһыытынан ыытыллыбыт күрэскэ ылбыт мэтээл­лэрбитин эптэххэ, 111 мэтээл буолар. Онон көрдөрүү үчүгэй, бы­­лаан туолла. Оҕолор үчүгэйдик кытыннылар, төрөөбүт истиэнэлэрэ көмөлөстүлэр. Бүтэһик үһүс миэстэ иһин киирсиигэ 2 очукуонан кыл мүччү кыайтардыбыт. Москва хамаандатын кытта кыһыл көмүс мэтээлбит ахсаана тэҥнэһэн хаалбыта, оттон үрүҥ көмүһү ааҕыыга биһиэхэ 6, кинилэр киэнэ 10 буолан, төрдүс миэстэҕэ таҕыстыбыт. Бу туспа судаарыстыбалар, улахан кыахтаах уокуруктар, Москва курдук куорат талыллан кэлбит хамаандаларын кытта биһиэннэрэ иҥнэн-толлон турбакка тэҥҥэ кииристилэр. Кик-боксиҥҥа, атах оонньууларыгар, национальнай көрүҥнэрбитигэр элбэх мэтээ­ли ыллыбыт. Оҕунан ытааччылар, художественнай гимнасткалар, футзал оонньооччулара үөртүлэр. Волейболга, баскетболга эрэ ылбатыбыт. Успуорт диэн успуорт, кыайыахтаах оҕо кыайтаран хаалар, ол икки ардыгар атын оҕоҥ кыайан кэбиһэр. Дьэ итинник икки нэдиэ­лэ устата күүрээннээх күрэхтэһиилэринэн олордубут. Сорохтор урут наар бастыыр этибит диэн этэллэр, итиннэ маннык диибит: урут көрө-истэ курдук кэлэр эбит буоллахтарына, билигин бүтүн судаа­рыстыбалар бастыҥтан бастыҥ оҕолоро кыттардыы буолбакка, кыайардыы оҥостон кэлэллэр. Дьэ онно биһиги оҕолорбут дьоһун киирсиини көрдөрдүлэр диэн хайгыахха эрэ наада. Мантан салгыы күрэхтэһиилэр элбэхтэр, сайдарга усулуобуйа баар.

Петр Павлов, “Дьулурҕан” хаһыат эрэдээктэрэ:

– Биһиги 1 №-дээх хамаандабыт оҕолоро 4 миэс­тэ буолбуттарын олох үчүгэй көрдөрүү диибин. Узбекистан, Сибиирдээҕи уокурук, Беларусь хамаандаларыгар холоотоххо, кыракый эрэгийиэн буоллахпыт. Онон тоҕо үс иһигэр киирбэтибит диэн көрөөччүлэр мыыналларын ылыммаппын. Бэйэ дьиэтин эйгэтигэр кыттыы олус эппиэттээх, аны оҕо уйулҕата уйан, онон тириэньэрдэр өттүлэриттэн итиннэ эмиэ ураты сыһыан наада.

Төһө кыайарбынан күрэхтэһиилэргэ сылдьа сатаатым. 24 көрүҥ диэн наһаа элбэх эбит, онон уончаҕа – самбоҕа, тустууга, боксаҕа, о.д.а. сырыттым. Онно көрдөххө, үксүлэрэ титуллаах – Азия, Европа чөмпүйүөннэрэ, призердара, маастарга хандьытааттар кытталлар. Биһиги оҕолорбут сүрүннээн өрөспүүбүлүкэ чөмпүйүөннэрэ. Онон бу оҕолорго болҕомто биэрэн, салгыы үлэлиир сорук турар. Успуорпут кэскилэ кинилэр буоллахтара.

Владислав Коротов, спортивнай суруналыыс:

– Төрдүс миэстэ буолуо суохпутун сөп этэ, өскөтө оҕолорбут ханнык көрүҥнэргэ кыахтаахтарын эрдэттэн ааҕынан-суоттанан көрүммүппүт буоллар. Холобур, саамай элбэх наҕараада ылар көрүҥмүт – дуобат, ону устан баран, го диэни киллэрдибит. Тустуу алта көрүҥэ баар – көҥүл тустуу, хапсаҕай, дзюдо, самбо, кураш, алыш. Аһара элбэх. Ити оннугар хапсаҕайга, мас тардыһыытыгар элбэх ыйааһыны киллэрбит буол. Мэтээл аахсыытыгар 3 иһигэр киириэхпит хаалла. Аны кыахтаах оҕону олох үчүгэйдик кэтээн көрөн, 1 №-дээх хамаандаҕа киллэриэх­хэ наада этэ. 2 №-дээх хамаанда 25 мэтээли ылла дии. Урут бэлэмнэнии түөрт сыл инниттэн барара, онон олох эрдэттэн болҕомто ууран үлэлиэххэ наада. Көрдүбүт дии, бүтүн судаарыстыбалар сүүмэрдэммит хамаандаларын ыыталлар. Узбекистан успуорка болҕомтотун уурарын кытта, оҕолоро хайдах курдук күүһүрэ түстүлэр. Аны Азия континеныгар суох Беларусь киирэн, бэрт кыранан кыһыылаахтык иннибитигэр түстэ.

Аны Оонньууларга 16 саастарыгар диэри кытталлар диэн быһаччы этэн кэбиһиэххэ наада, көрүҥтэн тутулуга суох. Хас биирдии көрүҥ балаһыанньата уларыйа турара табыллыбат.

Владивостоктан саҕалаан волонтердары өрө тутуу наһаа барда, дьиҥэр, бу спортсменнар бырааһынньыктара, кинилэр тэрээһиннэрэ. Волонтер диэн бэйэтин баҕатынан кэлэн көмөлөһөөччү, ас-таҥас көрдөөбөт. Бэйэм элбэх тэрээһиҥҥэ волонтердуубун, тугу да көрдөөбөппүн. Ол оннугар спортивнай күрэхтэһиилэри сэргэ культуурунай тэрээһиннэр, холобур “Мамонтенок” ыытылларын биһириибин. Урут ЮНЕСКО шедеврдэрэ кэлэл­лэрэ эмиэ интэ­риэһинэй этэ. Оонньуу тэрээһинэ бары өттүнэн туох да моһоло суох, эппиккэ дылы эҥкилэ суох ааста.

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
22 ноября
  • -33°C
  • Ощущается: -40°Влажность: 68% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: