Төрөөбүт тыллар тула суолталаах боппуруостары ырытыстылар

Төрөөбүт тыллар тула суолталаах боппуруостары ырытыстылар

14.12.2023, 17:44
Хаартыска: Людмила Попова.
Бөлөххө киир:

Дьокуускайга СӨ хотугу аҕыйах ахсааннаах төрүт омуктар төрөөбүт тылларын, литэрэтиирэлэрин, култуураларын учууталларын I сийиэһэ ыытылла турар. Сийиэс иитинэн Үөрэҕи сайыннарар уонна идэ таһымын үрдэтэр институкка төрөөбүт тыллар тула суолталаах боппуруостары ырытыһыы буолан ааста.

Кэпсэтии, санаа атастаһыы быһыытынан барбыт тэрээһиҥҥэ Санкт-Петербургтан  ыҥырыллыбыт эспиэрдэр, салайааччылар, Саха сирин аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох омуктар төрөөбүт тылларын, литэрэтиирэлэрин, култуураларын учууталлара, уопсастыбаннас кытыннылар.

Манна урукку сылларга төрөөбүт тылларынан саҥарыы бобулла сылдьыбыта диэн этииттэн саҕалаан, үөрэх кинигэлэрин бэчээттээн таһаарыы кыһалҕаларыгар тиийэ ырыттылар.

А.И. Герцен аатынан Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай педагогическай университет Хотугу норуоттарын институтун дириэктэрэ Софья Урун: “Судаарыстыба ханнык баҕарар кэмҥэ төрөөбүт тыллары өйүүрэ. Оннооҕор сэрии саҕана төрөөбүт тылларынан үөрэх кинигэлэрин бэчээттээһин тохтооботоҕо.

Сэбиэскэй кэм кэннинээҕи сылларга уопсай глобализация, урбанизация, технократическай култуура, билигин экраннай култуура хамсааһына бара турар.

Холобурдаан эттэххэ, ийэм эбэҥки тылын билэр эрээри, ол тылынан кэпсэппэт этэ. Тоҕо диэтэххэ, кинилэри хомсомуолларгыт, цивилизацияҕа барыахтааххыт, коммунизмы тутуһуохтааххыт диэн ииппиттэр.

Билигин эйгэни тэрийии ирдэнэр. Ону хайдах тэрийэбит? Холобур, Хатыстыыр сахалыы тыллаах эбэҥкилэрэ тылы билэр исписэлиистэри ыҥыраллар. Кинилэр оскуолаҕа, уһуйааҥҥа кэлэн оҕолору кытта кэпсэтэллэр, төрүт үгэстэргэ үөрэтэр. Биһиги онно эспэдииссийэнэн сылдьыбыппыт. Оҕолор төрөөбүт тылларын билэллэр. Маннык быраактыка Өлөөҥҥө эмиэ баар. Тоҕо диэтэххэ, кинилэр тыл наадатын, суолтатын өйдүүллэр.

Саха сирэ көс оскуолалар бырайыактарын көҕүлээбититтэн, тиһэҕэр тиэрдибититтэн, кочевой оскуолалар туһунан федеральнай Сокуон ылыллыбытыттан тус бэйэм үөрэбин. Көс оскуола биһиэхэ тугу биэрэр? Оҕо 10 сааһыгар диэри дьиэ кэргэнин кытта сылдьар, бу оҕо кэлин тылын хайдах да гынан умнар кыаҕа суох.

Хотугу норуоттар институттара көс оскуолалар учууталларын бэлэмниир бырагырааманы оҥорбута, сакааһынан кыра, сылга уон киһи үөрэнэр. Билигин федеральнай сокуон баар, Үөрэҕирии министиэристибэтэ “суол каартатын” оҥорбута, онно тирэҕирэн көс оскуола учууталларын үөрэтиэҕиҥ. Эбэтэр тьютор-төрөппүттэри бэлэмниэҕиҥ”, — диэн санаатын эттэ.

Сибиир уонна Уһук Илин аҕыйах ахсааннаах норуоттарын төрөөбүт тылларын, литэрэтиирэлэрин преподавателлэрин ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ Светлана Чернышова: “Оҕо маҕаһыыҥҥа таҕыстаҕына кини бэйэтин тылынан ыйытыытыгар кыайан хардарбар буоллахтарына, төрөөбүт тыл туохха нааданый? Ол иһин эйгэ тэриллэрэ ирдэнэр. Оҕо дьиэтигэр төрөппүттэрин кытта төрөөбүт тылынан кэпсэтэр, дьиэтиттэн таҕыста даҕаны нууччалыы, сахалыы эйгэҕэ киирэр. Бүгүн сийиэскэ “таба баар – тыл баар” диэн сөпкө бэлиэтээтилэр. Тоҕо диэтэххэ, эйгэттэн быһаччы тутулуктаах. Итиэннэ тэрилтэ ааттара, суруктар-бичиктэр төрөөбүт тылынан суруллуохтаахтар, оҕо көрөн ылынар. Ити курдук араас суол көрүҥ баара ордук”, — диэн этэр.

Уус Маайа улууһун үөрэҕин управлениетын начаалынньыга Полина Петрова: “Уус Маайа улууһа икки национальнай нэһилиэктээх – Эдьээн уонна Күп. Биһиги, биллэн турар, олоҕу-дьаһаҕы, төрүт үгэһи тиэрдэбит. Былырыын  улууспут төрөөбүт эбэҥки тылын үөрэтэр бырайыага өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурска бастаабыта. Сайынын Эдьээн оскуолатын баазатыгар суукканы эргиччи үлэлиир лааҕыры тэрийбиппит. Манна баҕалаах тылы билэр улахан дьон эмиэ кыттыбыттара. Лааҕыр 21 күн үлэлээбитэ. Ол эрээри, биһиги манан кыһалҕаны быһаарбатыбыт. Үгэс уонна тыл тус-туспа өйдөбүллэр.

Күп оскуолатыгар үөрэммит Николай Апросимов искусственнай интеллекка олоҕуран AYANA эбэҥки тылдьытын сыһыарыытын оҥордо. Бу Уус Маайа эдэр дьонун ортотугар тылга сэҥээриини үөскэттэ. Бу икки түгэн тылы үөрэтиигэ кыаҕы биэрдилэр”, — диэн иһитиннэрдэ.

Ити курдук, суолталаах боппуруостар тула тэриллибит кэпсэтиигэ мустубут дьон санааларын эттилэр. Ханна баҕарар буоларын курдук оҕону кытта быһаччы үлэлэһэр дьон – учууталлар төрөөбүт тылга чаас эбиллиитин, хамнас үрдээһинин, эйгэни тэрийиини туруорсаллар.

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
24 ноября
  • -25°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: