Салгыы
Төрөөбүт дойдубар сырыттым

Төрөөбүт дойдубар сырыттым

Ааптар:
03.08.2024, 17:00
Бөлөххө киир:

Усуйаана оройуонун, Хаһааччыйа нэһилиэгин орто оскуолатын 1961 сыллаахха 10 буолан бүтэрбиппит. Онтон мин билэрбинэн, үс эрэ буолан хааллыбыт – мин, Пахомова Ирина Константиновна, үрдүк үөрэхтээх учуутал, СӨ норуотун маастара, Потапов Вячеслав Петрович, экэниэмикэ билимин хандьыдаата, Горохова (Томская) Нина Семеновна, үлэ бэтэрээнэ, оҕо уһуйаанын иитээччитэ.

 Оскуолабыт 150 сылыгар анаан быыстапкалаатым

Онон сааспыт ыраатта дии санаан, үөрэппит оскуолам 150 сааһын туолар үбүлүөйүгэр кыыспынаан Кулачикова Лена Григорьевналыын бара сылдьыбыппыт туһунан, төһө да балайда кэм аастар, кэпсииргэ быһаарынным. Ол курдук долгутуулаах, умнуллубат түгэннэр өйбөр-санаабар дириҥник иҥэн, үөрүүбүн, астыныыбын дьоҥҥо-сэргэҕэ кэпсиэхпин баҕарабын. Сырыым, айаным суола да табыллан, улуус кииниттэн – Депутатскайтан айаннаан Хаһааччыйаҕа кэлбиппит. Онно олохтоох уруу, аймах-билэ дьонум элбэхтэр.

Хаһааччыйа оскуолатын үлэһиттэрэ олус истиҥник, итиитик көрүстүлэр. Бу бэлиэ түгэнинэн туһанан, ииһим, айар үлэм быыстапкатын дьоммор-сэргэбэр көрдөрүөххэ диэн былааннаан, оҥоһуктарбын барытын эрдэ таһаҕас тиэйэр массыынанан ыыппытым.

Оскуолам үлэһиттэрэ биир кылааһы биэрэннэр, быыс­тапкабын туруор­дубут. Оҥоһуктарбын биир дойдулаахтарбар көрдөрдүм. Санаабар, астына көрдүлэр, билис­тилэр. Иистэнэр баҕалаах Далбар Хотуннарга сүбэ-­ама биэрдим, ииһим кис­тэлэҥин, ньыматын, ис хоһоо­нун кэпсээн билиһиннэрдим.

Оскуола 150 сыл­­лаах үбүлүөйүгэр анаммыт быраа­һынньык үрдүк таһымнаахтык ааста. Үлэһиттэр, оҕолор бары бииргэ түмсэн, сүүрэн-көтөн олус үчүгэйдик тэрийдилэр. Бииртэн-биир интэриэһинэй тэрээһин ситимэ быстыбакка салҕанан иһэрэ үбүлүөйдээх тэрээһин кыттыылаахтарын, дьону-сэргэни астыннарда. Түгэнинэн туһанан бэлиэтээтэххэ, бу манна10 -с кылааһы үөрэнэн бүтэрбит, уопуттаах педагог Маргарита Степановна Окорокова тапталлаах оскуолатыгар өр сылларга дириэктэринэн айымньылаахтык үлэлиир. Дьэ, ити курдук үс күн биллибэккэ ааһа оҕуста.

Аатырбыт Александр Барабанскай ыстаадатыгар

Дуоһуйа бырааһынньык­таан, аны төннүү боппуруоһун быһааран, кыыспынаан Депутатскайга бараары, таксыы сакаастан олордохпутуна, миэхэ төлөпүөннээтилэр. Кэпсэппитим, интэринээккэ олорон үөрэммит Барабанскай Александр Васильевич эбит. Мин өр сылларга интэринээккэ иитээччинэн үлэлээбитим. Ол иһин чугастык ылынабын, саныыбын.

Александр Васильевич киһи-хара, үлэһит ааттааҕа буолан, дойдутугар дьоһуннаахтык тэринэн үлэлии-хамсыы сылдьар. Кулаарга өбүгэлэрин төрүт дьарыктарын, олохторун укулаатын сал­ҕаан, сайыннаран, тыһыынчанан ахсааннаах таба ыстаадатын тутан, кыахтаах хаһаайыс­тыба тэринэн дьонун-норуотун иннигэр үтүөтэ-өҥөтө улахан. Төрөөбүт-үөскээбит Хоту сирин инники сайыннарыыга уҕараабат кылаатын киллэрэр, үрдүк таһаарыылаах үлэтэ эмиэ оннук, судаарыстыбанан үрдүктүк сыаналанар.

Ол курдук киэн туттар биир дойдулаахпыт А.В. Барабанскай РФ, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын, СӨ норуотун хаһаайыс­тыбатын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ үтүөлээх горняга, СӨ бочуот­таах суол оҥорооччута. Онтон да атын үгүс наҕараадаларын киһи ааҕан сиппэт.

Александр Васильевич төлөпүөннээн биһигини Кулаарга ыҥырда. “Сарсын массыынанан кэлэн ылыам” диэбитин истэн биһиги Леналыын үөрдүбүт аҕай. Сарсыҥҥытыгар Кулаарга этэҥҥэ айаннаан тиийдибит. Манна, дьэ, көрсүһүү үөрүүтэ үрдээтэ. Александртан ураты интэринээккэ олорон үөрэммит Неустроев Юрий Егорович, Горохов Спиридон Спиридонович, Болтунова Елена манна үлэлии-хамсыы сылдьаллар эбит.

Александр Васильевич олорор дьиэтэ 2 этээстээх, наадалаах бары усулуобуйа оҥоһуллубут-тутуллубут. Үлэһиттэрэ дьиэлээхтэр, туһунан аһыыр остоло­буойдаахтар. Манна кэлэн, санаабыт хоту, астына сынньанныбыт, кэп­сээн-ипсээн, сонун элбэх. Пуобардара ас арааһын астыыр. Сонун астары – таба тылын, хаанын, бурдук аһы – остуол хотойорунан тардан күндүлээтэ.

Сарсыҥҥытыгар күн сырдык уотунан сыдьаайан, ыраас салгын тыынарга чэпчэкитэ астыннарда. Аны ыстаада турар сиригэр массыынанан илтилэр. Мин илдьэ сылдьар быыстапкам таҥастарын кэтэн бардыбыт. Иннибитигэр икки «Буранынан» ыстааданы үүрэн чугаһатан иһэллэр этэ. Бастаан, саҕах эрэ курдук хараа­ран көстөллөрө. Онтон, чуга­һаан истэхтэринэ, хоту кыраай көмүс манньыаттара тыыннара бурҕаҥнаан, суол­тан бэрт чугас кэлэн, тамайа сүүрэ сылдьаллара, киһи сатаан ойуулаабат сөҕүмэр көстүүтэ, үчүгэйиэн! Өссө чугаһаатыннар диэн эбии аһылык куттулар. Онно саба түһэн, табаларбыт астына аһаа­тылар. Бостууктар ыстааданы сала­йан табалар төгүрүччү сүүрэллэр. Манна Лена хаартыс­каҕа түһэрдэ уонна видеоҕа уһулла. Хаһан да таба ыстаа­датыгар сылдьан көрбөтөх дьоҥҥо олус үөрүүлээх түгэн буолла.

Ити курдук, көтүөххэ кыната суох буолан, астынан сэниэ, күүс-уох, сырдык эниэр­гийэ ылан, сэргэхсийэн салгыы айаннаатыбыт. Александр Васильевич ааһан иһэр массыынаны ыҥыран, олордон Уус-Куйгаҕа тиийдибит. Онтон оптуобуһунан улуус киинигэр Депутатскайга кэллибит. Манна мин кыыһым Лена Григорьевна олорор, үлэлиир.

Бар дьоммор махталбын тириэрдэбин!

Мин билиҥҥи дьарыгым – иис. Ииспин сыаналаан, но­­руот маастарын аатын иҥэрбиттэрэ. Депутатскайга бибилэтиэ­кэ дьиэтигэр көрсүһүү тэрийдилэр. Аҕыйах оҥоһуктарбын илдьэ сылдьабын, онон интэриэстээх, иистэнэр баҕа­лаах дьоҥҥо сүбэ-ама биэрдим, иискэ уопутум кистэлэҥнэригэр үөрэттим.

Төрөөбүт-үөскээбит дойдубар, оскуолабыт 150 сыл­лаах үбүлүөйүн бэлиэтээһиҥҥэ сырыыбыт барыта санаабытым, баҕарбытым курдук буолбутугар-табыллыбытыгар үөрэбин. Махталбын биллэрэбин, баҕабын толорорбор көмөлөспүт дьоммор-сэргэбэр. Оҕо саастарыгар интэринээккэ олорон үөрэммит, үлэни өрө тутан олохторун оҥостубут, киэн туттар дьоммор махтал.

Ытыктабыллаах Александр Васильевич Барабанскайга барҕа махтал. Кини дьаныардаах дьарыгын, үлэҕэ бэринии­лээҕин, хамсатыылаах дьаһалын, салалтатын сөҕөн, бу санаабын суруйарга быһаарынным. Эһиги үлэҕит-сырыыгыт өссө да ситиһиилээх буоллун. Махтанабын, эһиги ситиһиигититтэн учууталгыт үөрэбин.

Хоту, ыраах сытар дойдубут сайда турарын туһугар олорор, үлэлиир дьоммор махтал. Доруобай буолуҥ!

ИРИНА ПАХОМОВА -ЧӨМЧҮҮНЭ, ПЕДАГОГИЧЕСКАЙ ҮЛЭ БЭТЭРЭЭНЭ, НОРУОТ ОЙУУЛУУР ИДЭТИН, ИИҺИН МААСТАРА, СӨ КУЛТУУРАТЫН МИНИСТИЭРИСТИБЭТИН БОЧУОТТААХ БЭЛИЭТИН ХАҺААЙКАТА.
ХААРТЫСКАЛАРЫ ААПТАР ТИКСЭРДЭ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
17 сентября
  • 8°C
  • Ощущается: 5°Влажность: 49% Скорость ветра: 5 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: