Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр
Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай, партийнай үлэһит, филологическай билим хандьытаата , СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Таатта улууһун бочуоттаах гражданина, саахымаччыт, дуобаччыт Сэмэн Афанасьевич Протодьяконов биир дойдулаахтарыгар, оҕо сааһын аргыстарыгар 80 сааһын бэлиэтиир тэрээһинэ ыытылынна.
Сэмэн Афанасьевич төрөөбүт сирэ кырдьаҕас Чөркөөх бөһүөлэгэ, Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр холкуостаах дьиэ кэргэнигэр күн сирин көрбүтэ. Оччотооҕу кэми: “Санаан көрдөххө, бэҕэһээ эрэ курдук этэ, атах сыгынньах оҕо саас, оскуола уонна устудьуон сыллара, аармыйаҕа сулууспа, комсомольскай, партийнай олох, суруналыыстыка уонна бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэ үлэтэ. Ханна да сырыттарбын, ханна да олордорбун, үөрэнэ, үлэлии сылдьан Таатта буоларбынан киэн туттабын уонна дойдум аатын түһэн биэрбэккэ, бэриниилээх буоларга кыһаллабын. Бэйэм төрөөбүт улууспар үлэлээбэтэҕим , олорботоҕум да иһин, биһикпин ыйаабыт, бастакы хардыыбын оҥорбут төрөөбүт дойдум, өрүү мин сүрэхпэр”, — диэн бэлиэтиир Сэмэн Афанасьевич.
Бэйэтэ да этэн аһарбытыныы, оччотооҕу кэмҥэ улууспут биир кэскиллээх, илиигэ баттанар ыччата Сэмэн Протодьяконов төрөөбүт дойдутугар төннөн үлэлээбэтэҕэ. Кини олоҕун суолугар чохтоох Нерюнгри куоратын сүһүөҕэр туруоруу, үгүс комсомольскай-ударнай, кэлин партийнай хайысханан күүрээннээх тигинэс үлэлэр күүппүттэрэ . Ол эрээри Чөркөөх кырдьаҕастара, олохтоохторо Сэмэн Афанасьевич ханна үлэлии сылдьарын истэ-билэ, сэргэх кэпсээн гынан кэпсэтэллэрин оччолорго кыра оҕолор маннык биир дойдулаах эбиппит диэн истэ улааппыппыт. Кэлин Сэмэн Афанасьевич “Саха” национальнай-көрдөрөр хампаанньа салайааччытынан, Москваҕа бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэҕэ уо.д.а. тутаах тэрилтэлэргэ үлэлээбитэ.
Онтон бүгүн олоҕун биир кэрдиис кэмигэр үктэнэн туран: “Бэҕэһээ төрөөбүт түөлбэбэр, кииним быстыбыт сиригэр Күрүөлээх бэһигэр, Даайа Амматыгар киирэн таҕыстыбыт… Мин толкуйдаан көрдүм, киһи биирдэ олорор олоҕор, хас сыл олорбутуттан тутулуга суох, бэйэтин төрөөбүт дойдутун, түөлбэтин, алааһын, аймах-билэ дьонун, доҕотторун-атастарын, үөрэммит оскуолатын улааппыт, сүүрбүт-көппүт саастыылаахтарын хаһан да умнуо суохтаах эбит. Түгэнинэн туһанан нэһилиэгим салалтатыгар, ытыктыыр, сыаналыыр баһылыкпар А.П.Семеновка, хаан уруу аймахтарбар, доҕор-атас дьоммор махталбын тиэрдэбин”, — диэн туран, саҥа тахсыбыт кинигэтин бэлэхтээтэ.
Октябрьскай нэһилиэк баһылыга А.П.Семенов үбүлүөйдээх ытык ыалдьыкка Сэмэн Афанасьевичка — Октябрьскай нэһилиэк үрдүкү наҕараадатын — бочуоттаах гражданин аатын, Таатта улууһун баһылыгын быстах кэмҥэ э.т. Р.И.Захаров эҕэрдэтин уонна улуустааҕы “Үйэтитии” бэлиэтин үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарда. Олохтоох “Утум” педагогическай түмсүү салайааччыта П.Ф.Кычкина, сэбиэскэй-партийнай үлэһит Д.А.Сивцева эҕэрдэлээн туран, 1960 – 1970-с сыллардааҕы ырыалартан попурри ыллаан эрчимнээх эдэр саастарын эргитэн ыллылар.
Бу күн үбүлүөйдээх Сэмэн Афанасьевич Протодьяконов биир дойдулаахтарын кытары атах тэпсэн олорон уруккуну-хойуккуну санаһан, үөрэн-көтөн, төрөөбүт дойдутуттан күүс уох ылла.
С.Халгаева.
Хаартыскаларга биир дойдулаахпыт С.А.Протодьяконов үөрүүлээх тэрээһиниттэн.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: