Төрөөбүт тылынан оҕону аахтара үөрэтии уонна кинигэҕэ сыһыарыы кини кырачаан сааһыттан саҕаланнаҕына, ордук көдьүүстээх буолар.Сахабыт сиригэр Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүн көрсө кырачааннаргытыгар хоһооннору ааҕаргытыгар СӨ норуодунай суруйааччыта Иван Мигалкин хоһоонноруттан билиһиннэрэбит.
Оҥой-соҥой көрөммүн
Оҥоойукпар үргүүбүн,
Отон бэрдин амсатыам,
Онтон оонньуу мин сүүрүөм.
Ийэбин батыһа сылдьаммын
Үрэхтэн киирэн уу баһабын,
Кини биэдэрэлэрэ улаханнар,
Миэннэрэ кыралар —
«үс саастаахтар».
Үүнэн турар тэллэй
Көрөргө үчүгэй,
Эһэбэр көрдөрүөм,
Онтон дьэ үргүөм.
Бу тэттик хоһооннор Иван Васильевич «Мин хаар оҕотобун» диэн саҥа кинигэтиттэн ылылыннылар. «Айар» Национальнай кинигэ кыһатыгар бэчээттэммит кырачааннарга анаммыт кинигэчээҥҥэ кырачааннар күннээҕи түбүктэрин, дьээбэлэрин-хооболорун туһунан хоһооннор киирбиттэр.
Улахан дьон оҕолоругар ааҕалларыгар анаммыт кинигэ уруһуйдара да дьэрэкээннэр, сиэдэрэйдэр. Худуоһунньуктар Е.И.Романова уонна А.П.Захарова уруһуйдаабыттара.
Хаартыскалар И.Мигалкин кинигэтиттэн ылылыннылар
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…