“Төрөөбүт тыл, литэрэтиирэ бастыҥ учуутала” күрэс муҥутуур кыайыылааҕын аата билиннэ

Share

Үс күн устата барбыт “Төрөөбүт тыл, литэрэтиирэ учуутала-2024” күрэс быйылгы лауреаттарын, муҥутуур кыайыылааҕын ааттара билиннэ. Саха сириттэн Бүтүн Арассыыйатааҕы күрэскэ кытта барар чиэс кимиэхэ тигистэ?

Уһун, долгутуулаах күрэс дьэ түмүктэннэ. “Төрөөбүт тыл, литэрэтиирэ бастыҥ учуутала” күрэс быйылгы муҥутуур кыайыылааҕынан Нам улууһун И.С. Гаврильев аатынан Нам 1-кы нүөмэрдээх оскуолатын саха тылын, литэрэтиирэтин учуутала Лариса Данилова буолла.

“Олус туһалаах күрэс ааста. Араас улуустартан саха тылын, литэрэтиирэтин учууталлара кэлэн бэйэлэрин баай уопуттарыттан үллэстибиттэриттэн олус үөрдүм, бэйэбэр элбэҕи иҥэринним. Бүтүн Арассыыйатааҕы күрэскэ Саха сирин аатын чиэстээхтик көмүскүөм диэн эрэнэбин” – диэн  хаартыскаҕа түһүү, үөрүүлээх күө-дьаа быыһыгар кылгастык санаатын үллэһиннэ.

Лауреаттар:

  1. Маргарита Анисимова (М.А. Алексеев аатынан Үөһээ Бүлүүтээҕи лиссиэй-интэринээт саха тылын, литэрэтиирэтин учуутала),
  2. Лариса Данилова (И.С. Гаврильев аатынан Нам 1-кы нүөмэрдээх оскуолатын саха тылын, литэрэтиирэтин учуутала),
  3. Варвара Ефимова (Таатта улууһун Э.К. Пекарскай аатынан Игидэй орто оскуолатын саха тылын, литэрэтиинэрин учуутала),
  4. Галина Никифорова (Мэҥэ Хаҥалас улууһун Аллараа Бэстээх 2-с нүөмэрдээх оскуолатын саха тылын, литэрэтиирэтин судаарыстыбаннай тыл быһыытынан үөрэтэр биридимиэт учуутала),
  5. Анна Чиркова (Абый улууһун А.Е. Слепцов аатынан Абый орто оскуолатын саха тылын, литэрэтиирэтин учуутала).
Хаартыска: Людмила Попова.
Хаартыска: Людмила Попова.
What’s your Reaction?
+1
16
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Билиэн-көрүөн баҕалаахха: куоска минньигэс амтаны билэр дуо?

Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…

8 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ» хамсааһын 25 сыла!

Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…

22 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Быйыл 6 муоста тутулунна

2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…

1 час ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Маны билэҕин дуо?  Бит-билгэ

Бит-билгэ туһунан төһө билэҕин? Киэһэ хойут дьиэҕит муостатын сууйар буоллаххытына, этэҥҥэ сылдьыыгытын, үтүө туруккутун сууйаҕыт.…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Харах балыыһатыгар Арассыыйа Гиннеһин рекорда оҥоһулунна

2025 сылга Өрөспүүбүлүкэтээҕи офтальмологическай балыыһа тэриллибитэ 100 сылын туолар. Бу бэлиэ күнү көрсө, ахсынньы 11…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Муусука абылаҥар уһуйар учууталлар куонкурустара

Соторутааҕыта Дьокуускайга муусука учууталларын “Музыкальнай палитра”  1-кы аһаҕас идэтийбит куонкурустара буолан ааста. Куонкурус уһулуччулаах муусука…

2 часа ago