“Саха тылын уонна литэрэтиирэтин бастыҥ учуутала-2024” өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэс муҥутуур кыайыылааҕынан Эҥсиэли хочотун маанылаах Нам сирин 1-кы нүөмэрдээх оскуолатын учуутала Лариса Данилова таҕыста. Хаһыаппыт үтүө үгэһинэн кыайыылааҕы кытта сэһэргэһэбит.
БИИР КЫЛААСТАН – БИЭС ОҔО
– Лариса Дмитриевна, ааҕааччыларбытыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэрэ түһэриҥ буоллар.
– Ырыаҕа ылламмыт, хоһооҥҥо холбоммут Тараҕана сайылыктаах Нам улууһун Көбөкөн нэһилиэгэр күн сирин көрбүтүм. Төрөөбүт тылга тапталы саха тылын, литэрэтиирэтин учуутала Попова Мария Матвеевна иҥэрбитэ. Ийэ тылы оскуолаҕа үөрэнэр сылларбыттан сэҥээрэбин, фольклор көрүҥнэригэр холонорум, ыллыыр-туойар да этим, кыралаан олоҥхолоон даҕаны ыларым. Мария Матвеевна үөрэтэн, иилээн-саҕалаан, илдьэ сылдьан олимпиадаларга, күрэстэргэ кытыннарара. Саха тылын учуутала буолар эбиппин диэн үрдүкү кылааска үөрэнэ сылдьан быһаарыммытым. Оскуоланы бүтэрээт, Саха судаарыстыбаннай университетыгар саха уонна национальнай култуура салаатыгар үөрэххэ киирбитим. Төрөөбүт нэһилиэкпэр кэлэн биир сыл идэбинэн учууталлаабытым. Салгыы Нам киинигэр улуустааҕы үөрэх салалтатыгар мэтэдииһинэн, “Түөлбэ” оҕо киинигэр эбии үөрэхтээһин тэрилтэтигэр педагогунан үлэлээн баран, бэһис сылбын И.С. Гаврильев аатынан Нам 1-кы нүөмэрдээх орто оскуолатыгар саха тылын, литэрэтиирэтин учууталынан үлэлиибин.
– Оскуолаҕа үөрэнэр эрдэххиттэн учуутал буолабын диэн быһаарыммыт эбиккин дии. Атын идэҕэ туттарсыаххын баҕарбатаҕыҥ дуо?
– Үрдүкү кылаастарга үөрэнэ сылдьан учуутал идэтин баһылыырга быһаарыммытым. Ол иннинэ быраас эбэтэр математика учуутала буолуохпун баҕарарым. Математика учуутала Нам киинигэр көһөн хаалан, кыайан эбии дьарыктаммат, бэлэмнэммэт этим. Ол оннугар Мария Матвеевна куруук аттыбар баарын, өйүүрүн, тэрээһиннэргэ хото кытыннарарын быһыытынан, саха тылын талбытым. Кылааспытын 17 буолан бүтэрбиппититтэн, хас да оҕо Саха филологиятын уонна төрүт култууратын бакылтыатыгар туттарсан, биэс кыыс киирбиппит. Бары тутуспутунан араас салааны эрээри, биир бакылтыаты бүтэрбиппит.
– Тыый, биир кылаастан биэс оҕо биир бакылтыаты бүтэрэрэ диэн дэҥҥэ көстөр эбээт.
– Ол иһин учууталбытын ылбычча ахтыбатым. Учууталтан олус улахан тутулуктаах. Мария Матвеевна күн бүгүҥҥэ диэри Дьокуускай куорат 17-с нүөмэрдээх оскуолатыгар таһаарыылаахтык үлэлиир, өрөспүүбүлүкэҕэ ытыктанар мэтэдиис-учуутал, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, уопсай үөрэхтээһин бочуоттаах үлэһитэ, үлэ бэтэрээнэ. Сибээспитин быспаппыт, түгэн көһүннэр эрэ алтыһа, кэпсэтэ турабыт.
АНЫГЫ ОҔО УОННА ТӨРӨӨБҮТ ТЫЛ
– Аныгы оҕолору үөрэтэр төһө уустугуй?
– Кистээбэккэ эттэххэ, уустук. Олох тэтимин батыһан нууччатымсыйыы барда, гаджекка, төлөпүөҥҥэ аралдьыйаллара үгүс. Сылтан сыл аайы нууччалыы тыллаах оҕо эбиллэн иһэр. Төрөппүттэри өйдөтүүгэ күүстээх үлэ барар эрээри, билиҥҥитэ кыалла илик. Оҕолор билбэт, өйдөөбөт тыллара наһаа элбэх, “Саха тылын быһаарыылаах тылдьытын” туһанан үөрэнэбит, хас биирдии тыл суолтатын өйдөтөбүн.
2018 сыллаахха маҥнай кэлээт даҕаны оҕолор саха тылын улаханнык аахайбаттарын, сэҥээрбэттэрин бэлиэтии көрбүтүм. Хайдах гынан оҕолорго төрөөбүт тылга интэриэһи үөскэтэбин диэн толкуйга түспүтүм. Оҕолорго ийэ тылларыгар тапталы иҥэрээри “Хоһоон хонуута” кылаас таһынааҕы дьарыгы тэрийбитим. Төрдүс кылаастартан алта, бэйэм салайар уонна үрдүкү кылаас оҕолоруттан уоннуу уолу сүүмэрдээн дьарыктаан барбытым. Күн бүгүн, уопсайа, 61 уоллаахпын.
– Тоҕо уолаттары эрэ дьарыктыыгын?
– Дойдубут сайдыыта уол оҕоттон, эр киһиттэн, кинилэр хайдах үүнэн-сайдан тахсалларыттан быһаччы тутулуктаах.
Былырыыҥҥыттан дойду үрдүнэн оскуолаҕа тыйаатырдары аһан үлэлэтэр ирдэбил турда. Онно олоҕуран быйылгыттан “Күндүл” литэрэтиирэ-тыйаатыр кэлэктиибин тэрийэн эрэбит, кыргыттары сүүмэрдиэхтээхпит. Уолаттары, кыргыттары холбоон биир кэлэктиип оҥордубут. Намнааҕы норуот тыйаатырын режиссера Р.А. Герасимовы кытта ыкса ситимнээхтик үлэлэһэн эрэбит. Анал идэлээх исписэлиис туруорууларбытыгар көмөтө сүҥкэн.
– Икки симиэнэнэн учууталлыыгын, ону таһынан оҕолору дьарыктыыгын. Тус олоххор иллэҥ бириэмэҕин хайдах аттарынаҕын? Дьиэ кэргэҥҥэр хантан быысарыт булаҕын?
– Иллэҥ кэм суоҕун кэриэтэ. Учууталлыырым сэргэ, нэдиэлэҕэ биир чаас уруогу таһынан дьарыктаахпын. Биир чаас иһигэр оҕону хайдах даҕаны уһуйар кыаллыбат. Ол иһин араас композициялары, инсценировкалары туруорар кэммитигэр бириэмэни аахсыбаппыт.
Биһиги ыал үс оҕолоохпут. Улахаммыт устудьуон, Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет ФТИ-гар, орто уолбут Намнааҕы гимназияҕа үөрэнэллэр. Кырабыт үһүс кылаас киһитэ, бэйэм хараҕым далыгар, үлэлиир оскуолабар сылдьар. Иллэҥ кэммин дьиэ кэргэммин кытта атаарабын, оҕолорбор болҕомто уурабын. Маҥнай үлэлиирим саҕана син иллэҥ буолан оскуолам ансаамбылыгар үҥкүүлүүрүм, “Сарыада” норуот ырыаларын ансаамбылыгар дьарыктанарым, билигин бириэмэ кыайан ордоруммат курдукпун. Кыралаан оһуокайдыыбын, хомустуубун.
— Аныгы оҕо кинигэ аахпат дииллэр. Эн итиннэ туох үлэни ыытаҕын?
— Оҕо ааҕара-аахпата дьиэ кэргэнтэн тутулуктаах. Ийэ, аҕа ааҕар, бэйэтинэн оҕотугар холобур көрдөрөр түгэнигэр кини хайаан даҕаны кинигэни илиитигэр ылар. Үөрэх бырагырааматыгар баар айымньыны булгуччу ирдиибин, онон син ааҕаллар. Бэйэтин баҕатынан, ис-иһиттэн умсугуйан ааҕар оҕо аҕыйах. Миэхэ дьарыктанар оҕолор үөрэтэр айымньыларын толору барыйаанын хайаан даҕаны ааҕыахтаахтар. Аахтахтарына эрэ оруолларын толору арыйаллар, оонньууллар. Онтон хоһоону аахпыттарын кэннэ ырытыһабыт, санаа атастаһабыт. Элбэхтик хоһоон үөрэтэр оҕо өйүгэр тутар дьоҕура олус күүскэ сайдар, эксээмэн да туттаралларыгар туһалаах эбит диэн түмүккэ кэллибит. Алтыс кылаастан дьарыктаабыт оҕолорум быйыл 11-с кылааска үөрэнэллэр. Бэрт уһун хоһооннору үөрэтэр буоллулар.
НОРУОТТАР ИККИ АРДЫЛАРЫНААҔЫ ТАҺЫМҤА
– Куонкурустарга төһө кыттаҕыт, миэстэлэһэҕит?
– Улуустааҕы оҕо бибилэтиэкэтэ “Уоланнар ааҕыыларын” тиһигин быспакка ыытар. Маҥнай ол күрэстэн саҕалаан, өрөспүүбүлүкэ таһымыгар таҕыстыбыт. Былырыын Ойуунускай айымньыларынан “Мин ырыам ылланыа, мин аатым ааттаныа” литэрэтииринэй композицияны туруоран хас да күрэскэ гран-при үрдүк аатын ылан үөрүүбүт үгүс. Оҕолорбут табыллан арыллан, Б.Ойуунускай, М. Аммосов, С.Васильев, И.Барахов уо.д.а. оруолларын толорон, оҕолор бэйэлэрэ да астынан оонньообуттара. Быйыл Н.Лугинов “Кустук” уонна “Суор” туһунан айымньыларыттан быһа тардан инсценировка туруоран, “Звонкая планета” норуоттар икки ардыларынааҕы күрэскэ эмиэ гран-при ыллыбыт. Былырыын күһүн төрөппүттэрбитигэр, нэһилиэкпит олох тоохторугар анаан биэс сыллааҕы үлэбит түмүгүн көрдөрөр “Күндүл 5 сыла” айар кэнсиэри оҥорбуппут. Норуот тыйаатырын режиссера суруйбут “Семинария паартатыттан – автономия трибунатыгар” диэн бэртээхэй испэктээккэ “Күндүл” улахан бөлөх уолат- тара сүрүн оруолу оонньоо буттара. Норуот тыйаатырдарын кытта Майаҕа “Алыптаах мааскаҕа” кыттан “Көрөөччү биһирэбилэ” номинацияҕа тиксибиппит. Онон быйылгы сылга үлэбит түмүгэ ситэн-хотон көһүннэ.
– Учууталга туох көмө, өйөбүл ирдэнэр диэн көрөҕүн?
– Иллэрээ сыл саха тылын, литэрэтиирэтин учууталларын сийиэһигэр эмиэ бэлиэтээн аһарбыппыт – саха тылыгар туһаайан эттэхпинэ, уруккуларга тэҥнээтэхпинэ, билиҥҥи үөрэх кинигэтэ уустук, сорох тыллары олус сахатыппыттар, аныгы оҕо өйдөөбөт, ылыммат. Хайдах эрэ судургутутуохха баар эбит диэбиппит да, хаһан кыаллара буолла… Оҕолор ону көрөн ыарырҕаталлар, саллан хаалан интэриэстэрэ сүтүөн сөп. Ол иһин кинигэҕэ олус сигэммэккэ бэйэбит, хайдах кыалларынан, табылларынан, тиийимтиэ гына үөрэтэргэ дьулуһабыт. Төрөппүттэргэ өйдөтүү үлэтэ бардар бэрт этэ. Атын, эксээмэн туттарар биридимиэттэри кытта холоотоххо, саха тылын аахайбат, улахаҥҥа уурбат курдук сыһыан баар, сорудах, дьиэҕэ үлэ биэрдэххэ сороҕор толорботтор.
УЧУУТАЛЛАР КҮРЭСТЭРЭ
– Учууталлар күрэстэригэр кыайарга эрэллээх этиҥ дуо? Эн ааккын ааттаабыттарыгар төһө үөрбүккүнүй?
– Күрэскэ кыттыбыт учууталлар бары идэлэригэр бэриниилээхтэрэ, үрдүк таһымнаахтара көстөр. Сүүрбэлии, отуттуу, ону ааһан 45 сыл кытта үлэлээбит уопуттаах учууталлар бааллара, бары күүскэ бэлэмнэнэн кэлбиттэр этэ. Ол иһин сыанаҕа биэс лауреаты ыҥырбыттарыгар олус үөрбүтүм, ол эрээри, кыайыам эрэ дии санаабакка турбутум. Ааппын ааттаабыттарыгар олус соһуйбутум. “Айыы Кыһатын” 5-с кылааһын үөрэнээччилэрэ наһаа үчүгэйдик кыттан, уруогум, кылаас чааһа эмиэ бэркэ табыллыбыта.
Күрэс Арассыыйаҕа нууччалыы барарынан, эһиилгиттэн тэрийээччилэр биир эмэ түһүмэҕи нууччалыы ыытыҥ диэн ирдэбил туруоруохпут дэһэллэр. Быйыл сахалыы да, нууччалыы даҕаны талан ыытыаххытын сөп диэбиттэрэ эрээри, тус бэйэм ийэ тылбынан сахалыы ыыппытым.
Арассыыйатааҕы түһүмэх быйыл балаҕан ыйыгар Казань куоракка буолуохтаах. Эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһан күүскэ бэлэмнэннэхпинэ эрэ ситиһиилээхтик кыттарбытын өйдүүбүн. Хамыыһыйа тэринэн үлэбитин саҕалыахтаахпыт. Күрэскэ кыттарбар оскуолам дьаһалтата, биир идэлээхтэрим бары саба түһэн көмө-өйөбүл буолан, кыайыыга тиийдибит диэн бэлиэтиибин.
Сунтаар Хаданыттан Роман Попов уонна Геннадий Пустоляков атырдьах ыйын 15 күнүгэр ыҥыыр атынан Монголияҕа диэри…
ТАСС суруйарынан, дойду Аҕа баһылыга Владимир Путин байыаннай дьайыы кыттыылаахтара уонна кэргэттэрэ 10 мөл. солк.…
I I Бишкектээҕи норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээлигэр Гран-при ылбыт «Хаар куйаар номохторо» («Легенды вечных…
Быйыл, сэтинньи бүтүүтэ, биһиги Саха сирин суруйааччыларын айар сойуустарын 90 сылын бэлиэтиэхпит. Бу 90 сылтан…
Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, 19:00 чаастан "Россия 24" телеханаалга «ВМЕСТЕ с Айсеном Николаевым» биэриини көрүҥ.…
Соторутааҕыта буолан ааспыт фашизмы утарыы пуорумугар байыаннай дьайыыттан 25 бастыҥ байыас инники кирбииттэн кэлэн кыттыбыта.…