Салгыы
Төрөөбүт тыл уонна литэрэтиирэ бастыҥ учууталларын куонкуруһа буолар

Төрөөбүт тыл уонна литэрэтиирэ бастыҥ учууталларын куонкуруһа буолар

15.03.2023, 11:44
Хаартыска: Сардаана Данилова.
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Дьокуускайга “Төрөөбүт тыл уонна литэрэтиирэ бастыҥ учуутала” Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкурус өрөспүүбүлүкэтээҕи түһүмэҕэ ыытылла турар.

Быйылгы тэрээһиҥҥэ Саха сирин 13 улууһуттан уонна Дьокуускай куораттан саха тылын, литэрэтиирэтин, эбэҥки тылын 14 учуутала кытта сылдьар.

Хаартыска: СӨ Үөрэҕи сайыннарар уонна идэ таһымын үрдэтэр институт.

Куонкурус бастакы түһүмэҕин – аһаҕас уруогу ыытыы, идэлэрин уратытын билиһиннэрии кэнниттэн иккис түһүмэххэ тахсыбыт лауреаттар ааттара билиннэ:

  1. Васильева Нюрбина Егоровна, Мындааба орто оскуолатын учуутала, Уус Алдан улууһа;
  2. Ефимова Евдокия Даниловна, Д.С.Слепцов аатынан Эбээх орто оскуолатын учуутала, Орто Халыма улууһа;
  3. Липатова Светлана Афанасьевна, Дьокуускай куораттааҕы Айыы Кыһата национальнай гимназия учуутала;
  4. Лукина Кэскилээнэ Вячеславовна, А.Осипов аатынан биирдиилээн биридимиэттэри дириҥэтэн үөрэтэр хайысхалаах Бэрдьигэстээх орто оскуолатын учуутала, Горнай улууһа;
  5. Семенова Светлана Анатольевна, Н.Н.Чусовской аатынан Антоновка орто оскуолатын учуутала, Ньурба улууһа.
  6. Уарова Любовь Прокопьевна, Аллаҥа орто оскуолатын учуутала, Сунтаар улууһа.
  7. Уйгурова Раиса Иннокентьевна, А.Г.Кудрин-Абаҕыыныскай аатынан Абаҕа орто оскуолатын учуутала, Өлүөхүмэ улууһа;
  8. Фёдорова Вера Васильевна, Н.Х.Дьяконов аатынан Тыайа орто оскуолатын учуутала, Кэбээйи улууһа.
Хаартыска: СӨ Үөрэҕи сайыннарар уонна идэ таһымын үрдэтэр институт.

Санатан эттэххэ, куонкурус иккис төгүлүн ыытыллар. Былырыын Чурапчы гимназиятын саха тылын учуутала Сардаана Гоголева кыайыылааҕынан тахсан, түмүктүүр түһүмэххэ Арассыыйаҕа ситиһиилээхтик кыттан, Саха сирин аатын дорҕоонноохтук ааттаппыта.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
27 ноября
  • -32°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 68% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: