Төрөөбүт тылга болҕомто лаппа күүһүрбүт

Share

Д.К.Сивцев-Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет тыйаатырыгар Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр аналлаах үөрүүлээх тэрээһин буолла. Сылга биирдэ саханы саха дэтэр өрөгөйдөөх күҥҥэ, киирэр аан айаҕыттан дьон тоҕуоруһа муһунна.

Ил Дархан Айсен Николаев тыл этэригэр ийэ тылбыт хас биирдиибитин төрөөбүт төрүт сирбитин, омукпутун кытта биир дьылҕалаах, биир кэскиллээх оҥорор диэн бэлиэтээтэ. Тыллары үбүлээһин бырагыраамата икки бүк эбиллэн 100 мөл. солк. тэҥнэспитин итиэннэ салгыы итинтэн түспэккэ үбүлэниэн иһитиннэрдэ.

СӨ Билимин академиятын нөҥүө эрэгийиэннээҕи тылы харыстыыр уонна сайыннарар киин тэриллибитин, бу сыл тохсунньу 1 күнүттэн Сокуон барыллара бары Ил Түмэн көрүүтүгэр нууччалыы уонна сахалыы тылынан киирэр буолбуттарын санатта.

“Ийэ тылы умнуу ыччаттан саҕаланар. Оҕо бэйэтин тылын билбэт буоллаҕына, тыл биир утаҕа быстар… Саха тэлэбиидэнньэтигэр сахалыы тылынан тахсар оҕоҕо аналлаах биэриини оҥорууга 40 мөл. солк. көрүллүбүтэ. 2022 сылга ити харчынан 471 ойуулук нууччалыыттан тылбаастанан “Түннүк. Саха кидс” диэн анал ханаалларга киирдилэр. Бу үлэ салгыы барыаҕа”, — диэн эттэ.

Бүгүҥҥү күҥҥэ хас биирдии үһүс оҕо төрөөбүт тылынан үөрэнэрин, онтон үөрэнээччи 60 % төрөөбүт  тылын туспа биридимиэт быһыытынан үөрэтэрин иһитиннэрдэ.

“Быйыл өрөспүүбүлүкэбит араас муннугар 21 саҥа оскуола үлэҕэ киириэҕэ. Манна хас биирдиилэригэр сахалыы тыллаах кылаастар аһыллыахтара. Бу боппуруос саамай сытыытык Дьокуускай куоракка турар. Дьокуускайга аһыллар саҥа оскуолалартан биирдэстэрин бүттүүнүн сахалыы тыллаах оҥорорго Үөрэх уонна билим министиэристибэтигэр итиэннэ куорат дьаһалтатыгар сорудах туруорабын.

Тыллары сайыннарыыга улахан уонна кэскиллээх хайысханан саха уонна хотугу омуктар тылларын куйаар ситимигэр киллэрии буолар. 2018 сыллаахха сүдү үлэ түмүктэммитэ. Саха тылын өлбөт үйэлиир аналлаах 15 туомнаах академическай быһаарыылаах тылдьыт тахсыбыта. Онтон бүгүн, үөрүүлээх быһыыга-майгыга тылдьыппыт электроннай көрүҥэ сүрэхтэннэ”, — диэн иһитиннэрдэ.

Тыл эйгэтигэр барар кэлим үлэни өссө дириҥэтэр, көдьүүһүн үрдэтэр туһуттан үтүө уларыйыылары салгыыр, бастыҥ өйү-санааны түмэр саҥа сиэрдэри тэрийэр тоҕоостооҕун ыйар. “Мин санаабар, төрөөбүт тылбытыгар, үөрэтиигэ, харыстыырга уонна салгыы сайыннарарга анал киининэн “Барҕарыы” пуонда буолара олус табыгастаах буолуон сөп. “Барҕарыы” тэрилтэтигэр оҕолорго анаан биллэр бэлиитиктэрбит, учуонайдарбыт, суруйааччыларбыт, култуура эйгэтин үлэһиттэрин уһулуччу уопуттарын киэҥник тарҕатар, араас хабааннаах сырдатар тэрээһиннэри, күрэхтэри ыытар олус туһалаах буолуо. Бу үлэ-хамнас өрөспүүбүлүкэ сударыыстыбаннай бүддьүөтүттэн 15 мөл. солк. итэҕэһэ суох үбүлээһини хааччыйарга Бырабыыталыстыбаҕа сорудах биэрэбин.

Ааспыт сыл сэтинньитигэр саха тылын, литэрэтиирэтин уонна култууратын учууталларын иккис сийиэстэрэ буолан ааспыта. Ийэ тылбыт туһунан киэҥ, дириҥ кэпсэтии тахсыбыта. Бу күннэргэ улахан тэрээһин түмүгүнэн сийиэс быһаарыыта баттанна. Манна былаас араас салааларын, олохтоох бэйэни салайыныы уорганнарын, тылы чинчийэр тэрилтэлэр, үөрэх кыһаларын иннигэр чопчу сорудахтар турдулар. Бу барыта болдьоммут кэмигэр булгуччу туоларын тус хонтуруолбар бүгүҥҥүттэн ылабын”, — диэн эттэ.

Төрөөбүт тыллар эйгэлэригэр үгүс кылааттарын киллэрсэр дьоммутугар СӨ Ил Дарханын бириэмийэлэрин аныыр үтүө үгэс баар. Ол курдук, С.А.Новгородов аатынан бириэмийэ СӨ бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаевка, Н.И.Спиридонов-Тэки Одулок аатынан бириэмийэ СӨ дьүкээгирдэрин ассоциациятын чилиэнигэр Анастасия Афанасьевна Куриловаҕа, В.Д.Лебедев аатынан бириэмийэ эбээн норуотун сэһэнньитигэр Дария Михайловна Осенинаҕа, Г.М.Василевич аатынан бириэмийэ филологическэй наука кандидатыгар, Герцен аатынан педагогическэй университет хотугу норуоттар бакылтыаттарын уһуйааччытыгар, эбэҥки тылын уөрэтэр салаа үлэһитигэр Надежда Яковлевна Булатоваҕа ананнылар.

Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ Арассыыйаҕа Педагог уонна уһуйааччы сылын иитинэн, Дмитриевтэр педагогическай династияларын чиэстээтилэр.

Дьоро күнү ураты, сахалыы тыыннаах сэргэх кэнсиэр киэргэттэ, оттон тэрээһин оһуохайынан түмүктэннэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

2 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

2 часа ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

3 часа ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

3 часа ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

4 часа ago