Салгыы
Төрөппүт кэмитиэтэ харчы хомуйар бырааптаах дуо?

Төрөппүт кэмитиэтэ харчы хомуйар бырааптаах дуо?

18.10.2023, 19:00
Хаартыска: Мария Васильева, СИА.
Бөлөххө киир:

Түннүк сабыытыгар, кылааһынан тэрээһиҥҥэ барарга, кылаас иһигэр ыытыллар тэрээһиннэргэ төрөппүт кэмитиэтэ ийэлэртэн, аҕалартан харчы хомуйар. Бу төһө сөптөөҕүй?

Объясняем.РФ саайтка: “Үөрэх туһунан” сокуон төрөппүттэр көҕүлүүр бөлөҕү тэрийэн түмсэллэригэр быраап биэрэр, ол эрээри, ханнык боппуруоһунан дьарыктаныахтаахтара быһаарыллыбатах. Онон туспа аактанан оскуолаттан, төрөппүттэр түмсэр балаһыанньаларын уонна боломуочуйаларын испииһэгин быһаарарыгар көрдөһөр  ордук”, — диэн суруллар.

Харчыны докумуона да суох биэрдэххитинэ тэрийээччилэри кытта тылынан дуогабар түһэрсэҕит, онон туттарыллыбыт үп ханна, туохха ороскуоттаммытын ыйыталаһыаххытын сөп. Аныгы кэмҥэ харчыны тутар төрөппүт сылга биирдэ-иккитэ хайаан даҕаны отчуоттуур, итиннэ туох даҕаны мөккүөр тахсыан сатаммат.

Бу тэрээһиннэргэ харчы биэримиэхпин сөп дуо? Тустаах саайтка ыйылларынан төрөппүт харчы биэримиэн сөп эбит. “Төрөппүт кэмитиэтин чилиэннэригэр биэрэр төлөбүр барыта баҕа өттүнэн. Өскөтүн эһиги харчы биэрбэтэх, онтон сылтаан эһиги оҕоҕутун сирэй-харах анньар эбэтэр туох эрэ быраабын быһар түгэннэригэр дириэктэргэ үҥсүҥ. Өскөтүн бу көмөлөспөтөҕүнэ – Сырдатыы министиэристибэтигэр эбэтэр борокуратуураҕа”, — диэн быһаарыллар.

Манна даҕатан эттэххэ, уонча сыллааҕыны уонна билиҥҥи кэми тэҥнээн көрдөххө, букатын атын хартыына. Урут оннооҕор өрөмүөҥҥэ, ону ааһан, киирэр ааҥҥа олорор харабылы хамнастыырга кытта төлөтөр этилэр. Кэлин дьон бэйэтин быраабын билэр, туруорсар. Ол эрээри, ама, төрөппүт оҕоҕор, киниэхэ анаан ыытыллар тэрээһиҥҥэ, бириискэ хайдах харчы биэримиэххэ сөп эбитэ буолла…

+1
8
+1
5
+1
0
+1
0
+1
1
+1
2
+1
2
Бары сонуннар
Салгыы
25 ноября
  • -27°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: