Салгыы
Төрөөбүт тылы харыстааһыҥҥа суруналыыстар улахан оруоллаахтар

Төрөөбүт тылы харыстааһыҥҥа суруналыыстар улахан оруоллаахтар

28.09.2022, 21:50
Бөлөххө киир:

Сочи куоракка «Вся Россия» диэн аныгы суруналыыстыка пуорума буолла. Саха сириттэн 18 киһилээх улахан дэлэгээссийэ кытынна.

Пуорум кэмигэр Татарстан Өрөспүүбүлүкэтин “Татмедиа” хампаанньата “Роль СМИ в сохранении и развитии нацио­нальных языков и культур” диэн бэрт интэриэһинэй  төгүрүк остуолу тэрийэн ыытта.

Төрөөбүт тыл  хас биирдии омук култууратын, уратытын кэрэһитинэн буолар. Ол гынан баран. кэлиҥҥи өттүгэр сорох тыллар сүтэр-симэлийэр суол­га үктэннилэр. Онон оҕолор, эдэр ыччат төрөөбүт тылларын билэллэрин, күннээҕи олохторугар кэпсэтэллэрин курдук, холобур, “Татмедиа” холдинг «Татмедиа junior»  бырайыагы хас да сыллааҕыта саҕалаан, билигин номнуо отуттан тахса араас хайысханан үлэлииллэр. Бырайыак иһинэн үлэлиир «Салаватиклар» ха­­наалга та­­таар тылынан оҕолорго ырыалары устаннар, оҕолор сэҥээриилэрин ылбыттар.

Башкортостан “Акбузат” сурунаала  башкир тылынан остуоруйалары, хоһооннору бэчээттээннэр, сурутууларын улаатыннаран, сурунаалларын Арассыыйа араас эрэгийиэннэригэр, ол иһигэр Саратовка, Оренбурга, Самараҕа, Челябинскайга  баар биир дойдулаахтара сурутан ааҕар буолбуттарын  туһунан сурунаал эрэдээктэрэ Лариса Абдуллина кэпсээтэ.

Төгүрүк остуол кыттыы­лаахтара төрөөбүт тылы  харыс­тааһыҥҥа сонуну киэҥник тарҕатар ситимнэр улахан оруоллаахтарын тоһоҕолоон бэлиэтээтилэр. Холобур, Аланияҕа күн бүгүн  олохтоох тэлэбиидэнньэ  40%-на осетинскай тылынан тахсалларын туһунан бэчээт уонна маассабай коммуникация кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Мадина Габалова иһитиннэрдэ. “Хотугу Осетияҕа олохтоох тылынан тахсар литературнай-художественнай сурунааллар сурутуулара түспэккэ турар. Эдэр ыччат өттүттэн интэриэс улаатан иһэр. Мин саныахпар, бу осетин норуотун национальнай-култуурунай сайдыытын бырагырааматын көдьүүстээх үлэтин түмүгэ буолар”, – диэн эбэн эттэ.

Татаардар төрөөбүт тылларыгар ураты харыстабыллаах сыһыаннара “Татмедиа” холобуругар көрүөххэ сөп. Ол курдук, холдинг татаар тылынан 50  хаһыаты бэчээттиирин таһынан, уон сурунаалы та­­һаарар. Нуучча тылынан 42 хаһыаты уонна биир суру­наалы.

Онон ыччакка, оҕолорго уонна төрөппүттэргэ  төрөөбүт төрүт тылы  сайыннарыыга, үөрэтиигэ сүрүн  үлэ сонунун тарҕатар ситимнэр көмөлөрүнэн күүскэ ыытыллыахтааҕын тэрээһин кыттыылаахтара эттилэр.

Суруналыыстар санаалара

Алена Докторова, «Эркээйи» хаһыат кылаабынай эрэдээктэрэ:

— Мин пуорумҥа иккис сырыым. Бу  иннинэ, 2018 сыллаахха  кыттыбытым. Ханнык баҕарар эйгэҕэ биир идэлээхтэри кытары сирэй көрсөн  үлэ-хамнас туһунан ырытыһыы, уопут атастаһыыта, саҥаны, сонуну билии-көрүү туһаттан атыны  аҕалбат. Ордук айар үлэҕэ ити быһаччы сыһыаннаах. Арассыыйа бары эрэгийиэннэригэр биир идэлээхтэрбит бүгүҥҥү күҥҥэ туох үлэни-хамнаһы ыыталлара, хайдах дьаһанан олороллоро, биллэн турар, олус интэриэһинэй. Чуолаан, национальнай тыллаах бэчээт инники сайдыытыгар  эрэгийиэннэр ыытар үлэлэрин истэбит-билэбит уонна  бэйэбит үлэбитигэр сонун  сүүрээннэри туһанарга кыһаллабыт.

Пуорум бырагыраамата  киэҥ, ол иһигэр араас тиэмэлэринэн лиэксийэлэр,  практическай сорудахтаах маастар-кылаастар, төгүрүк остуоллар. Ону сэргэ, Арассыыйа эрэгийиэннэрин Суруналыыстарын сойуустарын үлэлэрин  билиһиннэрии киһи болҕомтотун тардар. Галина Бочкарева бэрэссэдээтэллээх Саха сирин эрэгийиэннээҕи  салаатын үлэтин билиһиннэрии пуорум кыттыылаахтарын  улахан сэҥээриилэрин ылла.

Биир бэйэм Дагестан  суруналыыстара улахан ааттаах-суоллаах биир дойдулаахтарын Расул Гамзатов төрөөбүтэ 100 сылын  көрсө кини аатын үйэтитиигэ былааннаабыт   үлэлэрин билиһиннэрбиттэрин ордук сэргээтим.  Расул Гамзатов Саха сирин кытта эмиэ ыкса сибээстээҕин билэбит. Кинини тус бэйэтин кытта алтыспыт дьонтон ахтыылары анал саайтка хомуйалларын иһитиннэрдилэр.  Ону сэргэ Башкортостан, Хотугу Осетия-Алания, ЮГРА презентацияларыттан элбэҕи биллибит-көрдүбүт. Холобур, Башкортостаҥҥа оҕолорго анаан башкир  тылынан тахсар «Акбузат» сурунаалларын биир  нүөмэрин Донецкай өрөспүүбүлүкэ оҕолоругар анаан нууччалыы тылынан таһаарбыттар. Онно Донбасс оҕолорун хоһоонноро, уруһуйдара бэчээттэммиттэр.

Наталья Бубякина, “Амма олоҕо” хаһыат кылаабынай эрэдээктэрэ:

— Суруналыыстар Арассыыйатааҕы пуорумнарыгар номнуо хаһыс да сырыым. Маннык тэрээһиннэр олус туһалаахтар, үгүс саҥаны билэн-көрөн, уопут атастаһабыт. Урукку пуорумнарга таарыллыбыт тиэмэлэр баар буолаллар гынан баран, сыллата саҥаттан-саҥа үөрэхтэр, сэминээрдэр киирэн иһэллэр. Билигин хаһыат үлэһиттэрэ социальнай ситимнэргэ күүскэ үлэлиибит. Онно наадалаах үөрэхтэргэ сылдьан элбэх саҥаны биллибит. Бу сырыыга атыни эрэгийиэннэр Суруналыыстарын сойууһун презентацияларын сэҥээрэ көрдүм. Кэлиҥҥи сылларга бары эрэгийиэннэргэ көрдөрөр-иһитиннэрэр, сырдатар эйгэ үлэһиттэрин оруола үрдээн иһэрэ көстөр. Холобур, пуорумҥа Краснодарскай кыраай губернатора кытары кыттыыны ылан, Арассыыйа суруналыыстарын эҕэрдэлээтэ.

Пуорумҥа урут көрсүбүт дьоммутун көрүстүбүт. Холобур, биһиги национальнай бэчээт үлэһиттэрэ буолан, Татарстан, Башкортостан суруналыыстарын кытары өрүү билсэбит.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
4 декабря
  • -26°C
  • Ощущается: -33°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: