Тылга судаарыстыба сыһыана
Бэҕэһээ, сэтинньи 21 күнүгэр, буолан ааспыт Тыл сүбэтин киэҥ ыҥырыылаах мунньаҕа хаһааҥҥытааҕар даҕаны сэргэхтик ааста.
Мунньахха оҕолорбут сахалыы саҥарбат буолан эрэллэрэ, төрөппүккэ болҕомто ууруллуохтааҕа үгүстүк ахтылынна. Саха тылын, литературатын уонна култууратын учууталларын II өрөспүүбүлүкэтээҕи сийиэстэрин быһаарыытын ситэриилээх былаас булгуччу болҕомтоҕо ылыахтааҕын эттилэр. Ол туһунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын Тылы сайыннарар сүбэтин, Саха тылын хамыыһыйатын сүрүннээччитэ Николай Павлов-Халан санаатын маннык үллэстэр:
— Тылбыт сүрүн кыһалҕата, туох да диэбит иһин, судаарыстыба сыһыаныгар сытар. Судаарыстыба баардылыыр тыла туттуллар буолар, ол аата төрөппүт ол тылы эмиэ туһалааҕынан ааҕар, оҕотугар баҕардын-баҕарбатын син биир иҥэрэр. Оттон судаарыстыба иккис суортаах тылынан ааҕар тылын төрөппүт оҕотугар саараама иҥэриэ суоҕа.
Биһиги Ил Дархаммыт ону өйдөөн төрөөбүт тылга суолта куруук биэрэрэ — бу сүдү көстүү. Биһиги билигин урукку үөрэх миниистирин Николай Иванович Шарины тоҕо өрө тутабытый? ССРС саҕана сахатын тылын көмүскэспитин иһин. Ону таһынан оччотооҕуга Саха АССР-ы салайан олорбут Гавриил Иосифович Чиряевкэ махтаныах кэриҥнээхпит. Оннооҕор итинник уустук кэмнэргэ биһиги салайааччыларбыт бэйэлэрин харыстаабакка омуктарын көмүскүүллэрэ. Гражданскай сэрии кэнниттэн олоҥхону көмүскээбит өрөспүүбүлүкэ салайааччытын Ойуунускайы, Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр уонунан тыһыынчанан саханы өлөр-өлүүттэн быыһаабыт Илья Егорович Винокуровы саныаҕыҥ! Ол иһин баҕар “тойону-хотуну отунан-маһынан оҥорбоккун” диэн өс хоһоонун өрө тутарбыт буолаарай, дии саныыбын…
Түгэнинэн туһанан, саха тылын учууталларын иккис сийиэһин кыттыылаахтарыгар баҕа санаабын тиэрдэбин: кытаатан бу күннэргэ күүскэ үлэлээҥ, санааҕытын этиниҥ, уопуккутун үллэстиҥ, уонна дойдугутугар күүстээх санааны илдьэ барыҥ, нэһилиэктэргитин, улуустаргытын, куораттаргытын сэргэхситиҥ, саха тыла дьиҥнээхтик туттуллар уонна ытыктанар тыл буоларыгар сыраҕытын харыстаамаҥ!
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: