Төрөөбүт дойдубутугар тапталы иҥэриэххэ

Share

Саха Сирин олохтоохторо кэлиҥҥи кэмҥэ бэйэлэрин дойдуларын кэрийэн көрөллөрө, күүлэйдииллэрэ үтүө үгэскэ кубулуйда. Улуус­тарга туризм сыллата сайдан иhэрэ бэлиэтэнэр.

Омук дойдуларыттан да ыалдьыттар ахсааннара элбиир. Инникитин туризм өссө сайдарын туһугар араас бырайыактар үлэлииллэрэ да элбээтэ. Саха сиригэр туризм ордук сайдыбыт сирдэринэн Өлүөнэ очуостара, Булуус, Күрүлүүр, Киhилээх хайа, Харама хайата, Сиинэ хайалара, тукулааннар, Буотама уо.д.а буолаллар. Бу маннык сирдэргэ дьон күүс, сэниэ эбинэн, ыраастанан, алгыс ылынан сынньанар. Дойдубут хатыламмат, кэрэ кѳстγγлээх сирдэрин туhунан элбэхтик суруйаллар, кэпсииллэр. Мин үөрэтэр оҕолорбор эмиэ мэлдьи кэпсиибин, билиһиннэрэбин. Оҕолор үчүгэйдик билэллэр эбит. Дьоннорун кытары күүлэйдии, сынньана барар оҕо ахсаана сыллата элбээн иһэр. Бу маннык кэрэ сирдэринэн сылдьар оҕо өйө-санаата уларыйар, көрүүтэ кэҥиир, төрөөбүт дойдутугар таптала күүһүрэр дии саныыбын.

Үөрэнээччилэрбэр сиргэ, тыаҕа сатаан сылдьарга, куомпастаах сылдьан туһанарга, каартаны сатаан ааҕарга үөрэтэ сатыыбын. Атын омук да сиригэр бардахтарына,  бу билиилэрэ олус туһалыаҕа. Билигин оҕолор ол туһунан өйдүүллэрэ, билэ-көрө сатыыллара наһаа үчүгэй. Ордук үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрэ сэҥээрэллэр. Оҕолортон ыйыталастахха,  омук сиригэр күүлэйдии барыан баҕалаах оҕо элбэх эбит. Бэйэбит дойдубут кэрэтэ, айылҕатын мааныта олус үчүгэй эбээт. Онон бэйэбит төрөөбүт дойдубутун кэрийэн көрүөххэ, оҕолорбутугар кэпсиэххэ, тапталы иҥэриэххэ!

                                                                                        Афанасий ГОГОЛЕВ, география учуутала,  Мүрү 1 №-дээх орто оскуолата

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

31 минута ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

2 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

2 часа ago
  • Сонуннар

«Орешник» ракета туһунан туох биллэрий?

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…

3 часа ago
  • Сонуннар

Биэс модельнай бибилэтиэкэ баар буолла

2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…

3 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха Бианкита, Бурхаат, Чуваш суруйааччыта уонна 90 сыллаах айар сойуус

Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…

3 часа ago