Оҕоҕо саамай чугас дьонунан төрөппүттэр буолаллар. Кинилэр оҕо олоҕун бастакы учууталлара. Хас биирдии оҕо бэйэтэ да билбэтинэн төрөппүтүн дьылҕатын хатылыыр дииллэр. Бу этии төһө даҕаны мөккүөрдээҕин иннигэр, иһэр төрөппүттэрдээх оҕолор улаатан баран аһыы утахха ылларыылара үгүстүк көстөр. Тоҕо диэтэххэ, кинилэр иһэр төрөппүттэрин көрөн олоххо маннык олороллор диэн өйдөбүл оҕотук санааларыгар иҥэриттэн тахсыан сөп.
Иһэр төрөппүттэрдээх оҕолорго болҕомто, таптал тиийбэтин ааһан, кинилэр утуйар, аһыыр, олорор усулуобуйалара кытта суох буолар. Кэлиҥҥи кэмҥэ эдэр ийэлэр иһэр буолуулара үгүс. Иһэр төрөппүттэн оҕону былдьаан ылан оҕо иитэр дьиэҕэ биэрии, эттэххэ эрэ дөбөҥ. Кырачаан киһи олоҕун укулаата уларыйыыта, уйулҕатыгар ылбыт охсуута барыта кэлиҥҥи олоҕор улаханнык дьайыан сөп. Маннык дьылҕалаах оҕолор улуус ахсын элбэхтэр. Ол эрээри, үгүс улуустарга буолар маннык быһыыны-майгыны киэҥ араҥаҕа таһаарымаары кистииллэр. Ол түмүгэр иһэр-аһыыр төрөппүттэр эппиэтинэскэ тардыллыбакка, көнөр суолга турбакка, оҕолорун иэдээҥҥэ тиэрдэллэр.
Быраатын бэйэтэ оҕолуур кырачаан
Таатта улууһун Ытык Күөл бөһүөлэгэр уустук дьылҕалаах оҕо элбэх. Биир оннук дьылҕалаах оҕолорунан биэс саастаах кырачаан кыыс уонна кини сэттэ ыйдаах быраата буолаллар. Ийэлээх аҕалара иккиэн иһэллэр. Ийэлэрэ сир харатыгар атын нэһилиэккэ барбыта барбытынан. Арай иһэ-аһыы сылдьар сураҕа иһиллэр, эмиэ оҕо күүтэр үһү… Аҕалара быстах-остох үлэлиир эрээри, эмиэ иһэр. Аһыыр-аһаабат икки ардынан сылдьар икки кырачаан оҕолор дьылҕалара уустук. Сэттэ ыйдаах быраатын бэйэтэ оҕолуур кыракый кыысчаан уһуйааҥҥа сылдьыбат. Дьон кинини, олоҕу билбит оҕо диир. Оҕо биэс сааһыттан итириксит төрөппүттэрин иирсээннэрин көрөрө, көрүллүбэккэ-харайыллыбакка сылдьара саныахха ыарахан. Бу оҕо уйулҕатыгар төһөлөөх охсууну ылбыта буолуой? Бу эдэр ыал олоҕо дьон хараҕын далыгар эбит. Бэйэ бас билэр дьиэлэрэ суох буолан, куортамтан куортамҥа көһөн күккүрүүллэрин үгүс дьон көрөр эбит. Дьиҥэр, бу ыал аан бастаан иэримэ дьиэни иччилиэхпит, алаһа дьиэни тэриниэхпит диэн истиҥ сыһыанынан холбоспуттар. Ол эрээри күннээҕи олох кыһалҕатыттан үгүстүк иирсэр, ол иирсээннэрэ охсуһууга тиэрдэр буолбут. Ыал аҕата иһэн кэлэн кэргэнин үөҕэр, кырбыыр идэлэммит. Онон бу дьиэ кэргэн учуокка турууларын бастакы иэдээнэ эр киһи дьахтарга илиитин көтөҕөөһүнүттэн саҕаламмыт. Мантан сыыйа дьахтар майгыта алдьанан, аны кини аһыы утахха умсубут. Эригэр өсөһөн дьиэтин-уотун, оҕолорун көрбөт буолбут. Оттон дьиэҕэ ийэ иһэр буоллаҕына, иэримэ дьиэ иҥнэстэр буоллаҕа… Төрөппүттэр көнөр суолга турбатахтарына, улуустааҕы эпиэкэ салаата бу эдэр дьону төрөппүт буолар бырааптарын быһыахтаах. Оччотугар оҕолор дьылҕалара икки аҥыы арахсар. Сэттэ ыйдаах быраата Дьокуускайдааҕы оҕо дьиэтигэр, оттон биэс саастаах эдьиийэ Бүлүүтээҕи оҕо иитэр дьиэҕэ барыан сөп. Оҕолор дьылҕаларын билсээри, дьон кэпсиирэ чахчытын билээри, тустаах тэрилтэлэри кытта сибээстэстим.
Дьиэ кэргэни ситимнииргэ үлэлиибит
Таатта улууһун «Эрэл» чөлүгэр түһэрэр киин салайааччыта Елена Николаевна Дедюкина:
– Биһиги тэрилтэбитигэр уустук балаһыанньаҕа түбэспит оҕолору үс саастарыттан ылабыт. Ол курдук, саастарын ситэ илик оҕолор дьыалаларын хамыыһыйата, полиция, улууспут эпиэкэтин салаата уонна төрөппүттэр, аймахтар сайабылыанньаларынан биһиги кииммитигэр киирэллэр. Оҕолор дьылҕаларын суут уурааҕа хаһан быһаарыар диэри олоруохтарын сөп. Ити ыйытар икки оҕо биһиги кииммитигэр киирбэтэхтэрэ.
Кииммитигэр билигин уон миэстэлээхпит, ону сэргэ эбии күнүскү өттүгэр сылдьар оҕолорго анаан эмиэ уонча миэстэни арыйбыппыт. Хомойуох иһин, иһэр-аһыыр, эппиэтинэһэ суох төрөппүттэртэн сылтаан оҕолор биһиги кииммитигэр кэлэллэр. Ардыгар сорох төрөппүттэр кыһалҕаттан, хаһан үлэ булуохтарыгар, атахтарыгар туруохтарыгар диэри эмиэ аҕалааччылар. Биһиги кииммитигэр оҕолору төрөппүттэриттэн былдьаан ыла сатаабаппыт, үлэбит сүнньэ – оҕолор дьиэлэригэр эйэлээх, үтүө эйгэҕэ олороллоругар анаан быстах кэмҥэ көмө оҥоруу. Төрөппүттэргэ эрдэттэн сэрэтэр үлэлэри үөрэх кыһаларын, уһуйааннар, балыыһа нөҥүө араас социальнай бырайыактары толкуйдаан үлэлэтэбит. Ол курдук, ырыаһыт Саина биһиги социальнай бырайыакпытыгар кыттан «Саҥа тыын” диэн бырайыагар учуокка турар биэс ийэни кытыннарбыппыт. Манна сылдьан ийэлэр санаалара уларыйар эбит. Ол курдук, биир ийэ учуоттан уһуллубута, көнөр суолга турбута диэн бэлиэтиэхпин баҕарабын. Ону сэргэ учуокка турар эрдэҕэс саастаах оҕолору кытта эмиэ бырайыак нөҥүө үлэлэһэбит. «Биир түмсүү” диэн сэттэ хайысханан үлэлиир бырайыактаахпыт. Ол курдук, эрдэҕэс саастаах оҕолор муус оҥоһуктары оҥорор аахсыйалара ыытыллыбыта. Сыл ахсын итинник тэрээһини ыытаммыт, биир оҕобут номнуо оскуоланы бүтэрэн маастар буола үүммүтэ. Маны сэргэ инбэлиит оҕолордоох ийэлэрбит кэлэн учуокка турар ийэлэргэ маастар-кылаас ыытааччылар, инбэлиит оҕолоох ийэлэр оҕолорун туһугар харчылаһа сатыыр, олохтон кэрэни булар дьоҕурдарын көрөн иһэр-аһыыр ийэлэр толкуйданаллар диэхпин баҕарабын. Биһиги сорукпут – дьиэ кэргэни ситимнииргэ үлэлэһии.
Оҕо ийэ, аҕа тапталын билэн улаатыахтаах
Таатта улууһун эпиэкэ уонна попечительство салаатын сүрүн исписэлииһэ Екатерина Ивановна Ермолаева:
– Уустук балаһыанньаҕа түбэспит оҕолор төрөппүттэрин суут уурааҕын эрэ кэнниттэн төрөппүт буолар бырааптарын быһаллар. Ол курдук, бастаан хааччахтыыр миэрэ көрүллэр. Ол эрэ кэнниттэн, алта ыйынан биирдэ төрөппүт буолар быраабын быһыахтарын сөп. Ити ыйытар сэттэ ыйдаах уонна биэс саастаах оҕолор тустарынан этэр буоллахха, бүгүҥҥү күҥҥэ оҕолор ийэлэрин полиция көрдүүр. Оҕолор аҕалаахтар. Аҕалара үлэлээбэт, ол эрээри оҕотун көрөн олорор диэн буолар. Билиҥҥи туругунан аҕалара аһыы утаҕы испэт. Ийэлэрин төрөппүт быраабын быстарар туһунан сайабылыанньаны оҕолор аҕалара бэйэтэ суруйан киллэрбитэ. Онон аҕалаах оҕолору биһиги иитэр дьиэҕэ ыыппаппыт. Бу икки оҕолоох аҕа билигин атын улууска көһөбүн диэн оҕолорун илдьэ барда. Биһиги аҕаларыттан оҕолору былдьыыр бырааппыт суох. Арай оҕолоругар сыһыаннаах кутталлаах дьайыыны оҥордоҕуна, бу боппуруоһу көрүөхпүтүн сөп. Инникитин испэккэ, оҕолорун этэҥҥэ көрөн олоруо диэн эрэнэбит. Уустук балаһыанньаҕа түбэспит оҕолору биһиги иитэр дьиэҕэ ыытарга ыксаабаппыт. Бастатан туран, оҕолору эбээлэригэр, эһээлэригэр, чугас аймахтарыгар олохтуу сатыыбыт. Этэр буоллахха, улууска эдэр ийэлэр арыгыга умсуулара баар көстүү. Төрөппүттэн оҕо дьылҕата тутулуктааҕын өйдөөбөттөр. Былырыын биир оҕо чугас аймахтара суох буолан, Бүлүү улууһугар иитэр дьиэҕэ барбыта. Оҕо наһаа чуҥкуйарын, дьонун ахтарын иһин быстах кэмҥэ иитэр ыалга олордо ылбыттара. Төрөппүт ийэтэ оҕотун төннөрөр туһугар тугу да гыммата. Дьиҥэ, төрөппүт көнөр суолга турдаҕына, иитэр дьиэттэн докумуон хомуйсан, быраабын сөргүтэн оҕотун төнүннэриэн сөп. Эпиэкэ салаата тулаайах оҕону иитэ ылар дьиэ кэргэни кытта дуогабар түһэрсэр. Кинилэр тулаайах оҕону быстах кэмҥэ иитэ ылаллар. Бэлиэтээн эттэххэ, хас биирдии улуус эпиэкэлэрин салаатыгар дааннайдар баазалара диэн баар. Манна оҕо иитиэн баҕалаахтар хандьыдаат быһыытынан тураллар. Тулаайах хаалбыт оҕону аймахтара, чугас дьоно ылбатахтарына, уочаракка турбут ыалга ииттэрэ биэрэбит. Ииттэрэ биэриэх иннинэ бу дьон социальнай балаһыанньатын, үлэтин-хамнаһын, сууттана сылдьыбытын суоҕун барытын бэрэбиэркэлиибит. Оҕо ийэ, аҕа тапталын билэн улаатыахтаах. Ол эрээри бу биһиги улууспутугар сэдэх көстүү. Бэйэбит улууспут оҕолорун атын улуус дьонугар ииттэрэ биэрбэппит.
Аһыы утахтан дьиэ кэргэн олоҕо ыһылынна
Таатта улууһун үлэ уонна социальнай көмүскэл управлениетын салайааччыта Михаил Петрович Тарасов:
– Биһиги улууспутугар саастарын ситэ илик оҕолор дьыалаларынан дьарыктанар хамыыһыйа баар. Бэрэссэдээтэлинэн улуус баһылыгын солбуйааччы Алена Гаврильевна Гуляева буолар. Сэкирэтээр Афанасий Дмитриевич Местников. Ону сэргэ бары уорганнар, полиция, балыыһа, култуура, социальнай, успуорт, уйулҕа киинэ, үөрэх управлениета бары бу хамыыһыйаҕа киирэн 120 №-дээх федеральнай сокуоҥҥа олоҕуран үлэлиибит. Бэлиэтээн эттэххэ, бу (КДН) саастарын ситэ илик оҕолор дьыалаларынан дьарыктанар хамыыһыйа үлэтин сорох төрөппүттэр өйдөөбөттөр. Дьүүллэнэр сир курдук өйдүүллэр. Биһиги хамыыһыйабыт сэрэтэр үлэни ыытар уонна оҕолор көмүскэллээх буолалларын туһугар үлэлэһэр. Министиэристибэбит иһинэн үлэлиир «Эрэл” чөлүгэр түһэрэр киин дьиэ кэргэттэри кытта күүскэ үлэлэһэр. Дьиэ кэргэҥҥэ ийэ, аҕа тэҥҥэ иһэриттэн дьиэ кэргэн ыһыллар. Төрөппүт бырааба быһылыннаҕына, бу ыал оҕото иитэр дьиэҕэ барар дьылҕаланар. Бу икки оҕолоох ыал туһунан этэр буоллахха, кинилэр дьыалалара биһиэхэ, хамыыһыйабытыгар элбэхтэ көрүллүбүтэ. Олохторун ыһыллыыта харахпыт ортотугар барда диэххэ сөп. Ыал олоҕо алдьанара дөбөҥ. Бары кыахпытынан үлэлэстибит. Онон билиҥҥи туругунан дьиэ кэргэн аҕата эрэ төрөппүт быһыытынан бырааптаах сылдьар. Кини бэйэтин дьонугар оҕолорун илдьэ атын улууска көһөн барда. Биһиги өттүбүтүттэн оҕолорго көрүллэр төлөбүрү хамыыһыйа быһаарыытынан аҕаҕа көһөрдүбүт. Ийэлэрэ күн бүгүн көнөр суолу була илик. Уопсайынан эттэххэ, маннык түгэҥҥэ күүс-көмө өйөбүл элбэх. Уустук балаһыанньаҕа түбэспит дьиэ кэргэҥҥэ утары баран көмөлөһөр кыахтаахпыт. Ол эрээри, аһыы утахха умсубут төрөппүт көнөр суолга бэйэтин өйүнэн-санаатынан сатаан тиийбэтэҕинэ, эмсэҕэлээччи оҕолор эрэ буолаллар. Кэнники кэмҥэ дьиэ кэргэн туруктаахтык олороругар элбэх босуобуйа көрүҥэ баар. Бэйэ дьыалатын тэриниэн баҕарар дьоҥҥо социальнай хантараак да баар. Киһи олоххо көнөр суолга турарын бэйэтэ өйдүөхтээх. Хаһыат, социальнай ситим араҥатыгар маннык сырдатаргыт наада дии саныыбын. Тоҕо диэтэххэ, дьон-сэргэ билиэхтээх. Оҕо көмүскэлэ суох уустук балаһыанньаҕа хаалбатын туһугар бары тэҥҥэ үлэлэһиэхтээхпит, кыһаныахтаахпыт.
Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ буруйу оҥоруу түөрт түбэлтэтэ тахсан, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар ылылынна. Нам улууһугар Бүтэй…
Бүгүн Энэргиэтик күнэ бэлиэтэнэр. Бу бэлиэ күнүнэн Ил Дархан Айсен Николаев энэргэтиичэскэй тиһик үлэһиттэрин, бэтэрээннэрин…
Элэктэриичэстибэ уотуттан, ититииттэн биһиги олохпут быһаччы тутулуктаах. Онон, Саха сирин курдук тыйыс усулуобуйалаах дойдуга энэргиэтикэ …
Бу күннэргэ Сунтаар улууһун Элгээйи нэһилиэгин Уйбаан Нуолур аатынан модельнай бибилэтиэкэҕэ үгэс буолбут сылын аайы…
Бүгүн, ахсынньы 22 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ арҕаа, соҕуруулуу-илин, соҕуруу өттүгэр кыралаан хаардыаҕа, киин оройуоннарга сорох сиринэн…
Бүгүн Саха цииркэтигэр сылга биирдэ ыытыллар дьоро күн буолла – Ил Дархан үгэскэ кубулуйбут Харыйата.…