Ахсынньы 9 күнүгэр Сунтаар улууһун Күүкэй оскуолатын кэлэктиибин тэрийиитинэн «Төрөөбүт тылы сайыннарыыга куолаан ньыманы туттуу” диэн тиэмэлээх саха тылын уонна литэрэтиирэтин учууталларыгар сэминээр буолла. Сэминээр сыала-соруга — үөрэнээччигэ төрөөбүт тылы иҥэриигэ, үөрэтиигэ оскуоланан куолаан, саҥа ньымалар уопуттарын туттуу, тарҕатыы уонна атастаһыы.
Сэминээргэ Сунтаар улууһун 11 оскуолатыттан 33 учуутал кэлэн кыттыыны ылла.
Күүкэй оскуолатын учууталлара төрөөбүт тылы сайыннарыыга оскуолаҕа куолаан туох үлэ барарын кэпсээтилэр. Ол курдук, саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала Евсеева Ангелина Петровна дьоҕурдаах оҕолору кытта хайдах үлэ барарын билиһиннэрдэ. Араас таһымнаах олимпиадалар, ыраахтан олорон үөрэнии кэмигэр оҕону төрөөбүт тыл умсулҕаныгар уһуйууга куйаар ситимин туһаныы, “Саха этигэн тыла” өрөспүүбүлүкэтээҕи оҕо төрөөбүт тылынан саҥарар, суруйар дьоҕурун сайыннарар саайт тустарынан бэрт интэриэһинэйдик кэпсээтэ. Оскуола социальнай педагога Сардаана Львовна Львова төрөөбүт тылы иҥэриигэ оҕоҕо кыра сааһыттан төрөппүт улахан оруоллааҕын эттэ. Хас биирдии оҕо ситиһиитэ учуутал төрөппүтү кытта ыкса сибээһигэр кистэнэ сытарын быһаарда.
11-с кыл үөрэнээччитэ Егорова Анжелика бэртээхэй маастар-кылааһы биэрдэ. Ырытыы араастарын, олимпиадаларга хайдах бэлэмнэнэр үчүгэйин көрдөрбүтүн учууталлар астыннылар. Бэйэтэ оҥостубут таблицаларын тарҕаталаан көрдөрдө. Олимпиадаҕа ырытыыга туох ирдэниллэрин сырдатта. Ол курдук, бэйэ-бэйэлэригэр сүбэ-ама бэрсэн, бэйэлэрин уопуттарын тарҕатан, санаа атастаһан, инникитин төрөөбүт тылы сайыннарыыга күргүөмнээхтик үлэлииргэ сыал-сорук туруорунан бардылар.
Оскуола иһинэн үлэлиир «Кустук» пресс-киин үлэтин салайааччы Федорова Олимпиада Андреевна кэпсээбитинэн, ыйга иккитэ хаһыат таһаараллар. Хаһыат сүрүн сыала-соруга: оскуола үлэтин-хамнаһын киэҥ эйгэҕэ (нэһилиэнньэҕэ, улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ) сырдатыы, үөрэнээччилэр айар дьоҕурдарын сайыннарыы, ааҕыыга интэриэһи үөскэтии. Пресс-киин үлэтэ оҕоҕо төрөөбүт тылы иҥэриигэ улахан суолталааҕа бэлиэтэннэ.
Оскуола бибилэтиэкэрэ Саввинова Ксения Егоровна бибилэтиэкэ оҕо тылын саппааһын байытыыга оруола улаханын, ол туһугар үтүмэн үлэ барарын көрдөрдө.
Герасимова Ираида Михайловна саха тылын, литэрэтиирэтин уонна култууратын учууталларын II сийиэһин туһунан кэпсээтэ.
Алын кылаас учууталларын холбоһуга “Арылы кустук” диэн тохтобулларынан айан-оонньууну сүрэхтээтэ.
Ильина Сааскылаана Альбертовна «Олонхо кэскилэ ыччакка» диэн тиэмэнэн «Олоҥхо дойдутун оҕотобун» сайыҥҥы лааҕыр үлэтин-хамнаһын билиһиннэрдэ. Бу лааҕыр тэриллибитэ номнуо 17 сыл буолбут.
“Төгүрүк остуолга” учууталлар бэйэ бэйэлэригэр сүбэ-ама бэрсэн, бэйэлэрин уопуттарын тарҕатан, санаа атастаһан, инникитин төрөөбүт тылы сайыннарыыга күргүөмнээхтик үлэлииргэ сыал-сорук туруорунан бардылар. Бордоҥ оскуолатын учуутала Павлова Сусанна Николаевна “Ситиһии суолун тобулан” диэн оскуолаларын 90 сылыгар таһаарбыт кинигэлэрин бэлэх уунна. Онтон Элгээйи оскуолатын учуутала Павлова Людмила Николаевна анал байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьар дьоммут оҕолоругар “Кэскил” хаһыаты сурутарга тыл көтөҕөн, биир санааны ылынан, ааҕыы сылыгар бэртээхэй бэлэх буолла.
Манна даҕатан эттэххэ, Сунтаар улууһун аҕа баһылыга Анатолий Васильевич Григорьев 2023 сылы Төрөөбүт тыл сылынан биллэрдэ.
ххх
Сэминээр кыттыылаахтарыгар: «Билигин тыа сирин оҕолоро аһара нууччалыы саҥарар буоллулар, эһиги оскуолаҕытыгар ити кыһалҕаны туоратарга туох үлэни ыытаҕытый?» диэн билигин сытыытык турар боппуруоһу биэрдибит:
Алексеева Анна Анатольевна, Сунтаар 3-с нүөмэрдээх оскуолатын учуутала:
– Саха култууратын билиһиннэрэбит, саха үгэһин толоробут уонна сахалыы тыл баайын иҥэрэбит. Сыл аайы төрөөбүт тылбытыгар аналлаах араас оонньуулар, бэсиэдэлэр ыытыллаллар. Холобур, Олоҥхо уонна Хомус күннэригэр.
Егорова Варвара Николаевна, Илимниир ситэтэ суох орто оскуолатын алын кылааһын учуутала:
– Тэрээһиннэри үксүн сахалыы тылынан ыыта сатыыбыт уонна оҕолору элбэхтик сахалыы кинигэлэри ааҕарга ыҥырабыт. Мин кылааспар 4 оҕо үөрэнэриттэн 2 оҕо нууччалыы тыллаахтар. Нууччалыы кылааска үөрэммит буоланнар, ааҕары ыарырҕаталлар, ол иһин, эбии дьарыктары ыытабын уонна кинилэр кыахтарынан көрөн, саха тылын олимпиадаларыгар кытыннарабын.
Архангельская Елена Евгеньевна, Кутана орто оскуолатын учуутала:
– Биһиги үксүн 3 хайысханан үлэлиибит. Бэйэбит оскуолабытыгар «Тыл холбоһуга» диэн ааҕыы бырайыагын ылынаммыт онно Грант олохтообуппут. Саха классик суруйааччыларын айымньыларын саас испииһэктээн оҕолорго биэрбиппит. Ол айымньыларынан эксээмэн курдук оҥоробут. Элбэх сөптөөх эппиэти суруйбут оҕо кыайыылаах буолар. Ону таһынан Мария Павловна Афанасьева салайыытынан кылааһынан олоҥхо толоруута буолар. Уонна араас хайысхалаах тэрээһиннэр, биктэриинэлэр, олимпиадалар ыытыллаллар.
Павлова Сусанна Николаевна, Бордоҥ орто оскуолатын учуутала:
– Билигин уһуйаантан саҕалаан, барыта нууччалыы тылынан барар буолла. Ол иһин, биһиги оскуолабытыгар араас тэрээһиннэри төһө кыалларынан сахалыы тылынан ыыта сатыыбыт. Түмэлгэ оҕолору гид быһыытынан үлэлэтэн, сахалыы саҥарарга-иҥэрэргэ үөрэтэбит. Оччоҕо кинилэр кэпсиир дьоҕурдара, тыллара-өстөрө сайдар. Ону таһынан өбүгэ оонньууларынан дьарыктаныы оҕолор өйдөрүн-санааларын сааһылыыр.
Кондратьева Мария Васильевна, СПТЛ-И учуутала:
– Кырдьык, билигин оҕолор нууччалыы саҥараллара элбээтэ. Биллэн турар, онно төрөппүтү кытта өйдөтөр үлэ барыахтаах, оччоҕуна оҕо ханнык тылы таларын билэр буолар. Билиҥҥи сокуону ылан көрдөххө, оҕо ханнык тылы таларын төрөппүт быһаарар бырааптаах. Оҕо кыра эрдэҕиттэн төрөөбүт тылын иҥэриммит буолуохтаах. Ол иһин, оскуола сахалыы тыыны иитиигэ улахан оруолу оонньуур. Холобур, төрүт култуураны үөрэтии, ыйдарынан туомнары толорон ыытыы оҕо бэйэтин омугун билэригэр көмөлөһөр. Ону таһынан оҕо тулалыыр эйгэтэ сахалыы тылынан буолуохтаах.
Титова Любовь Сергеевна, Түбэй Дьаархан орто оскуолатын учуутала:
– Элбэхтик ааҕыҥ, сахалыы сурунааллары, биэриилэри көрүҥ дии сатыыбыт. Олунньуга тыл күнүгэр араас тэрээһиннэри, оонньуулары ыытабыт уонна уруоктарга оҕолор интэриэстэрин көҕүтээри туһалаах матырыйааллары кыбыта сатыыбыт.
Анжелика ЕГОРОВА, Ньургуйаана СИДОРОВА,
“Кустук” пресс-киин, Күүкэй, Сунтаар
2024 сыл 11 ыйын түмүгүнэн Саха сиригэр 45 мөлүйүөн туонна чох хостоммут. Бу былырыыҥҥы көрдөрүүттэн…
"Ретрограднай" Меркурий "төттөрү" барыыта бүтэрэ 3 хонук хаалла. Сэтинньи 26 күнүттэн ахсынньы 15 күнүгэр диэри…
Тулагы сэлиэнньэтигэр биллибэт суоппар массыынатын суулларбыт уонна саахал миэстэтиттэн куоппут. Бу туһунан Дьокуускайдааҕы Госавтоинспекция иһитиннэрэр.…
Ахсынньы тымныытын аахсыбакка, Саҥа дьылы көрсө Үөһээ Бүлүүгэ георгин сибэкки тыллан хараҕы үөрдэр, сайыны чугаһатар.…
Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Нам улууһун Остуолба, Таатта улууһун Булуҥ уонна Томтор, Уус Алдан улууһун…
Бүгүҥҥүттэн, ахсынньы 12 күнүттэн, РФ Конституциятын күнүгэр Дьокуускайга «Объединяя лучшее - быть первым!» диэн ааттаах…